Таатта улууһун Дэбдиргэтигэр бааһынай хаһаайыстыбалаах Виктор Лопатин диэн эдэр киһи олорор. Виктор идэтинэн математика учуутала, төрөөбүт оскуолатыгар дириэктэрдии сылдьыбыт. Билигин тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар соруктаах үлэлиир. Ынах-сүөһү тутан, ол үүтүнэн оҥорор минньигэс сыырдара нэһилиэгин маҕаһыыннарыгар хамаҕатык атыыга бараллар.
ҮӨРЭХ САЛААТЫТТАН – ХАҺААЙЫСТЫБАҔА
Идэбинэн математика учуутала буолабын. ХИФУ-ну бүтэрэн баран математика учууталынан, улуустааҕы үөрэх управлениетыгар, төрөөбүт нэһилиэкпэр оскуола дириэктэрин солбуйааччынан, онтон дириэктэринэн үлэлээбитим. 2011 cылтан 2019 сылга диэри үөрэх салаатыгар үлэлээн баран, үлэлиир хайысхабын уларытыах санаа киирбитэ. Ол иһин иллэрээ сыл дьонум хотоннорун сөргүтэн бааһынай хаһаайыстыба тэринэргэ быһаарыммытым.
Эдэр сүөһүлэри атыылаһан, биир сыл тоҕус төбөнү кыстаппытым. Бэйэм оҕо эрдэхпиттэн хотон үлэтигэр, сүөһүгэ сыстаҕас буоламмын, улаханнык ыарырҕаппатым. Урут дьонум 30 төбөҕө тиийэ ынах-сүөһүнү иитэллэр этэ. Билигин сүөһүм ахсаана элбээн, саҥа хотон туттан, күн бүгүн 29 төбөнү тутан олоробун, онтон ыанар ынаҕым тоҕус. Былырыын “Саха” НКИХ ханаалыгар Бүлүү уола сыыр оҥорорун туһунан көрдөрбүттэрин сэргээбитим. Наһаа үчүгэйдик тэринэн үлэлии-хамсыы олорорун көрөн, мин эмиэ оҥорон көрөргө быһаарыммытым.
ҮҮТҮ ТУТУУ САҤА НЬЫМАТА НОЧООТТООХ
Быйыл уон туонна үүтү туттарыахтаахпын. Былырыын интэриниэт ситимиттэн көрөн «качотта» «моцарелла» диэн түргэнник оҥоһуллар сыырдары оҥорбутум. Биир дойдулаахтарбар амсаппытым, олус сэргээбиттэрэ. Билигин уулуссаҕа көрүстэхтэринэ, сыыр ыйыталлар. Үүппүн “Таатта” СХПК-ҕа туттара олоробун.
Үүт туттарыытыгар саҥа ньыма киирэн, үгүс ыал туттарбат буолла. Тоҕо диэтэр, манна сүөһү иитэр дьон үксэ чааһынайдар. Төбөҕө 35 тыһыынча солкуобайы ылан баран, үүтү уон солкуобайга туттарары ночооттоох дииллэр. Онон үгүстэр сүөһүлэрин ыыталаан кэбистилэр. Инньэ гынан, үүт астыыр собуоппутун арыйбатылар. Үүт туттарааччы элбээтэҕинэ, кэлэр ыйтан арыллыа үһү. Дьэ оччоҕуна, күөх үүт элбээтэҕинэ, сыырбын оҥорон саҕалыам этэ.
ҮЛЭНИ СЫРСАН, ЫАЛ БУОЛА ИЛИКПИН
Былырыын интэриниэт ситиминэн суруттаран, MAGGETO диэн сүүрбэ лиитирэлээх сыыр буһарар тэрили атыыласпытым. Бу тэрилгэ күҥҥэ икки-түөрт киилэ сыыры оҥоруохха сөп.
Мин судаарыстыбаттан ханнык да көмө ыла иликпин. Билигин дьон бэйэ дьыалатын саҕалыырыгар социальнай хантараакка эҥин киирсэр. «Агростартапка» киирсээри гынан баран, урут чааһынай тэрилтэ арына сылдьыбыт буоламмын, хапсыбатаҕым. Бу сүөһүлэрбин атыылаһарбар дьонум өйөөбүттэрэ. Билигин үс-түөрт сылынан дьиэ кэргэн пиэрмэтин граныгар кыттарга эрэллээхпин. Тус дьиэ кэргэн диэни билиҥҥитэ тэринэ иликпин. Наар үлэни сырсан, сааһым ырааппытын билбэккэ хааллым.
ҮҮТ, ЭТ АСТЫЫР ДЬОҔУС СОБУОТ АРЫЙЫАХПЫН БАҔАРАБЫН
Саха киһитэ биэс сылы инникилээн өтө көрөн барыллаан былааннаныахтаах. Мин сүрүн соругум – үүт-эт туттаран сыллааҕы дохуоппун элбэтии. Эргэ тиэхиньикэлэрбин саҥардыахпын баҕарабын. Толору механизированнай оттооһуҥҥа көһүүнү былаанныыбын. Саҥа туттубут хотоммор эбии салҕааһын тутан, иитэр сүөһүм ахсаанын элбэтиэхпин баҕарабын. Нэһилиэгим иһигэр үүт астыыр дьоҕус собуот арыйар былаан, баҕа санаа баар. Ону таһынан, олохтоох эттэн оҥорон таһаарар дьоҕус собуоту эмиэ толкуйдуубун.
Кыстык этэҥҥэ ааһан, күөххэ үктэннибит. Ынахтарым Саҥа дьыл кэнниттэн төрөөбүтүнэн барбыттара. Ону сатаан эрдэ суоттаммаккабын, быйыл отум тиийбэтэ, сааспыт хатааһыннаах буолан, уустук соҕус кыстык ааста. Онон эбии икки кэбиһиилээх оту атыылаһан ороскуотурбутум.
Ынах-сүөһүнү иитии – сыанан аҕаабат үлэ. Биир өрөбүлэ суох үрүлүйэр үрүҥ ас туһугар үлэлиир-хамсыыр эдэр киһи үгүс киһиэхэ холобур буолар кыахтаах.
Ульяна Захарова.