ДЬЭЭБЭ ДЬЭКИИМИ ДЬЭЭБЭЛЭЭБИТИМ

Ааптар: 
23.01.2022
Бөлөххө киир:

Чэ, былыр диэххэ, оонньоон диэн. Ээйиккэ (Өлөнүөк улууһугар) олорон, Дьэкиим Аппанааһыйабыс Силииппэп диэн саха тылын учууталын, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, кэрэ бэлиэ, дьээбэ кырдьаҕаһы кытта ааттааҕын диэн доҕордоһон сылдьыбытым.

Сааһыгар суос-соҕотох, дьоҥҥо
наһаа ымманыйбат, дьээбэтинэн хооботунан баппатах, үгэтин хоһоонун соччо дьон өйдөөбөт киһитэ этэ.
Аанньатыгар Дьээбэ Дьэкиим аатырыа дуо? Ол киһи дьиэтигэр бэрт ахсааннаах киһи киирэрэ. Оронун үрдүгэр батыйа уонна ойуун дүҥүрэ ыйанан турара. Уонна, тойон өһүөҕэ киһи чуучулата ынах ситии быатынан хабарҕатыттан ыйанан биэтэҥнии турара бастаан көрө түһэргэ дьулаана сүрдээҕэ. Дьэ, биирдэ, кэпсэтэ-ипсэтэ, тылбытынан тарбаһа, тыын таһаара, дьээбэлэһэ-хооболоһо киниэхэ кэллим. Оҕонньорум: «Ыалдьыппын аһатан-сиэтэн ыытабын», — диэтэ. «Чэ, бэрт, чэйдиэххэ», — онуоха көх-нэм буоллум. Мин көрдөхпүнэ, лаҕыай курдук кирдээх хобордооххо сылгы сыатын аҥаардастыы соркуойдаабыт. Эт көстүбэт. Кыра сыыҥка көстүрүүлэҕэ хортуоска буһарбыт. Дьэ туран, хаһыат ыскаачардаах остуолугар ас бэлэмнээтэ. Тута, үтэн-анньан көрөн, дьээбэтийэн эрэрин сэрэйэн, бэйэ бодобун тардынным. Киһим хортуоскатын түөрэтин хамыйаҕынан сылаастыы ныһыйан кээстэ. Луосканан ынах арыытын лөглөччү баһан ылан ньыһыллыбыт, итии паарынан бургучуйа турар хортуоппуйун бүрүөтүгэр бырахта уонна
туруору мээккэ саахарынан саахардаан кээстэ уонна илии кирдээх иһиккэ кутан былгытта. Үрдүгэр хобордоохтоох сыаны таҥнары тутан килбэһитэн
кэбистэ.
Иннибэр ылан уурда. Мин аккаастаныам дуо? Дьээбэм киирдэ:
«Хайа, мантыбытыгар туох эмэ тобох-ибэх суох дуо?» — диэтим. Соһуйда,
киһи эрэ буоллар. Ойон туран, ыскаабыттан иһит аҥаарын кыайар-кыайбат үрүҥ арыгылаах бытыылканы хостоото.
«Бу үнүр биир уулаах арыгыһыт
уоппун оҥорбута, ол тобоҕо баар, тыыннаах испиир, уулуубун дуо?»
— диэтэ. Ону мин: «Ар-дьаалы, эмиэ
тугун уутай-хаарай, тобоҕу баран», —
диэн хардардым. Киһим дьээбэҕэ тиллэн, үөрэн сэгэс гынна. Былыргы үйэтинээҕи кырыылаах, хороҕор үрүүмпэ
ылан иннигэр чуочаччы уурда. Ону: «Бу
да киһи, оҕоҕо-дьахтарга дылы үрүүмпэнэн чөкөөхтөтө олоруомуй? Ыл, хончоҕордо уур», — диэбиппэр Дьэкиим
бэрт дьээбэлээхтик, тугу эрэ этээри
гыммыт курдук, мин диэки көрдө.
Онтон киһим кыра чаай иһэр хончоҕору ылан «лис» гыннара остуолга
уурда. Тэриэлкэбэр бычалыччы, толору куттан кээстим да аһаан кимиритэн
киирэн бардым. Ол олорон ону-маны сэһэргэһэбит, айахпыт хам буолбат.
Иккитэ төхтүрүйэн испиирбин тыыннаахтыы кэтэн кээстим. Уурбут аһын «охсон кээһэн» баран, дьээбэбэр тэриэлкэтин салаан ньэлбээритэн баран:
«Ортоһуор соҕус остооллоох оҕонньор
эбиккин», — диэн сыана быһааччы буоллум.
Оҕонньорум, дьэ, бэркэ көнньүөрдэ.
Кэлин дьоҥҥо үгэргиир-хоһоргуур
аҥардаах кэпсиирэ иһиллибитэ: «Уол
оҕо уһук туйгуна диэн итинник буолуохтаах. Уохтаах арыгынан утахтаныахтаах, суон саалынан мохсуо
кэбиһиэхтээх», — диэн. Дьэ, итинник,
Дьээбэни дьээбэлээн турардаахпын.

Дьөгүөр ҺЭРЭМЭЭТ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0