Дьээдьэ туһунан

Ааптар:  Наталья Мордовская – Уйан Кут
Бөлөххө киир:

−Дорообо дьүөгээ! Кэпсээ, туох сонун?

− Кэпсээн кэмчи, арай, кэлэ сылдьарыҥ буоллар, син сэһэргэһиэ эбиппит буолуо.

− Бириэмэ булларбын тиийиэм этэ. Дьээдьэҥ бултуу бардаҕына ыҥыраар, хата.

− Дьээдьэҥ даа?! Ол дьээдьэм бултуу барара эн кэлэргин хайдах мэһэйдиирий? Бултуура да буолуо ээ, ол эрээри, ону билбэппин, дэҥ кэриэтэ төлөпүөнүнэн кэпсэтэбит.

− Бай! Төлөпүөнүнэн даа? Дэҥ кэриэтэ даа? Дьээдьэҕинээн төлөпүөнүнэн эрэ кэпсэтэр буолбуккут дуо?!

− Һа! Уонна хайдах кэпсэтиэхпитий? Аны сурук суруйар диэн умнуллубута ыраатта эбээт, төлөпүөн, бассаап барытын быһаарар.

− Тыый! Бэртээхэйдик олорбуттара, арахсан хаалбыттар дуу (ботугуруур). Бээрэ, дорогая, ол оннук буолбуккут ыраатта дуо?

− Хайдах буолбуппутун этэҕин?

− Оттон итинник… ыраахтан… дистанционно…?

− Бай! Оттон дэриэбинэтигэр олорорун тухары, ыраатта.

− Тыый! Барбыта олох ыраатта диэ, хайдах ону истибэккэ сылдьыбыппыный?

Оттон былырыын сайын төрөөбүт күҥҥэр баара дии.

− Бааллара, ойоҕунаан кэлэн эҕэрдэлээн, үөрэн-көтөн барбыттара. Барахсаттар!

− Барахсаттар даа?! Ойоҕунаан даа?! Ол ойоҕо «барахсаны» эмиэ ыҥыраҕын дуо?

− Бай! Тапталлаах саҥаспын ыҥырбакка?  Дьээдьэбин соҕотохтуу ыҥырыам дуо?

− Саҥаспын даа?! Дьээдьэҕин былдьатан баран, саҥас оҥостон маанылыы, ыалдьыттата сылдьаҕын дуо? Хайдах эрэ тётяҕын ээ…

− Тётяҕин диэ. Тётябин дуо? Мин дуо? Ээ, дьэ өйдөөрү гынным ээ, арааһа. Ити дьээдьэҥ да дьээдьэҥ диэн кими этэҕин, ээ?

− Кими этиэхпиний? Дьээдьэҕин этэбин.

− Чэ, оччоҕо дьээдьэм аатын эт, ким этэй?

− Бай! Ол дьээдьэҥ арахсан бараатын, атын дьээдьэлэнэ оҕустуҥ дуу, тугуй? Дьэ, тётя да, тётя эбиккин!

− Дьүөгээ, миигин тётя да тётя диир буоллаххына, арааһа эрбин дьээдьэҥ да, дьээдьэҥ, − диигин ээ, быһыыта. Айаалы этэҕин дуо? Баар суох тапталлаах эрбин, хоонньоһо сытар холоонноох доҕорбун? Ону мин абаҕабын ыйытар диэн кэпсэтэ олордоҕум үһү. Арай, абаҕам барахсаны оҕолорум дьээдьэбит, — диэн ааттыылар. Хотун дьүөгээм, олох сахалыы сатаан саҥарбат буолан хаалбыккын дуу, арааһа? Эр, ойох диэн буолабыт ээ, эрим Айаал хотун ойоҕо буоллаҕым дии. Өйдөөтүҥ дуо, ону маргынаал дьүөгээ?!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0