“Демография” бырайыагынан Намҥа уһуйаан тутуллуоҕа

Бөлөххө киир:

Ахсынньы 22 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр 240 миэстэлээх уһуйаан дьиэтин бастакы сыбаайатын түһэрдилэр. Улууска “Демография” бырайыак чэрчитинэн, номнуо 98 миэстэлээх уһуйаан (Нам с.), 240 миэстэлээх оҕо саада Кириэс Кытылга тутуллубуттара.

— “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ 200-тэн тахса миэстэлээх оҕо саадтара тыа сиригэр тутуллар кыахтаналлар. Онон оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору хаачыстыбалаах иитиинэн-үөрэтиинэн хабар кыах үөскүүр. Уһуйааҥҥа уочарат суох буолухтаах. Ханна олороллоруттан тутулуга суох, оҕолор үчүгэй усулуобуйаҕа улаатыахтаахтар, — диэн Айсен Николаев эттэ.

240 миэстэлээх оҕо саадыгар “кустук”, “Кэнчээри”, “Кэскил” уһуйааннар көһөн кэлиэхтээр. Бу уһуйааннар билигин эргэ, хаарбах дьиэлэргэ бааллар.

Саҥа уһуйаан дьиэтин тутуу саха норуотун чулуу уола, судаарыстыбаннай диэйэтэл Максим Аммосов төрөөбүт күнүгэр саҕаламмыта бэлиэ суолталаах. 2022 сылга Нам улууһугар Остуолба сэлиэнньэтигэр 75 миэстэлээх, Партизаҥҥа 98 миэстэлээх, Хатаска 75 миэстэлээх оҕо саадтара тутуллаллара былааннанар.

Санатар буоллахха, 2019-2021 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 5749 миэстэлээх 43 оҕо саада тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Мантан 1810 миэстэ – 3 сааһын туола илик оҕолорго аналлаах. 2024 сыл бүтүөр диэри 1,5-3 саастаах оҕолор бары уһуйааҥҥа миэстэнэн хааччылыахтаахтар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0