Бүлүү Дьөккөнүгэр дьэдьэн үүннэрэллэр

16.10.2020
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһун Дьөккөн нэһилиэгэр Ионовтар дьиэ кэргэн оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктаммыттара ыраатта. Олус үлэһит, улахан хаһаайыстыбалаах Альбина, Уйбаан, Сидор Ионовтары уруккуттан билэбин. Күүстээх санаалаах эрэ киһи сыралаах үлэҕэ ылсар уонна онтун тиһэҕэр тиэрдэр.

Үс бииргэ төрөөбүт Ионовтар өлгөмнүк үүнэр оҕуруоттарын аһа улууска киэҥник биллэр. Хаһаайыстыбаларын хайысхалара кэҥээн, кэнники сылларга эбиэс бурдугу үүннэрэн, сиилэстээн, ыҥырыа тутан мүөт оҥорон, хайысхаларын кэҥэппиттэрин истибитим. Оттон бу соторутааҕыта Ионовтар дьэдьэн үүннэрэр буолбуттар үһү диэни истэн, тута си­­бээскэ тахсыбытым. Маннык хаһаайыстыбалаах дьону кытта кэпсэтии аҥаардас сырдатыы, хайҕааһын эрэ ­буолбакка, баҕалаах дьоҥҥо сүбэ-соргу буолан көмөлөһүө диэн санааттан суру­йарга сананным.

Биһиги, Саха сирин олохтоохторо, куруҥҥа, толооҥҥо үүнэр дьэдьэммит дыргыл сытыгар, кэмчи аһыгар үөрэммит буолан, дьэдьэни оҕуруокка үүннэрэри биирдэ эмит көрүөхпүтүн сөбө. Оттон Ионовтар үүннэрэ сорунан баран киэҥ сиргэ дьэдьэн угун олордон, дыргыл сыттаах хонуу дьэдьэнин нэһилиэк олохтоохторугар амсаппыттар.

Бүгүн Альбина Ионовалыын кэпсэттим. Кини сааһын тухары оскуолаҕа сала­йар үлэҕэ уонна өр сылларга нэһилиэк баһылыгынан үлэлээн олорбут киһи, сыралаах үлэттэн сынньалаҥы хаһаайыстыба хайысхатын хаҥатан, дьэдьэн курдук уустук көрүүлээх үүнээйигэ булбутун хайҕыы санаатым.

Мин билэрбинэн, хаһаайкалар оҕурсу, помидор, хортуоппуй олордон кыстыгы туоруур хаһаастарын булуннахтарына, олору кэнсиэрбэлээн, киэн тутта социальнай ситимҥэ тарҕаталлар. Оттон Ионовтар дьэдьэннээх хонууларын кыстатар күүстээх санаалара миигин чахчы, сөхтөрдө.

— Бэлэмнэнии үлэтэ хайдах барарый? Анал тэпилииссэ туттугут дуо?

— Биһиги дьэдьэни былырыыҥҥыттан олордон саҕалаабыппыт. Бастаан 500 угу олордон бо­­руобалаан көрбүппүт. Онтукайбытын таһырдьа кыстата хаалларбыппыт. Онтон 70% тыыннаах хаалбытын иһин хомуйан ыламмыт, быйылгы сайыҥҥа эмиэ олортубут. Онон быйыл тыһыынча угу сакаастаан, эбии олортубут. Онон дьэдьэн үүннэриитинэн иккис сылбытын дьарыктанабыт. Билигин дьэдьэммит угун хостооммут, кыһыҥҥыга бэлэмнии сылдьабыт. Анал кыстатар тэпилииссэ диэн суох. Сэбирдэҕин кырыйан, силиһин буоруттан арааран, тус-туһунан уоннуу устууканан мас дьааһыктарга уган, икки кыраадыс тымныыга кыстатар санаалаахпыт.

— Төһө үүнүүнү ыллыгыт бу сайын?

— Сайын устата дьэдьэннэрбит элбэх үүнүүнү биэрдилэр. Көрүүтэ улахан уустуга суох эбит, онон ханнык баҕарар дьиэ кэргэн үүннэриэн сөп. Биһиги сүрүннээн биэс араас суорду олортубут. Ол курдук, Сан Андриес, Альбион, Портолла, Биварима, Остара диэн. Балартан Эверли уонна Бива Рима кыра астаахтар эбит. Уоннааҕылар өлгөм, бөдөҥ астаахтар эбит. Саамай үүммүт кэмигэр дьэдьэммитин биэдэрэнэн хомуйдубут. Биир ук дьэдьэнтэн син элбэх ас кэлэр. Суордуттан улахан тутулуктаах. Иккилии хоно-хоно иккилии биэдэрэни хомуйан барыанньалаан, бэйэтинэн да атыылаатыбыт, бэйэбит да хото амсайдыбыт. Онон дьэдьэни үүннэрэр сүрдээх интириэһинэй эбит. Хонууга үүнэр дьэдьэннээҕэр аһа бөдөҥүнэн үчүгэй. Ол эрээри айылҕабыт барахсаҥҥа үүнэр хонуу дьэдьэнин дыргыл сыта туохха да тэҥнэспэт буоллаҕа.

— Уопсайынан, быйыл оҕуруот аһын үүнүүтэ хайдаҕый? Хаһаайыстыбаҕытыгар төһө үлэһиттээххитий?

— Биһиги сүрүннээн хаппыыста, хортуоппуй, моркуоп, сүбүөкүлэ олордобут. Онтон хаппыыста, хортуоппуй хомуллан тураллар. Бэйэбит былааннаабыт үүнүүбүтүн ылан астынан олоро­бут. Арбуз олорпуппутун атыы­лаабатыбыт. Сиэн оҕолорго сайыны быһа сиэттибит.

Сүөһү-ас тутар буоламмыт, икки ыанньыксыттаахпыт, биир тырахтарыыс, сылгыһыт, суоппар, уопсайа бырааттарбын кытта холбоон ­онуолар.

— Инники былааннаргыт?

— Инникитин дьэдьэммитин үүннэрэр санаалаахпыт. Эһиил эрдэттэн былааннанан, сайыҥҥы тэпилииссэ тутан, 300-түүнэн аҥаардаан, тыһыынча угу батарар санаалаахпыт. Сороҕо син биир таһырдьа үүнүөҕэ. Өссө саҥа ­суортары сакаастаатыбыт. Марадибуа диэн сүрдээх үчүгэй суорт баарын билэн, сакаас оҥордубут. Биһиги үүннэрбит дьэдьэннэрбит үксэ Италия дойдутун суортара буолаллар. Оттон кыстатар боппуруоһугар икки-биэс кыраадыс сөрүүҥҥэ, ыҥырыаларбыт кыстыыр дьиэлэригэр боруобалаан көрүөхпүт. Кыраадыс сөрүүнэ, биһиги саныахпытыгар, сөп түбэһэр курдук.

Бу соторутааҕыта Аҕам саас­таахтар күннэрин көрсө хас да куул хаппыыстаны босхо биэрдибит. Тыа хаһаайыстыбатын департамена кэлэн тиэйэн, Бүлүүгэ олорор, тыа хаһаайыстыбатын са­­лаатыгар өр сылларга үлэлээбит дьоммутугар түҥэппиттэр. Онон сүрдээх элбэх махтал тылларын истэн, үөрэн олоробут. Түмүкпэр этиэм этэ, тыа сиригэр олорор киһи сүөһү-ас, оҕуруот сирин оҥорон, тугу эрэ үүннэрдэҕинэ эрэ эбии дохуот булунар уонна кыстыыр аһылыгын көрүнэр кыахтаах.

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0