Дарья Лаврова: “Кынаппын көннөрөн, үрдүккэ көтүөм”

27.08.2020
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйыгар үөрүүлээх сонун өрөспүүбүлүкэни толорбута. Ырыаһыт Дарья Лаврова “Миссис Россия Мира” күрэскэ ситиһиилээхтик кыттан, 4 номинацияны, ол иһигэр куоластааһын түмүгүнэн “Народная миссис России” ааты ылан, сэтинньигэ Шри-Ланкаҕа аан дойдутааҕы куонкуруска барар буолла. Бу күрэскэ дойду бары эрэгийиэннэриттэн 46 кэрэ аҥаар кыттыбыта.

Дарья билигин дойдутугар кэлэн, сынньана сылдьар. Кини үс оҕолоох ийэ, ырыаһыт, урбаанньыт. Бэкээринэ аһан үлэлэтэр, онлайн куурустары ыытар.

edersaas.ru

Лавровская банда” өйөбүлэ

— Тоҕо куонкуруска кыттар санаа киирбитэй? Бэлэмнэнии хайдах ааспытай?

— Пандемия кэмигэр хайдар эрэ олох бытааран, кэлии-барыы тохтоон, бары олорон хаалбыт курдук этибит. Дьиэ иһин-таһын хомуйа сатаан баран, туох да сыала суох олорор соччото суох эбит диэн, куонкурус туһунан ыйыталаспытым. Эрэгийиэннээҕи дириэктэр Василий Афанасьев:Саха сириттэн кыттааччылар бааллар, хаартыскаҕын ыыт, бигэргэттэхтэринэ, биллэриэм” диэбитэ. Онон аҕыйах күнүнэн бигэргэтэннэр, бэлэмнэнэн барбытым. Үөрбүтүм аҕай.

Көстүүм өттүгэр долгуйуу суох этэ, хас да сыл муспут сценическэй көстүүмнэрим туһалаабыттара. Саамай сүрүн кыһалҕа үп-харчы өттүнэн этэ. Ол өттүнэн ордук долгуйарым, үрдүк дуоһунастаах дьоҥҥо суруйбутум да, ким да эппиэттээбэтэҕэ. Көмөлөһүөм диэн эрэннэрэн баран, тиэрэ эргийбит дьон эмиэ баара.

Барарым 3-4 хонук хаалбытыгар, аттыбар куруук чугас баар, өйүүр доҕотторум олус көмөлөспүттэрэ. Ырыа эйгэтигэр чугастык доҕордоһуу диэн суох диэхпин баҕарабын, ол эрээри, ити эйгэҕэ миигин олус өйүүр-өйдүүр дьонноохпун. Өй-санаа өттүнэн күүскэ өйөөбүттэрэ, кинилэр “Дашаҕа көмөлөһүөххэйиҥ” диэн сурук суруйан тарҕаппыттара да. Аттыгар итинник дьон баарыттан киһи наһаа үөрэр, кинилэр баар буолан, ситиһиилэнэҕин дии саныыбын.

Арай, бииргэ оскуолаҕа үөрэммит кыыһым суруйда: “Даша, хайдах эрэ настарыанньаҥ суох дуо, тугу да суруйбат буолан хааллыҥ, сэрэйдибит ээ, туох эрэ табыллыбатын” диэн. Ол күннэргэ айан төлөбүрүн көрдөһөн баран, өр баҕайы кэтэспитим. Бүтэһик күннэргэ ылан аккаастаан кэбиспиттэрэ. Кыттыым усунуоһа кыайан төлөммөккө турбута. Онон санаа түһүүтэ да ханна барыай…

Таатта баһылыга Михаил Соровтыын кэпсэппитим кэннэ, кыахтаах тэрилтэлэр (улуус дьаһалтата, “Тааттаавтодор”, ИП “Монтажник”) наһаа үчүгэйдик көмө оҥорбуттара. Эбиитин Тааттам дьоно-сэргэтэ, кылааһынньыктарым, бастакы учууталым К.А. Табунанова, үөрэммит оскуолам учууталлара, “Доҕордоһуу” ансаамбылларым, “Таатта” түмсүүм, “лавровская банда” диэн ааттанар доҕотторум харчы хомуйан, өйөөбүттэригэр махталым муҥура суох.

Барыам икки күн иннинэ эрэ харчы хомуллан, бэл диэтэр, стилист илдьэ барар кыахтаммытым. Бэйэ стилистээх буолуу – кыайыыга олук! Онно наһаа үөрбүтүм, чугас дьонум бэйэлэрэ ис сүрэхтэриттэн баҕаран, “кыыспытын өйүөхпүтүн наада” диэн туруммуттара олус долгутуулаах этэ. Кинилэр миигин кынаттаабыттара, кырдьыга, соҕотох буолбатахпын, аттыбар бэйэм дьонум бааллар диэн күүстээх эрэли биэрбиттэрэ. Ол куоластааһын саҕана да күүскэ биллибитэ.

Киһи соҕотоҕун элбэҕи ситиспэт”

— Бүтүн Арассыыйатааҕы кэрэ сэбэрэ күрэһэр, омуннаабакка эттэххэ, икки миэтэрэлээх моделлары кытта күрэстэһиэм диэн долгуйар этиҥ дуо?

— Барыам иннинэ кыратык долгуйарым, онтон тиийэн, кыргыттары кытта көрсөн, кэпсэтэн баран, уоскуйан хаалбытым. “Бэйэм эйгэбэр, этэргэ дылы, бэйэм тэриэлкэбэр баарбын” диэн санаа кэлбитэ. Сарсыардаттан сэниэм суох курдук буоларым да, эбиэт кэннэ дьэ, уһуктан, киэһэ букатын чэмэлийэн, арыллан кэлэрим. Хас биирдии түгэнтэн астына-дуоһуйа, үөрэ-көтө сылдьарым, “хайдах курдук мин маны күүппүппүнүй” диэн саныырым, онон долгуйуу суоҕа. Сценаҕа тугу эмэ умнар да буоллахпына, аһара кыһаллан кэбиһэн, умнуохпун сөбө, бэйэбэр эрэллээх этим.

Финал буолар күнүгэр, этим-сииним сылайбыт курдуга да, дууһам, өйүм-санаам өрө көтөҕүллүүлээх этэ. Бу куонкуруска кыттыахпыттан мин, дьэ, дьиҥнээхтик мичээрдиир буоллум. Урут күллэхпинэ, үөрдэхпинэ эрэ, мичээрдиирим. Онон бэйэбэр олус элбэҕи арыйдым. Бу куонкурус, кэрэ сэбэрэ эйгэтэ — мин эйгэм эбит.

— Бу кыайыыҥ туохха эбээһинэстиирий?

— Куонкурус кэннэ сыл устата үлэлэһэбит, гастрольнай бырагыраама да баар буолуо диэбиттэрэ. “Кэлэриҥ-барарыҥ төһө кыалларый?” диэн ыйыппыттара. Бачча бэриллибит кыаҕы мүлчү туппат буоллаҕым, үөрүүнү кытары кыттыаҕым. Итиннэ кэпсэтиилэр бара тураллар.

Миссис Россия Мира” күрэс кэнниттэн билэр дьонум суруйан, көмө баар буолуоҕа диэн эрэннэрбиттэрэ. Аан дойдутааҕы куонкуруска кыттыы усунуоһа улахан, хас да тыһыынча доллар. Бэлэмнэниини билиҥҥиттэн саҕалаан, барытын былааннаан, ох курдук оҥостон барыахпын наада. Киһи соҕотоҕун тугу да ситиспэт, күүстээх хамаандата, дьоно-сэргэтэ көмөлөһөр буоллаҕына эрэ, кыаллар. Былааннар бааллар, ону туоллаҕына кэпсиэҕим.

Оҕолорбутугар – үчүгэйтэн үчүгэйи эрэ”

— Кэргэммин кытта 2008 сыллаахха ЯГИТИ-га билсибиппит. Кини үөрэнэр этэ, мин саҥардыы преподавателинэн үлэлээн эрэрим. Ол эрээри, кинилэри үөрэппэтэҕим. 2011 сыллаахха ыал буолбуппут. Бу сыл “Кофе” дуэт арахсыбыта.

— Оҕолоруҥ кыраларыгар уустук этэ дуо?

— Икки кыра оҕо көрүүлээх бөҕө буоллаҕа. Аттыгар көмөлөһөр киһиҥ суох буоллаҕына, “баттаҕыҥ турар” диэбиккэ дылы. 15 сыл арыттаах иккис оҕобун төрөөн баран, улахан истириэһи көрсүбүтүм. Улаатарын саҕана дьүөгэм көмөлөспүтэ. Онтон оҕом соҕотохсуйбатын диэн, үһүс оҕобутун былааннаабыппыт. Үһүс оҕобун резус-конфликтаах буолан, Питерга баран ыараханнык төрөөбүтүм.

Өр баҕайы сценаҕа тахсыбатаҕым. 2017 сыллаахха оркестры кытта бииргэ үлэлэһэн, салгыы былаан улахан этэ, онно кэлиэгэлэрим кыыһырбыттара: “Бачча улахан үлэни таһааран баран, оҕолонон, сүтэн хааллыҥ” диэн. Быйылгы кэнсиэрбин оҥорорбор “ыарахан буолуо, дьон эйигин умуннулар” диэн этиилэр бааллара. Дьахтар киһиэхэ ити өттүнэн ыарахан. Оҕолонон, олохтон хаалбыт курдук буолаҕын, көмөлөһөр киһитэ суох буоллаххына, өссө уустук.

Кыра кыыһым билигин икки аҥаардаах, онон дьэ, кынаппын көннөрөн, үрдүккэ көтүөм диэн сыаллаах-соруктаах сылдьабын. Оҕолор улаатан иһэллэр, онон айар куттаах ийэ буоларбынан, бэйэбин өссө да көрдөрүөм, бу бастакы хардыыларым саҕаланыылара эрэ дии саныыбын.

— Дьиэ кэргэнинэн туох үгэстээххит? Оҕону иитэргэ, саамай туохха болҕомтону уураҕыт?

— Өрөбүл аайы бириэмэбитин бииргэ атаара сатыыбыт. Сыл аайы дьиэ кэргэнинэн фотосессияларга түһэбит. Оҕолор улааталларын хаартыскаҕа хатыыр курдук. Саҥа дьылы, төрөөбүт күннэри, бэлиэ дааталары хайаан да бииргэ бэлиэтиибит.

Оҕолорбутугар кыра эрдэхтэриттэн үчүгэйтэн үчүгэйи эрэ биэриэхтээхпит диэн өйдөбүллээхпит. Оҕо сыаннаһа бэйэтигэр үрдүк буоларын курдук. Холобур, үчүгэй оҕо саадыгар, үрдүк таһымнаах оскуолаҕа биэрэргэ дьулуһабыт, ол эрэн, наһаа “фанаттаабакка” эрэ. Оҕо ити ирдэбили кыайар буолуохтаах, ону тэҥэ, дьоллоох оҕо сааһы билиэхтээх.

Кэргэним бу чааһыгар наһаа маладьыас. Оҕолоругар тугу да аккаастаабат: сынньалаҥнарыгар, астарыгар-таҥастарыгар, харчыта да суох буоллун, барытын булан-талан, баар гынар. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ-аҕа болҕомтотуттан наһаа тутулуктаах, ону умнубакка, бары өттүттэн өйөөн, сайыннаран, талаанын арыйан, тапталынан суулаан иитиллиэхтээх дии саныыбын.

— Атын сиргэ көһөн олоруоҥ этэ дуо?

— Көһөн олоруом этэ. Урут онтон куттанар этим, билигин суох. Холобур, кэргэним “оҕолорбутугар муора салгына наада” диэтэҕинэ, үөрэ-көтө малбытын хомунан баран, барыах этибит. Талааннаах киһи ханна да тиийдин, бэйэтин булунар, өлөн-быстан бирбэт эбит диэн түмүккэ кэллим.

Онон туохтан да куттаммакка, инниҥ хоту баран иһиэхтээххин. Төһөнөн куттал киирэр да, ону өрө баран, кыайан, ситиһиилэниэххэ наада эбит диэн өйдөөтүм.

Ангелина Васильева.

Хаартыска: Д.Лаврова архыыбыттан уонна интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0