«Дархан Уус» тимир уустарын быыстапкатын аата уонна куорат оҕото Дархан Габышев ааттара дьүөрэлии.
edersaas.ru
Бэрт элбэх киһи ортотугар оскуола оҕото кыыннаах быһаҕын туппутунан сылдьарын, омос көрдөххө, киһи соһуйар. Уолчаан быыстапка кыттыылаахтарын үлэлэрин үөрэтэ сылдьарын көрөн баран, кинини кытта кэпсэппэтэххэ, табыллыа суох курдук. Ол иһин киниэхэ чугаһаан, анаан кэпсэттим.
Дархан Габышев — 16-с оскуола үөрэнээччитэ былырыын сайын Баайаҕаҕа тиийэн, Мандар Уус кыһатыгар үөрэммит.
Кини онно тимир ууһун үлэтин Мандар Уус уҥа илиитигэр — Николай Егоровка-Баайаҕыыҥҥа уһуйуллубут. Уолчаан уһуйааччытын илэ көрсөн, киниттэн сүбэ-алгыс ылла.
Иккиэн — учуутал уонна үөрэнээччи аны сайын Мандар Уус кыһатыгар көрсүөх, салгыы аны даҕаны бииргэ үлэлиэх буоллулар.
Дархан ийэтэ Уйгулаана Габышева оҕото хайдах тимири уһаарыыга уһуйуллубутун маннык кэпсиир:
— Дарханы бастаан түөрт сааһыгар эбээтэ Любовь Габышева Мандар Уус лааҕырыгар суруттарбыта. Ол саҕана уочарат буолан, хас да сыл инниттэн эрдэ суруттараллар этэ. Ол уочараппытын, арааһа, куоттардыбыт быһыылааҕа. Онтон былырыын саҥа уочарат саҕаланан, онно үөрэ-көтө суруттаран, Дархан лааҕырга сылдьан тимири уһаарыынан дьэ олохтоохтук дьарыктаммыта. Оҕом лааҕыртан олус астынан кэлбитэ. Кини оҥорбут быһаҕа 1-кы миэстэни ылбыт этэ. Быйыл сайын эмиэ барыахтаахпыт. Эр киһини оҕо эрдэҕиттэн үөрэтэр-уһуйар лааҕыр баара наһаа үчүгэй. Мандар Уустуун бииргэ алтыһыы — улахан дьол диэн этиэм этэ.
Интэриэһинэйэ баар, Дархан бэйэтин оҥорбут быһаҕын тута сылдьан, улахан маастар үлэлэрин тэҥнээн көрөр. Мин: «Дьэ, туох санааҕа кэллиҥ, Дархан?» — диэн ыйытыыбар: «Өссө быһах оҥоруох санаа кэллэ. Сайын буоларын тэһийбэккэ кэтэһэбин«, — диэн хоруйдаата.
Баҕар, сыыһарым буолуо эрээри, уол оҕотун батыһыннара сылдьан, ааттаах-суоллаах маастардар үлэлэрин көрдөрө сылдьар аҕалары көрбөтүм. Бу Дархан Габышев курдук бэйэтин быһаҕын туппутунан үлэлэри тэҥнээн көрөөччү да обургу уол көстүбэккэ дылы. Арай сүүрбэлэрин ааспыт ыччат үгүс, ол эмиэ үчүгэй көстүү. Онон төрөппүт Уйгулаана Габышева: «Эр киһини оҕо эрдэҕиттэн үөрэтэр-уһуйар лааҕыр баара наһаа үчүгэй», — диэн этиитин кытта толору сөбүлэһэн туран, төрөппүттэр Баайаҕатааҕы тимири уһаарар Мандар Уус оскуолатын кытта ыкса сибээһи олохтууллара буоллар диэн санаабын тиэрдэбин. Оччотугар кэнэҕэс «Дархан Уус» быыстапкаҕа бу Дархан Габышев курдук бэйэтэ оҥорбут кыыннаах быһаҕын туппутунан сылдьан, улахан маастардар үлэлэрин үөрэтэр обургу оҕо ахсаана элбиэ этэ. Ол буоллаҕа — маннык суолталаах тэрээһиннэр үлэлэрин түмүгэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа уонна видеоҕа ааптар түһэриитэ уонна устуута.