“Демография” бырайыак: сыллааҕы түмүктэр

11.02.2020
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр «Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн, 5 эрэгийиэннээҕи бырайыак үлэлиир. Бу бырайыактарынан үп-харчы кэлэр, онон үлэ-хамнас барар, сайдыы суола торумнанар. Дьэ, ааспыт сылга туох үлэ ыытыллыбытый?

2019 сылга “Демография” бырайыак уопсай үбүлээһинэ 4,535 миллиард солкуобай (федеральнай бүддьүөттэн – 3,5 мил­лиард, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 1, 035 миллиард солкуобай) этэ.

edersaas.ru

Ааспыт сылга “Демография” бырайыак көмөтүнэн 7 социальнай эбийиэги тутуу, 5 социальнай эби­йиэги атыылаһыы былааннаммыта. Ол түмүгүнэн, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Нам, Таатта, Хаҥалас улуустарыгар 5 оҕо уһуйаана тутулунна. Ньурбаҕа, Сунтаарга уопсайа 708,7 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 2 оҕо уһуйаана быйыл киириэ. Эһиил Бүлүүтээҕи психоневрологическай интэринээт тутуллан бүтэрэ былааннанар (514,4 мөлү­йүөн солкуобай).­

Чурапчы улууһугар 2, Томпо улууһугар 1, Дьокуускайга 2 дьиэни оҕо уһуйааныгар анаан атыыластылар.

Сиһилии эрэгийиэннээҕи бырайыактар үбүлээһиннэрин, үлэҕэ киириилэрин ылан көрүөххэ.

“Оҕо төрөөтөҕүнэ, дьиэ кэргэттэри өйөөһүн”

Бу бырайыакка – 1, 951 миллиард солкуобай (федеральнай бүддьүөттэн — 1,455 миллиард, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн — 495,2 мөлүйүөн солкуобай) көрүллүбүт.

Төрөөһүн коэффициена (төрүүр-ууһуур саастаах дьахтарга тиксэр оҕо ахсаана) 2018 сылга 1,85-кэ тэҥнэспитэ. Эрэгийиэҥҥэ демография туругун сүрүннээн бу коэффициенынан быһаараллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга төрөөһүн коэффициенын 2,34-кэ тиэрдэр сорук турар. Ол эрээри бу кыаллара уустугурар – 90-с сыллардааҕы “демография дьааматын” содула биллэн эрэр. Онон дойду үрдүнэн нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйыы турар. Төрөөһүнү элбэтээри судаарыстыба араас миэрэлэри ылынар – бастакы оҕоттон саҕалаан, элбэх оҕолоохторго көмө көрүллэр. Бу бырагырааманан бастакы, иккис, үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорго төлөбүрдэр, барыта 5 көрүҥ миэрэ төлөнөр. Сатаан оҕоломмот дьахталларга “ЭКО” ньыматынан хат буоларга көмө эмиэ бу бырагырааманан үбүлэнэр.

“3-гэр диэри саастаах оҕо үөрэнэригэр усулуобуйаны оҥоруу”

Барыта 1,439 миллиард солкуобай (федеральнай бүддьүөттэн – 1,156 миллиард солкуобай, өрөспүүбүлүкэттэн — 282,7 мөлү­йүөн солкуобай) көрүллэр.

Бу бырагырааманан маннык үлэ ыытыллыбыт: кырачааны 2 ыйыттан 3 сааһыгар диэри көрүүгэ-истиигэ анаан 5 оҕо саада тутуллубут, 3 оҕо саадын дьиэтэ атыылаһыллыбыт. Үбүлээһин уопсай суумата — 730,7 мөлүйүөн сол­куобай.

Ону тэҥэ, 1,5-3 саастаах оҕолорго анаан 2 дьиэ атыылаһыллыбыт, 2 дьиэни тутуу саҕаламмыт. Үбүлээһинэ — 489,5 мөлүйүөн солкуобай.

Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1,5-3 саастаах оҕо оскуола иннинээҕи тэрилтэнэн хааччыллыыта 72%-ҥа тэҥнэһэр. Өссө “3 ыйдаах оҕолору кытта көрөр-истэр дьааһылалары элбэтиэххэ” диэн Владимир Путин этэн турар. Онон чугастааҕы сылларга дьааһылалары, оҕо саадтарын тутуу, бэлэм дьиэлэри атыылаһыы боппуруоһа болҕомто күөнүгэр сылдьар.

“Аҕам саастаах көлүөнэ”

Бырайыакка уопсайа 537,7 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт (федеральнай бүддьүөттэн – 325 мөлүйүөн солкуобай, өрөспүүбүлүкэттэн — 212,4 мөлү­йүөн солкуобай).

Эрэгийиэннээҕи бырайыак сүрүн сыала – киһи орто сааһын уһатыы, аҕам саастаах дьоҥҥо көмөлөһүү, олохторун чэпчэтии. Ол чэрчитинэн, 2019 сылга 23 мобильнай биригээдэ тэриллэн, 14 анал массыына атыылаһыллыбыт. Бу массыыналарынан түгэх дэриэбинэлэргэ олорор кырдьаҕастары улуус киинигэр, балыыһаларга таһаллар. Маны таһынан федеральнай бүддьүөттэн 8,5 мөлүйүөн солкуобай көрүллэн, 9 массыынаны эбии атыыласпыттар.

5,2 тыһыынча аҕам саастаах, үлэлиир кыахтаах дьоҥҥо пневмоккок ыарыыны утары быһыы оҥоһуллубут. Биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах 900-чэ киһи эбии үөрэнэн, идэ ылбыт.

“Спорт – олох нуормата”

Бу бырайыакка барыта 606,7 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт (федеральнай бүддьүөттэн — 562,2 мөлүйүөн солкуобай, өрөспүүбүлүкэттэн  — 44,5 мөлү­йүөн солкуобай).

Бырайыак 2024 сылга физкултууранан, маассабай спордунан дьарыктанар дьон ахсаанын 55%-ҥа тиэрдэр соруктаах. 2019 сылга олимпийскай эрэл училищетыгар саҥа спортивнай тэриллэри, тус­таах тэрилтэлэргэ футбол былаһааккаларын кэмпилиэгин, 14 улууска “ГТО” кииннэригэр анал былаһааккалары атыыласпыттар.

“Уопсастыба доруобуйатын бөҕөргөтүү”

Киһи олоҕун уһуна доруобу­йатыттан быһаччы тутулуктаах. Чөл олоҕу тутуһар, аһын-үөлүн көрүнэр, хамсанар-имсэнэр, физкултууранан дьарыктанар, кыра ыарыытын бычыгыраппакка эмтээн иһэр киһи үйэтэ уһуур, олоҕун таһыма тупсар.

2024 сылга бу бырайыак чэрчитинэн ыытыллар үлэ түмүгүнэн, чөл олоҕу тутуһар, доруобуйаларын көрүнэр дьон ахсаана элбиэхтээх.

Саха сирэ 2019 сылтан “Уопсастыба доруобуйатын бөҕөргөтүү” пилотнай бырайыакка хапсар эрэгийиэннэр ахсааннарыгар киирдэ. Манна “Мэдиссиинискэй профилактика өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин” иһинэн Уопсастыба доруобуйатын эрэгийиэннээҕи киинэ тэриллэн үлэлиэхтээх.

Ону тэҥэ, бырайыакка “Хоту дойдуга эр дьон доруобуйата, уһун үйэлэниитэ” бырагыраама киирэн биэрдэ.

Быйылгы былааннар

2020 сылга “Демография” национальнай бырайыагынан өрөспүүбүлүкэҕэ 6,9 миллиард солкуобай көрүллэн турар. Ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн – 5,9 миллиард солкуобай, өрөспүүбүлүкэттэн – 964 мөлү­йүөн солкуобай.

Бу суума туохха тыырыллыай? Ити биэс бырайыак үлэтэ салгыы ыытыллар.  2020 сыл устата 14 тыһыынча кэриҥэ дьиэ кэргэн оҕо төрөөбүтүнэн араас кээмэйдээх төлөбүрдэри ылыахтара.

Оҕо көрөн олорор ийэлэргэ анкета толорторон, 400-чэкэ дьахтар эбии үөрэнэн, идэ ылыан баҕалааҕын биллэрбит. Онон 300-тэн тахса дьахтары эбии үөрэтиэхтэрэ. 693 миэстэлээх 4 оҕо саада тутуллуо.

“Аҕа саастаах көлүөнэ” бырайыагынан Бүлүүтээҕи психоневрологическай интэринээт дьиэтин тутуу салҕаныа. Ону тэҥэ, Өлүөхүмэҕэ кырдьаҕастар, инбэлииттэр стационарнай социальнай хааччыллыыларыгар анаан 200 миэстэлээх куорпуһу тутуу саҕаланна.

“Уопсастыба доруобуйатын бөҕөргөтүү” бырайыак чэрчитинэн, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, интэриниэт нөҥүө сырдатар-өйдөтөр үлэ ыытыллыбыт. Уопсастыбаннай доруобуйа кииннэрэ диэн баар буолуохтара. 3 улууска дьон доруобуйатын бөҕөргөтөр муниципальнай бырагыраама, 3 тэрилтэҕэ корпоративнай бырагыраама үлэлиэхтэрэ.

Быйыл 1 спортивнай эби­йиэк тутуллуохтаах. Хоккейдыырга аналлаах тэриллэри атыылаһыахтара. “ГТО” кииннэригэр анаан 8 спортивнай былаһаакка оҥоһуллуо.

“Демография” бырайыак – дойду сайдыытыгар тыын суолталаах бырагыраама. Эрэгийиэннэргэ хайдах үлэлиириттэн олохпут-дьаһахпыт таһыма, кэлэр көлүөнэ бигэ турук­таах буолара тутулуктаах.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0