Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин дьиэтигэр Бааһынай хаһаайыстыбалар уонна тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин ассоциациятын кэбиниэтигэр АККОР ХХI сийиэһигэр сылдьан кэлбит дэлэгээттэри кытары көрсүһүү бэрт истиҥник-иһирэхтик тэрилиннэ.
edersaas.ru
Сийиэс чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ дэлэгээттэрэ мунньаҕы таһынан, Тула уобалаһыгар хас даҕаны хаһаайыстыбаҕа сылдьыбыттар.
—Итиччэ ыраах сиргэ элбэх буолан уонна сүрүннээн эдэр бааһынайдары илдьэ тиийэн баран, оннооҕу хаһаайыстыбалар үлэлэрин-хамнастарын билсибэккэ, уопут атастаспакка кэлэрбит сатаммат, — диир АККОР Бэрэсидьиэнэ Александр Артемьев. – Ол иһин, АККОР Тулатааҕы салаатын кытары кэпсэтиһэммит, бу уобаласка тыа хаһаайыстыбатын туругун билистибит. Тула уобалаһа чуолаан сиртэн үүнээйини ылыыга идэтийэр, хаһаайыстыбалар сүрдээх киэҥ-куоҥ сиргэ үлэлиир, баһархай үүнүүнү ылар эбиттэр. Бу ааспыт 2019 сылга рапсы үүннэриигэ эрэгийиэн Киин федеральнай уокурукка бастаабыт, оттон Арассыыйа үрдүнэн үһүс миэстэни ылбыт.
Амма бааһынайа Александр Фомин АККОР сийиэһигэр өссө аҕыс сыллааҕыта сылдьыбыт. Быйылгы сийиэс ким баҕарар интэриэһиргиир кыһалҕатыгар ыйытыы биэрэн, тустаах министиэристибэ да, «Россельхозбаан» АУо даҕаны сирэй салайааччыларыттан чопчу харданы ыларынан уратыланна диэн бэлиэтиир. Хонтуруоллуур-кэтээн көрөр уорганнарга сыһыаннаан киэҥ кэпсэтии таҕыста, холобур, соҕуруу сибиэһэй ноһуому туттуу төрүт бобуллубут, онон ноһуому бааһынаҕа уоҕурдуу быһыытынан киллэрэр хаһаайыстыбалар маны учуоттуурбут наада буолсу диир. Тулаҕа, Веневскэй оройуоҥҥа “Ким фермерэ” кэпэрэтиипкэ, Николай Быков хаһаайыстыбатыгар уонна Заокскай оройуоҥҥа “Элита” бааһынай хаһаайыстыбаҕа сылдьыбыттарын, «Россельхозбаан» АУо салаатын кытары хайдах үлэлииллэрин көрбүттэрин-истибиттэрин, элбэҕи билбиттэрин кэпсээтэ. Култуурунай дьаһал быһыытынан, Куликово хонуутугар, Ясной Полянаҕа экскурсия тэриллибитин, Тула кириэмилин уонна аатырбыт самабаар мусуойун көрбүттэрин эттэ.
—Мин АККОР сийиэһигэр үһүс төгүлбүн сырыттым, — диир Томпо улууһун бааһынай хаһаайыстыбаларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Маргарита Охлопкова. — Сийиэс бырагыраамата бэрт киэҥ, мунньаҕы таһынан хаһаайыстыбаларга сылдьыбыппытын ордук астынным. Дьоҕус хаһаайыстыбалар бииргэ түмсэн үлэлииллэрин ордук сөхтүм уонна биһирээтим. Ол курдук, баазалара чугас-чугас турар уонна бородууксуйаларын кииннээн батарар эбиттэр. Биир маҕаһыыҥҥа үүттэн саҕалаан оҕуруот аһын арассаадатыгар тиийэ атыылыыллар. Иллэрээ сыл Тверь уобалаһыгар сылдьан көрдөхпүтүнэ, эмиэ оннук дьаһанан олорор этилэр, өссө сорох хаһаайыстыбалар астыыр сыахтара хотоннорун кытары холбуу турара. Оттон биһиэхэ хаһаайыстыба ахсын туспа маҕаһыын, астыыр сыах хотонтон ыраах турара ирдэнэр, аны үүт аһы кытары атын көрүҥ ас бииргэ атыыланыа суохтаах дэнэр.
Хонтуруоллуур уорганнарбыт тоҕо эрэ олус кытааталлар уонна ол үлэни-хамнаһы наһаа атахтыырын өйдүөхтэрин баҕарбаттар. “Ким фермерэ” кэпэрэтиип технологтара сыыры оҥоруу туһунан кэпсээтилэр, онон икки эдэр фермер кыыспыт, Амматтан уонна Хаҥаластан тиийбит дэлэгээттэр, бэйэбитигэр маннык сыаҕы арыныахпыт диэннэр, икки хонукка эбии үөрэнэ хааллылар. Ити курдук, маннык сырыылар олус туһалаахтар, биһигини кытары быйыл элбэх эдэр бааһынай хаһаайыстыба баһылыктара барсыбыттара, кинилэр дьэ, элбэҕи билэн-көрөн, уопут атастаһан, харахтара аһыллан кэллэ. Онон, тыа сиригэр үлэлиир-хамсыыр бааһынайдары түмэн, сийиэскэ улахан дэлэгээссийэ барыытын тэрийбитин иһин үрдүкү салалтабытыгар бааһынайдар барыбыт ааппытыттан махтанабын!
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru