«Куруһаала» атыы-эргиэн дьиэтин киэҥ-куоҥ уораҕайыгар «Дархан Уус» тимир уустарын өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапката онус төгүлүн ыытыллар. Ааттаах-суоллаах уустар икки күннээх түһүлгэлэрэ бүгүҥҥүттэн саҕаланна. Манна тимири ыллатар 60 маастар Эдьигээнтэн, Сунтаартан, Тааттаттан, Ньурбаттан, Өлөөнтөн, Уус Маайаттан, Чурапчыттан, Уус Алдантан, Үөһээ Бүлүттэн, Бүлүүттэн, Намтан, Хаҥаластан, Алдантан, Дьокуускайтан, уо.д.а улуустартан түмүстүлэр.
Үөрүүлээх уонна долгутуулаах түһүлгэҕэ мустубут бары ыалдьыттары СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Сахамин Афанасьев, Б.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ духуобунаһын Академиятын академига, норуот маастара Борис Неустроев-Мандар Уус, СӨ предпринимательствоҕа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистири солбуйааччы Максим Прокопьев, СӨ тимир уустарын түмсүүтүн толорооччу дириэктэрэ, «Дархан Уус» Х төгүлүн ыытыллар быыстапка тэрийэр кэмитиэтин салайар Николай Акимов эҕэрдэлээтилэр.
Сахамин Афанасьев тэрээһин сыллата далааһыннанан, манна кыттар улуустар ахсааннара элбээн иһэрин, ол аата тимиринэн уһаныы кэскиллээх дьыала буоларын, сэргээччи, сэҥээрэн дьарыктанааччы үксээбитин бэлиэтээтэ: «Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ саха норуотугар киэҥник биллэр-көстөр ытык киһибит, уустары түмээччибит Борис Неустроев – Мандар Уус кыттара улахан үөрүүлээх. Борис Федорович элбэх маастары иитэн-үөрэтэн, такайан, уһуйан таһаарбыт киһинэн буолар. Тимиринэн уһаныыга эдэр дьон ылсан иһэрэ үөрүүлээх«, — диэтэ.
Мандар Уус норуот маастардарын түһүлгэтэ ордук эдэрдэри элбэххэ үөрэтэрин ыйда. Манна кинилэр мустан бэйэ-бэйэлэрин кытары үлэлэрин үөрүйэҕин, сатабылларын үөрэ-көтө атастаһалларын, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин салгыылларын, сыллата үлэлэрин сайыннаран иһэллэрин эттэ.
«Дархан Уус» Саха сирин тимир уустарын сүрүн быыстапкатын пресс-сэкирэтээрэ Гаврил Андросов иһитиннэрбитинэн, икки күннээх тэрээһиҥҥэ уустар бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар, «Уус-уран оҥоһуулаах быһах», «Булт бастыҥ быһаҕа», «Аска-үөлгэ бастыҥ быһах» хайысхаларга уус «Оскарын» иһин күрэс былдьаһаллар. Ону сэргэ, манна кэлбит киһи көрөрүгэр-истэригэр, атыылаһарыгар быһах, батас, батыйа арааһын сэргэ, нарын-намчы хомус, кэрэттэн кэрэ киэргэл эмиэ дэлэччи тардыллыбыт. Итиэннэ үбүлүөйдээх быыстапкаҕа Мандар Уус «Саха билээҕэ» диэн быһах араас көрүҥнэриттэн саҕалаан батыйаҕа, батаска, үҥүүгэ тиийэ түмүллүбүт баай коллекцията бар дьон көрүүтүгэр туруоруллубута улахан болҕомтону тардыбыт. Маны таһынан, саха биилээҕин хайдах туттулларын анал идэлээхтэр билиһиннэриилэрэ сэҥээриини ылбыт.
Дьэ ол кэнниттэн, «Дархан Уус» долгутуулаах бастакы күнүгэр ыытыллыбыт күөн күрэс кыайыылаахтара ааттаммыттар.
«Аска-үөлгэ бастыҥ быһах» күөн күрэһигэр 51 маастар кыттыбыт.
1 миэстэни Семен Охлопков (Уус Алдан) ылан үөрүү-көтүү өрөгөйө буолбут.
2 бочуоттаах миэстэҕэ Сунтаар Күүкэйиттэн кэлэн кыттыбыт Дмитрий Николаев тахсан дойдулаахтарын үөрдүбүт.
3 бириистээх миэстэ хаһаайынынан Ньурбаттан кэлбит Иван Тимофеев буолан уруйдаммыт.
«Уус-уран оҥоһуулаах быһах» күөн күрэскэ 13 маастар илин-кэлин түһүспүт.
1 миэстэҕэ Таатта улууһуттан маастар Сергей Тарабукин тахсан дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлэммит.
2 миэстэни Николай Степанов (Бүлүү) ылан үөрбүт.
3 бочуоттаах миэстэҕэ Дьокуускай ууһа Иннокентий Эляков тиксэн эҕэрдэлэммит.
Анал бириис Николай Михайловка (Дьокуускай) туттарыллан, маастар улаханнык долгуйбут.
Быыстапка СӨ тимир уустарын түмсүүтүн тэрийиитинэн, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга, СӨ предпринимательствоҕа, атыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа министиэристибэлэрин, «Таатта» Дьокуускай куораттааҕы түмсүүтүн өйөбүллэринэн тэриллэр.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru