Дьэдьэннээх сакалааты аммалар оҥороллор

Бөлөххө киир:

Биир дьаарбаҥкаҕа сылдьан, тупсаҕай хаалаах сакалааттары атыылыы турар кыыска түбэстим. Амма кыыһа бэйэтэ оҥорбут дьэдьэннээх, сугуннаах сакалааттарын атыылыы турар эбит.

Валентиналаах Игорь дьиэ кэргэн бизнеһин арыйар сыалтан, сайыны быһа дьэдьэни, сугуну хомуйан, барыанньалаан бэлэмнээбиттэр. Сакалаат оҥорор бородуукталарын сакаастаан, анал тэрил атыылаһан, оҥорон киирэн барбыттар. Иһигэр барыанньаны уган, сакалаат амтанын, өҥүн уларытан, «Минньигэс» диэн бэйэлэрэ туспа ураты бородууктаны айбыттар. Үс көрүҥ: “үрүҥ”, “хара” уонна “үүт булкаастаах” сакалааты туһаналлар. «Үрүҥ» сакалааты ас кырааскатынан өҥүн араастаан булкуйаллар, уларыталлар. Дьэдьэн, сугун барыанньатын таһынан, “карамель”, “нуга” начыыҥкалааҕы эмиэ оҥороллор. Оттон сакалаатын атыылаһалларыгар сыаната чэпчэкитин талан буолбакка, хаачыстыбалааҕы, үчүгэй амтаннааҕы ылаллар.

Сугуннаах сакалаат ураты амтаннаах. 

Ону тэҥэ, бу бородууксуйа “Саха сирин уонна Амма брендэ” буолар диэн санааттан, киһи кыбыстыбакка бэлэхтиир үчүгэй хаачыстыбалаах хоруопкалары дизайннаан, өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн сакаастаан ылаллар. Хомойуох иһин, маннык хоруопкалары Саха сиригэр оҥорботтор, эбэтэр бас быстар сыаналаах буолар. Хоруопкаҕа Амма ытык ымыыта – уот кыһыл сардаана сибэкки ойууламмыт. Валентина Сергеевна этэринэн, ыалдьыттар, туристар Саха сирин санатар гастрономическай сувенир, бэлэх быһыытынынан хамаҕатык атыылаһаллар эбит.

— Маннык амтаннаах сакалаат ханна да суох. Аммабыт минньигэс дьэдьэн барыанньатынан аатырар буоллаҕына, бородууксуйа көрүҥүн тоҕо кэҥэтэн испэппитий? Аныгы олох ирдэбилинэн, бородууксуйа тупсан, сайдан, кэҥээн иһиэхтээх дии саныыбын.  Сакалааппыт сибиэһэй буоларын туһугар тута оҥорон, атыылыыбыт. Интэриниэтинэн сакаас киирдэҕинэ, Амматтан Дьокуускайга таксинан ыытабыт. Бу дьаарбаҥкаҕа турдахпына, тэрилтэлэр, маҕаһыыннар бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн, бииргэ үлэлэһэргэ эттилэр. Онон сотору кэминэн Дьокуускайга биһиги бородууксуйабыт атыыга тахсыа диэн эрэнэбит, — диир Валентина.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0