Дарина Бродникова: «Атын омуктар култуураларын билэр суолталааҕын өйдөөтүм»
Хас биирдии киһи Саха сирин уонна Арассыыйа тас өттүгэр үөрэнэ барар биирдэ эмит санааламмыт буолуохтаах. Сыл аайы үгүс устудьуон бэйэтин ыратын толорон, араас дойдуларга үөрэнэ барар. Бу олус элбэх баһыйар өрүттэрдээх: саҥа билии эбинэҕин, элбэх дьону, доҕоттору көрсөҕун уонна улахан уопуту ылаҕын.
Ол курдук, Дарина Бродникова былырыын Дьокуускай куорат 31-с №-дээх оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, Кытайга үрдүк үөрэххэ туттарсыбыта. Бэйэтэ Уус Маайа улууһун Эдьээн сэлиэнньэтиттэн төрүттээх эбит. Кини туох саҥа билиилэри ылбытын, тугу ыарырҕаппытын туһунан кэпсиир.
— Арассыыйа тас өттүгэр үөрэххэ туттарсарга хайдах быһаарыммыккыный? Үөрэххин туох критерийдэринэн таллыҥ?
— Бэһис кылаастан кыраныысса таһыгар үөрэнэ барыам диэн быһаарыммытым. Онус кылааска ханнык дойдуга үөрэнэ барарбын дьэ тобулбутум. Төрөппүттэрбин кытта сүбэлэһэн баран, Кытай саамай бастыҥ быыбар диэн өйдөөбүппүт. Мин оччолортон саҕалаан араас кыахтары көрдөөбүтүм, ханнык докумуону биэрэрим, туох тургутууну ааһарым туһунан дааннайдары хомуйбутум. Ол курдук, туттарсарга көмөлөһөр хампаанньа өҥөтүнэн туһаммыппыт, уопуттаах дьон барытын билэр буоллаҕа. Бу хампаанньа араас дойдулар университеттарын кытта бииргэ үлэлиир этэ. Олор ортолоругар бэйэм сөбүлүү көрбүппүн талбытым – Кытай ньиэптээх университетыгар(China University of petroleum) нефтяник идэтин. Бу үрдүк үөрэх мин баҕарарым курдук Араҥас муора кытылыгар турар. Мин сүрүн критерийбинэн чопчу соҕуруу Кытайга турар улахан куорат буолуохтаах диэн этэ. Ол курдук, манна кэлэн тылы үөрэтэр куурустарга дьарыктанабын, салгыы бакалаврга үөрэнэр сыаллаахпын. Билиҥҥи кэмҥэ олус наадалаах биисинэс уонна маркетинг идэтигэр үөрэниэм этэ, тоҕо диэтэххэ, бу дойду маннык хайысхалары үөрэтэргэ бастыҥ миэстэнэн буолар дии саныыбын.
— Туох ыарахаттары көрсүбүккүнүй?
— Кырдьыгынан эттэххэ, үөрэнэ барарым табыллыаҕа диэн эрэлим суоҕа. Бу наһаа ыарахан уонна киһи сыратын-сылбатын барыыр дьыала дии саныырым. Биир күн хампаанньа миэхэ ирдэбил уонна наадалаах докумуон испииһэгин ыыппыта. Хас да ый устата ону барытын хомуйбутум, медосмотр арааһын ааспытым. От ыйын ортотугар барытын булан дьэ ыыппытым. Онтон сүүс төгүл ыарахан – виза ылыыта. Ол бириэмэҕэ кыраныысса саҥа арыллан, визовай кииҥҥэ туристар, мин курдук үөрэнэ барыан баҕалаах устудьуоннар саба түспүттэрэ. Ону ыарырҕатан, биһиги ааҕыныстыбаттан көмө көрдөөбүппүт. Хабаровскайга кыраныысса таһынааҕы пааспары оҥорторбуппут. Докумуоннары, хата, толорон олус дьолломмутум.
— Саҥа сиргэ адаптацияҕын хайдах аастыҥ?
— Олус улахан дойду эбит диэн сөхтүм. Мин Кытайга былырыын балаҕан ыйыгар айаннаан кэлбитим, онон алтыс ыйым буолан эрэр. Тус бэйэбэр адаптациям син ыараханнык ааспыта. Сылайдым аайы төттөрү дьиэлиэхпин баҕарар этим. Олоҕум устатын тухары мегаполиска олохсуйар сыаллаах этим, ол да буоллар, билигин миигин төттөрү Дьокуускайбар олус тардар. Төрөөбүт дьиэбин, дьоммун-сэргэбин, доҕотторбун олус ахтабын. Мин өйдөбүлбүнэн, ханна ыарахаттар бааллар — онно үүнүү-сайдыы баар. Маны санаан бэйэбин уоскутабын, күүспүн хомунабын. Төрөппүттэрбин кытта наар сибээстэһэбин, кинилэр миэхэ өйөбүл буолаллар, куруук көмөлөһөллөр.
— Кытайга тугу олус сөбүлээтиҥ?
— Кытайдар олус көрсүө, аһаҕас норуот эбит. Мин манна араас дойдулартан кэлбит элбэх киһини кытта билистим. Омуктар уратыларбыт олус элбэх. Хас күн аайы английскай тылбын тупсарабын. Циндао куората муора кытылыгар турар уонна бары өттүнэн хайа тулалыыр. Ол курдук, доҕотторбун кытта ытык Лаошань хайаҕа тахсан сынньаммыппыт, элбэх саҥаны көрбүппүт, өссө хайаан да атын чыпчаалларга сылдьыахха наада диэн быһаарыммыппыт. Кытай култууратын туһунан өссө элбэҕи билиэхпин баҕарабын. Нэдиэлэ аайы куоракка тахса, араас сири кэрийэ, саҥа дьону кытта билсэ сатыыбын. Университекка элбэх тэрээһин ыытыллар. Дьүөгэбин кытта хип-хоп кылааска киирбиппит. Бу курдук кытайдарга уонна аан дойдуттан кэлбит устудьуоннарга босхо куруһуоктар ыытыллаллара олус үчүгэй. Кытайга успуорт көрүҥүн арааһа олус элбэх. Маннааҕы норуот успорду олус сөбүлүүр: уулуссаҕа үөрэ-көтө үҥкүүлүү, дьарыктана сылдьар эбээлэри куруук көрүөххэ сөп. Бу олус аһаҕастык туттар, үтүө санаалаах дьон. Ол гынан баран төрөөбүт дойдубун умнубаппын, саныыбын. Бэйэм хаһан да Саха сирин тас өттүгэр тахсыбатаҕым, бу бастакы сырыым буолар. Манна кэлиэм иннинэ Кытай тылын ончу үөрэппэтэҕим, биир да тылы билбэт этим. Билигин син ыарырҕаппакка кэпсэтэр, саҥарар буолан эрэбин. Манна СНГ дойдуларыттан, Мексикаттан, Кореяттан, Египеттан уонна да атын дойдулартан элбэх оҕо баар.
— Эн курдук атын дойдуларга үөрэнэ барыан баҕалаах оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Бастатан туран, төрөппүттэрбэр көмөлөрүн иһин махтанабын уонна атын оҕолорго ситиһиилэри баҕарабын. Мин Кытайга үөрэх булар ааҕыныстыбаҕа үлэһит буоллум, онон атын оҕолорго көмөлөһөбүн. Хаһан да куттанымаҥ, дьону-сэргэни кытта бодоруһарга, биир тылы буларга дьулуһуҥ диэн этэбин. Кытайга кэлэммин, атын омуктар култуураларын билэр суолталааҕын өйдөөтүм. Атын дойдуларга сылдьан аһаҕас, ис-иһиттэн баай киһи буолуҥ диэн санаабын этэбин.