Бадаҕа, былырыын этэ дуу, киин тэлэбиидэнньэнэн үстүү-түөртүү сыыппаралаах чыыһылалары калькулятордааҕар түргэнник өйүгэр лабырҕаччы суоттуур уонна хараҕынан көрөн массыына чааска хас килэмиэтири баран иһэрин быһаарар, көннөрү киһиттэн эрэ ураты оҕолору көрдөрбүттэрэ. Кэлин билбитим, ол оҕолор ментальнай арифметиканан дьарыктаналлар эбит.
Аҕыйах сылтан бэттэх “ментальнай арифметика” диэн тылы элбэхтэ истэр буоллубут. Төһө көмөлөөҕүй? Оскуола бырагырааматыттан туох уратылааҕый? Оҕо хас сааһыттан дьарыктанара ордугуй? Итинтэн да атын, төрөппүттэр ордук сэҥээрэр ыйытыыларыгар хоруйу ылаары “Абакус” эрэгийиэннээҕи киинин дириэктэриттэн, уһун кэм устата учууталынан үлэлээбит үгүс уопуттаах Наталья Потаповаттан туоһуластым.
Ментальнай арифметика диэн тугуй?
— Наталья Михайловна, ментальнай арифметика диэн тугуй? Кырдьыгын эттэххэ, үгүс төрөппүт тугун-ханныгын үчүгэйдик билбэт.
— Ментальнай арифметика – оҕо өйгө суоттуур дьоҕурун сайыннарар анал методика. Математика биир салаата — ахсаан (устный счет). Түөрт сүрүн дьайыыны — эбиини, көҕүрэтиини, төгүлү, түҥэтиини бастаан утаа үөрэтэбит. Онон, ментальнай арифметика, киэҥ өйдөбүллээх математика наукатын биир салаата буолар. Кини кистэлэҥэ — оҕо тарбаҕар. Учуонайдар тарбах мэйиини кытта ыска ситимнээҕин дакаастаан тураллар. Мэйии эмиэ былчыҥ кэриэтэ эрчиллэр. Төһөнөн элбэхтик тарбахтарбытын хамсатабыт да, соччонон мэйии сайдан, толкуйдуур дьоҕурбут күүһүрэр уонна элбэх барыйааны түргэнник тэҥинэн быһаарарга, онтон сөптөөҕүн талан ыларга үөрэтэр. Холобура, биһиэхэ абакус диэн суот баар. Били, маҕаһыын былыргы суотугар майгынныыр. Атына диэн, сытыары уонна кэрдиис аайы уоннуу буолбакка, биэстии туорахтаах. Инньэ гынан, оҕо төттөрү-таары хатайдыырыгар бэрт судургу. Элбэҕи эридьиэстии сатаабат. Суот формулаларга олоҕурар. Ол формулалары өйдөөтөхтөрүнэ, биир да, алта даҕаны бэлиэлээх чыыһылалары толору суоттуур кыахтаналлар. Биир сыл устата аҥаардастыы эбэбит–көҕүрэтэбит, формулалары үөрэтэбит, түргэнник үлэлииргэ уһуйабыт.
Сүрүн үөрэхтэригэр хайдах көмөлөһөрүй?
— Оччоҕо аҥаардастыы эбиини, көҕүрэтиини эрэ эридьиэстээһин оскуолаҕа үөрэнэр атын биридимиэттэригэр хайдах көмөлөһөрүй, холобура, омук тылыгар?
— Оҕо тарбахтара төһөнөн түргэнник хамсыыллар да, соччонон толкуйдуур дьоҕура күүһүрэр. Биһиги нуучча, омук тылларын, оннооҕор математика тиэкиһинэн садаачаларын даҕаны суоттаппаппыт. Ол да буоллар, үөрэхтэригэр сыҕарыйыы, тупсуу бэлиэтэнэр. Ити быһаарыта бэрт судургу. Оҕо хараҕынан көрөн (зрительнай), истэн (слуховой), тарбаҕын иминэн (моторнай) өйгө тутар дьоҕурдара күүскэ сайдалларын кытта сибээстээх. Ону кытта сэргэ мэйиигэ барар анализ-синтез диэн уустук операциялар хаамыылара сайдар, чиҥиир. Түргэнник суоттуурун наадатыгар, кини чыыһыланы, сыыппараны чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр хараҕын быраҕан ылла да, тута абакуһугар хайдах тардылларын өйдүү охсуохтаах. Инньэ гынан сөптөөх эрчиллии суотугар, өйгө тутуута күүһүрэр, истибит информацияны сөпкө өйдүүр буолар уонна өр умнубат.
Хас биирдии оҕо — ураты
— Сорох учууталлар ментальнай арифметиканан суоттуу үөрэммит оҕо толкуйдуур, ырытан көрөр дьоҕура мөлтөх, уустук садаачалары кыайан суоттаабат диэн этэллэр.
—Кырдьык, “мин оҕом сылы быһа дьарыктанна даҕаны, хонтуруолунай үлэҕэ биэс сыананы ылбат” диир төрөппүттэр баар буолааччылар. Ол маннык. Маҥнай утаа кини садаачаны ыарырҕатар буоллаҕына син биир кыайан суоттуу охсубат. Тоҕо диэтэххэ, биһиги садаача суоттаппат буоллахпыт. Оҕоҕо, били, ментальнай сатабылы иҥэрэбит. Ол аата абакуһун көрбөккө олорон, тарбаҕын хамсатан, хараҕар сыыппаралары көрөр. Биһиги онно түргэн дьайыылары оҥорор кыаҕы үөскэтэбит. Түргэнник суоттуу үөрэниэр диэри уһун кэм барар. Өйгө тутар дьоҕура сайдыбыт оҕо түргэнник ылынар. Оттон оҕо тиэкиһинэн садаачаны суоттуур кэмҥэ, учуутала суот хаамыытын быһаарарын ситиһэн өйдөөн испэт буоллаҕына, уруок бүттэ да тугу истибитин умнан кэбиһэр. Сатаан сорудаҕын толорбот. Бу оҕо толкуйун хаамыыта бытаан, ол иһин ситиспэт. Ментальнай арифметика маннык оҕоҕо көмөлөһөр.
“Үчүгэй түмүгү 100 % көрдөрөллөр”
— Оччотугар төһө бириэмэ ирдэнэрий?
— Арааһынай. Бастакы син үчүгэй түмүктэри үс-түөрт ыйынан көрдөрүөхтэрин сөп. Сорох оҕо олус түргэнник ылынар, сорох оҕоҕо 10 ый ирдэниэн сөп. Ол гынан баран, үчүгэй түмүгү 100% көрдөрөллөр. Калькулятор курдук түргэнник суоттаабатаҕын да иһин, толкуйдуур дьоҕурун хаачыстыбата быдан тупсар. Эппитим курдук, анал бырагыраама баар. Ол бырагырааманы ким эрэ икки сылынан, ким эрэ үс сылынан бүтэрэр.
“Гений есть в каждом ребенке” диэн девизтээхпит. Төрөппүт оҕотун кытта интэриэһиргээн, күн аайы бириэмэтин аттаран дьарыктыыр буоллаҕына, ханнык баҕарар оҕо уһулуччу көрдөрүүлэри ситиһэр кыахтаах. Оҕо ол кыаҕын уһугуннарыахха, дьаныардаахтык күн аайы бириэмэ анаан дьарыктыахха эрэ наада.
Миэхэ оннооҕор анал оскуолаттан (спецшкола) биир оҕо кэлэн үөрэнэ сылдьыбыта. Бытааннык толкуйдуур, оскуола бырагырааматын атын оҕолору кытта тэҥҥэ ситиспэт, түргэнник сылайар, өйгө тутар кыаҕа мөлтөх этэ. Мин тустаах бырагырааманан оннук оҕолору кытта үлэлиир уопутум суох эрээри холонон көрүөхпүн сөп, ол гынан баран олус улахан ирдэбили туруорумаҥ диэн төрөппүттэрин тута сэрэппитим. Үөрэттим уонна ол оҕоттон бэйэм да соһуйдум. Маҥнай соҕотохтуу ситиһиннэрбитим, онтон уопсай бөлөх оҕолоругар киллэрэн эрчийбитим. Оҕолор улахан холобурдары наһаа түргэнник суоттуулларын көрөн баран миэхэ чэпчэкилэри биэримэ, кинилэр курдуктары биэр диэн эппитин иһин кыһалҕаттан улахан чыыһылаларга көһөрбүтүм. Сөҕүөм иһин, уолум үгүс оҕону ситэн ааспыта. Кылгас кэм иһигэр үчүгэй түмүгү көрдөрбүтэ.
Оҕоҕо барытыгар барсар бырагыраама дуо?
— Оччотугар тустаах бырагыраама барсар-барсыбат оҕолоох диэн этиэххэ сөп дуо?
— Уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар үөрэнэр оҕо 100 бырыһыан ылынар бырагыраамата. Бу оҕо тылга дьоҕурдаах, онон киниэхэ ментальнай барсыбат диир табыллыбат. Кини илиитэ тарбахтаах, тарбаҕа туорахтары сыҕарытар кыахтаах буоллаҕына ылынар. Бытааннык да буоллар син биир ылынар. Онтон кини түргэтиирэ дьиэтигэр төһө дьарыктанарыттан быһаччы тутулуктаах.
Азия дойдуларын кистэлэҥэ
— Наталья Михайловна, биһиэхэ, сахаларга тэлэбиисэргэ көрдөрөр калькулятор курдук түргэнник суоттуур оҕолор бааллар дуо?
—Уопсайынан, Азия дойдулара туох эрэ кистэлэҥнээхтэр быһыылаах уонна менталитеттара арыый атын. Төрөппүт уонна улахан киһи этиитэ кинилэргэ сокуон. Холобура, учуутал сорудах биэрдэ — сокуон. Хайаан даҕаны толорон төннөллөр. Учуутал нэдиэлэҕэ 1 күн үөрэтэр уонна 6 күннээҕитин дьиэтигэр толороругар биэрэр. “Эйиэхэ алта сирэйи биэрэбин, 1 сирэйин бүгүн булгуччу оҥоруохтааххын”, — диэтэҕинэ, хайаан да толорор эбит. Онтон биһиги менталитеппыт арыый атын. Биһиги сорудах биэрэбит. Оҕо: “Мин иллэҥ бириэмэм букатын суох, олус элбэх куруһуокка дьарыктанабын”, — диир. Эбэтэр: “Оҕом иккис симиэнэҕэ үөрэнэр, наһаа сылайбыта, ол иһин толорбото”, — диир ийэтэ. Бу алта күҥҥэ толоруохтаах дьарыгы (порция) ылар. Холобура, биир күн 1 сирэйи толоруохтаах. Итиннэ 20-30 мүн барар. Сорох оҕо мунньан кэбиһэн баран, үөрэнэ кэлиэн иннинээҕи эрэ күн сылайыар диэри түүннэри олорон оҥорор. Ол туох да туһаны аҕалбат. Тоҕо диэтэххэ, күн аайы дьарыктана сырыттахха мэйиигэ уустук нейроннай сибээстэр күн аайы үөскүү тураллар уонна чиҥ сибээскэ кубулуйан иһэллэр. Кинилэр бөҕө-таҕа буолууларыттан киһи өйүн үэтэ тупсар, сайдыы балысханнык барар. Күн аайы дьарыктамматахха ол сибээстэр быстан, сүтэн бараллар. Ол иһин ситиһии кэлэн испэт.
Саха оҕолорун ситиһиилэрэ
— Эһиги иитиллээччилэргит олимпиадаларга төһө кытталларый, миэстэлэһэллэрий?
— Былырыын маҥнай Москваҕа баран, норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиада диэн тугун оҕолорго көннөрү билиһиннэрэн кэлбиппит. Онтон сэтинньигэ Москваҕа буолбут олимпиадаҕа тоҕус оҕобуттан түөрдэ миэстэлэспитэ. Инньэ гынан 10 бастыҥ хамаанда иһигэр киирэн, Варшаваҕа норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадаҕа кыттар быраабы ылбыппыт. Варшаваҕа Ментальнай арифметика Европатааҕы олимпиадатыгар 7-9 саастаахтарга Артур Семенов иккис, 12-тэн үөһэ саастаахтарга Аурелия Корнилова үһүс миэстэлэммиттэрэ. Бу оҕолор иккис сылларын дьаныардаахтык дьарыктаналлар. Ол иһин ситиһиилэрэ үчүгэй. Быйыл сайын Орто Азия судаарыстыбаларын олимпиадатыгар Душанбеҕа кыттан кэллибит. Ситиһиибит олус үчүгэй. Түөрт оҕону илдьибиппиттэн 1, 2, 3, 4 миэстэлэри ылан үөрэн-көтөн кэлбиппит. Ситиһиибитин көрөн аны Малайзияҕа Куала Лумпур куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы олимпиадаҕа кыттар кыах биэрдилэр. Билигин онно бэлэмнэнэ сылдьабыт.
5 саастарыттан дьарыктаналлар
—Хас саастаах оҕолору ылаҕытый?
— 5-16 диэри ылабыт. Теория быһыытынан 4-тэн саҕалыыллар эбит. Биһиги 4 саастаах оҕону дьарыктаан көрбүппүт эрээри, онно үчүгэй бэлэмнэнии ирдэнэр. Кыраларга үөрэтэр ньыма (методика) арыый ураты. Билиҥҥитэ бэлэммит суох диэн түөртээхтэртэн аккаастаммыппыт. Оттон 5-6 саастаах оҕолор олус үчүгэйдик ылыналлар.
— Оччотугар оҕо суоттуур бэлэмнээх буолара ирдэнэр дуо?
— Ээ, суох. Оҕо уонна төрөппүт баҕата эрэ ирдэнэр. Бүттэ. Уонна оҕо доруобай эрэ буолуон наада. Кыраларга уруок биир чаас устата барар. 10 мүн. сынньаналлар уонна салгыы 30 мүн. дьарыктаналлар. Уруок оонньуу быһыытынан барар буолан букатын сылайбаттар, үөрэ-көтө үөрэнэллэр.
Кэпсэттэ Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru