Урукку кэмнэргэ эти, арыыны, түүлээҕи бурдукка, таҥаска, табахха, саа сэбигэр мэнэйдэһэ диэн ааттаан ыраах үрэх баһын дьоно куоракка киирэн тахсаллара.
Ол туһуттан нэһилиэккэ эти, түүлээҕи хомуйан бараннар сыарҕалаах атынан кыайар-хотор, сырыыны сылдьар тоҥмот-хаппат эр бэртэрэ айаҥҥа сылдьаллара. Оччотооҕуга кыараҕас сыарҕа суолунан утары көрсө түспүт дьонтон саамай мургуннара, туруулара суолтан туораабат үгэстээхтэрэ. Тоҥуу хаары оймоон суолтан туоруур “чиэс” кыаммат, мөлтөх дьоҥҥо тиксэрэ.
Мин кэпсиир киһим Дьэбир Дьэкиим, кыайыылаах-хотуулаах, киириилээх-тахсыылаах эр бэрдэ, ыраах куоракка бараары тэринэр. Дьэбир Дьэкиим үйэтигэр оттоон-мастаан, сүөһү ииттэн, сорсуннаах булчутунан, харса-хабыра суоҕунан, күүстээҕинэн биллибит киһи. Бэйэтин кытта төрөппүт уолун Соппуруону уонна ыкса ыала Ыстапааны кытта бэдэрээттэһэн барарга сүпсүгүрүү бөҕө буолаллар. Уонча таһаҕастаах сыарҕалаах аттаахтар, аара көлөлөрүн хаптарар отторун эмиэ тиэйэн бараллар.
Айанныыр сирдэрэ ыраах.
Ити курдук, Дьэбир Дьэкиимнээх сып-сап тэринэн, таһаҕастарын тиэнэн ыраах айаҥҥа туруннулар. Аара булчуттар үүтээннэригэр, сайылык балаҕаннарга хоно-хоно айаннааннар сирдэрин ортолоон эрэллэр.
Биир өтөххө кэлэн хоноору тэринэ сырыттахтарына Ыстапааннара эмискэ ыалдьан өлөр охтуутун охтубут, иһин түгэҕин тутта-тутта умса-төннө түһэн, ыалдьара бэрдиттэн хонууга быраҕыллыбыт балык курдук өрө лаһыйа сылдьыбыт. Ыһыыта-хаһыыта киһи тулуйбат үлүгэрэ буола сылдьан баран түүн ортото сэниэтэ эстэн тыына быстыбыт. Ону “арааһа, дьиэбититтэн аттанарбытыгар сирбитин-уоппутун аһаппатахпытыттан сылтаан, абааһы иһин түгэҕинэн киирэн сиэтэ быһыылаах” диэн быһаарбыттар. Киһилэрин аара билбэт сиригэр-уотугар харайыахтарын тардыммыттар, тиэйэн илдьэ сылдьыахха, халлаан да тымныы, дойдутугар илдьэн кистиэхпит диэн быһаарбыттар.
Кыһайбыт курдук, халлаан лаппа тымныйбыт.
Дьэбир Дьэкиимнээх таһаҕастаах киһилэрин тиэйэн ыраах тайҕа ортотугар турар өтөххө тиийэн кэлбиттэр. Ыраахтан көрдөхтөрүнэ, өтөхтөрүгэр дьиэ түннүгүнэн уот сандааран көстөр. “Тыый, урут сылдьар эрдэххэ бу киһитэ-сүөһүтэ суох, иччитэх өтөх буолар этэ, кимнээхтэрбит баар буоллахтарай?”, — диэн Дьэкиим бэркэ мунаарбыт. Балаҕан таһыгар икки ат бааллан турар. Ыраахтан тоҥон-хатан кэлбит Дьэбир Дьэкиимнээх аттарын булгутан баран, хаары сиэбэттэрин курдук чолоччу баайталаан баран тэбэнэн-сахсынан дьиэҕэ киирбиттэр.
Киирэн көрбүттэрэ: түөрт эр бэрдэ остуолга эт бөҕөнү хоторон, аһаан-сиэн ньамалаһа олороллор. Дьон киирдэ диэн хайыһан да көрбөтөхтөр. Дьэкиимнээх саҥыйахтарын, бэргэһэлэрин устан баран уокка иттэр сиэринэн көмүлүөк оһоххо көхсүлэрин сырайа турбуттар. Дьэкиим остуолга олорооччулары сыныйан көрбүт: бу дьон дулҕа сиэлин курдук сахсаччы үүммүт баттахтаахтар, онтуларын сөп буола-буола тарбанан курдурҕаталлар, быстар мөлтөх таҥастаахтар-саптаахтар. Остуолга тэлгэнэн сытар эти аһаабатахтара өр буолбут дьон курдук бэрт иҥсэлээхтик харыс уһуннаах быһаҕынан элийэн ыла-ыла хабыалыыллар. Дьэбир Дьэкиим, баҕар, аһылыкка ыҥыраайаллар диэн кэтэһэн көрбүт да, анарааҥҥылара наадыйбатахтар. Онуоха Дьэкиим уолугар улахан соҕустук: “Били ыһыккын киллэр эрэ, күөстэнэн аһыахпыт этэ”, — диэбит. Уонна ким да истибэтин курдук “били киһибит өлүгүн киллэр” диэн сибигинэйбит. Уола иһиттим-истибэтим диэбит да, таҥаһын таҥнан таһырдьа ойбут. Өр-өтөр буолбакка, били өлбүт киһитин сүгэн адаарытан киллэрэн аҕата салгыы тугу диирин кэтэһэн турбут. Аҕата: “Бу холумтан үрдүгэр уур, ирдин”, — диэн соруйбут. Ол кэннэ олус улаханнык соһуйан, куттанан олорор дьоҥҥо туһулаан улаханнык: “Бу ыһыкпыт өтөрүнэн ирэн аһатыа суох. Бу сылаас, эттээх соҕус “идэһэлэртэн” амсайа турбакка”, — диэбитинэн кыыныттан кынчаал быһаҕын ньылбы таһыйан таһаарбыт. Өлө куттанан хамсыыр да кыахтарыттан ааспыт дьоҥҥо ынан тиийэн биирдэстэрин баттаҕыттан эрийэ тутан ылбыт. Киһитэ өлөн эрэр борооску курдук сарылаат, мүччү-хаччы туттаран аан диэки ыстаммыт. Итини эрэ кэтэһэн олорбут “идэһэлэр” сарыласпытынан таҥастарын сыыһа-халты харбаан ылаат халҕаны хайа көтөн таһырдьаны былдьаспыттар.
Дьэкиим таһырдьа тахсан чуҥнаан көрбүтэ, дьоно суоллара сойбута ырааппыт, сыбыдах ат үрдүгэр түһэн тыас хомуммуттар.
Бу туһунан Дьэкиим бэйэтэ кырдьан олорон кэпсиирэ үһү. Балаҕаҥҥа киирээт да Дьэкиим ол дьон киэҥ ыырдаах ороспуойдар буолалларын билбит. Тайҕаҕа элбэхтик сылдьар киһи оччону-баччаны көрдөҕө. Ол иһин, тыын-тыыҥҥа харбас, урутаан туттан, ол дьону итинник ньыманан куоттартаабыт.
Александр СЕМЕНОВ,
Дьокуускай.