Дэбдиргэлэри үүт, уматык сыаната долгутар

Бөлөххө киир:

СӨ тутуутун миниистирэ Павел Аргунов салайааччылаах бырабыыталыстыба бөлөҕө Таатта улууһун Игидэй  олохтоохторун кытта көрүстэ.

edersaas.ru, Марианна Тыртыкова

Игидэйгэ (Дэбдиргэҕэ) 789 киһи олорор. Быйаҥнаах алаастарга дьон-сэргэ хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи тутан, үрүҥ илгэни үрүлүтэ сүүрдэн, амтаннаах, иҥэмтэлээх эти атыыга таһааран, ону сүрүн дьарык оҥостон олорор. Эбэ кытыытыгар сир анныгар 600 м дириҥнээх скважина үүттээн, артезианскай ууну кыһыннары хачайдыыллар. Ол эрээри фтор, магний үрдүк буолан, бу ууну хаһаайыстыбаҕа эрэ тутталлар. Кыһын муус уутун иһэллэр.
Игидэйгэ былырыын 120 миэстэлээх саҥа оскуола, киин хочуолунай тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Итиэннэ төгүрүк сыл хайыһардыыр, эти-сиини чэбдигирдэр манеж тутулла турар.
Иллэрээ сыл  Норуот айымньытын киинэ тутуллубута. Кулууп тиэргэнин  фонтан,  тупсаҕай сквер киэргэтэр.


Онон Игидэйгэ үлэлииргэ, олорорго усулуобуйа барыта баар.
Тыа сиригэр эдэр дьону олохсутарга нэһилиэккэ агро-куорат тутулла турар.
Ону таһынан, игидэйдэр киин ититиигэ холбонон эрэллэр, нэһилиэнньэҕэ ол ороскуотун толуйарга 50 мөл. солк. көрүлүннэ.
Олохтоохтор балыыһа,  «суһал көмө» массыынатынан хааччыллыыны, оҕо саадын тутуутун, уотунан барар ититиигэ субсидия көрүллүөн сөбүн ыйыталастылар.

Тыл үөрэхтээҕэ Василий Протодьяконов — Бырдьахаан биһигин ыйаабыт сирэ — Игидэй. Онон биир дойдулаахтара кини аатын өрө тутан, саха саҥатын, төрүт култууратын түмэр киин арыйтарыахтарын баҕаралларын эттилэр.
«Киин уонна илин эҥээр улуустарыгар уотунан барар ититиигэ көһөргө чугас ГЭС суоҕун быһыытынан, усулуобуйа суох», — диэн эппиэттээтэ миниистир Павел Аргунов.

Игидэйдэр Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутулуннаҕына, куорат ууга барыа, онон Дьокуускай кэлин Аллараа Бэстээххэ көһөр дииллэрэ төһө оруннааҕын, Тааттаҕа кэлэр биэс сылга туох тутуу барыан сөбүн, гаас хаһан киирэрин туоһуластылар.
«Эбэ таһыгар турар дьиэлэр ууга барыахтарын сөп. Дьон үксэ 202-203 микро-оройуонтан сэрэхэдийэллэр. Ол эрэн сүүрүк соҕурууттан хоту диэки устар, фарватер Бэстээх диэки көһөн иһэр, бөһүөлэк биэрэгэ сыл ахсын сууралла турар. Ону бөҕөргөтөр үлэ барыахтаах.
Кэлэр 5 сылга Таатта улууһугар Кыйы, Уолба оскуолата, Ытык күөл лицейэ, улуус балыыһата тутуллуоҕа, Игидэй, Туора Күөл, Баайаҕа, Даайа Амматын суола-ииһэ оҥоһуллуо»,- диэн билиһиннэрдэ тутуу миниистирэ Павел Аргунов.
Игидэйдэр алаас амтаннаах этин дэлэтиэхтэрин сэлээркэ сыаната үрдүү турара, үүт харчыта бүтэһик түөрт сылга эбиллибэтэҕэ атахтыыр. ГСМ 100 солк. тиийдэҕинэ, ынах-сүөһү ахсаана лаппа аҕыйыа дэстилэр.
Онон, үүт харчытын 100 солк., эти 500-600 солк. тиэрдэргэ туруорустулар. Сүөһү төбөтүн элбэтэр дьоҥҥо субсидия көрүллэрэ наадалааҕа этилиннэ.
Итинник этэн-тыынан туран, олохтоохтор бырабыыталыстыба отчуотун үчүгэй диэн сыаналаатылар.

Марианна Тыртыкова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0