Ил Дархан Егор Борисов бу чэппиэргэ сэтинньи 24 күнүгэр сэттис төгүлүн Анал этиитин оҥоруоҕа. Санатан эттэххэ, Егор Афанасьевич өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар кэлиэҕиттэн хас сылын аайы Ил Түмэн дьокутааттарыгар, уопсастыбаннаска Анал этиитин иһитиннэрэр. Ил Дархан бу кэм устата туохха сүрүн болҕомтотун ууран кэллэ?
2010 сыл, сэтинньи 10 күнэ
Бу сылга Егор Борисов Вячеслав Штыров кэнниттэн үһүс президенинэн анаммыта. Онон инники үлэтин-хамнаһын торумнуур бастакы Анал этиитэ өрөспүүбүлүкэни салайар кэмигэр туохха болҕомто уурарын ыйар маягынан буолар диэххэ сөп. Манна кини «Схема 2020» диэн регион инники сайдыытын былаанныыр докумуоҥҥа олоҕуран, сайдыы сүрүн тосхоллорун ыйбыта.
Социальнай эйгэҕэ сыһыаран, олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыбатыгар, үөрэх, доруобуйа харыстабылыгар, спорка үгүс этиини киллэрбитэ. Холобур, оччолорго чөл олох туһунан эппит этиитэ билигин олоххо киирэн арыгы атыыта хааччахтанна, Дьокуускай куоракка, улуус кииннэригэр, нэһилиэктэргэ спортивнай саалалар тутулланнар, дьон-сэргэ чөл олоххо тардыһар, спордунан дьарыктанар буолла.
Маны таһынан тыа сирин сайдыытыгар этиилэри киллэрэн туран, ыччат олороругар, үлэлииригэр бары усулуобуйа тэриллиэхтээҕин эппитэ. Өрөспүүбүлүкэ киинэ – Дьокуускай куорат тас көстүүтэ тупсаҕай буолуохтааҕын, онуоха бөҕү-саҕы хомуйуу, хаарбах дьиэлэри көтүрүү, суолу-ииһи өрөмүөннээһин курдук тыын боппуруостар бастакы күөҥҥэ тутуллуохтаахтарын ыйбыта.
Егор Афанасьевич президенинэн талыллаат да, хоруупсуйаны утары охсуһууга күүскэ ылсыбыта. Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сакаастарынан дьарыктанар анал кэмитиэт тэриллибитэ, сакаастар бары электроннай балаһаакканан барар буолбуттара. Ону таһынан электроннай бырабыыталыстыба киирэн, докумуону эккирэтиһиини судургутутар сыалтан Элбэх функциялаах кииннэр улуустарга тэриллэн барбыттара, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрү оҥорор сайт арыллыбыта.
Ону таһынан олохтоох салайыныыга, баһылыктар үлэлэригэр тохтоон, предпринимательствоны сайыннарыы баһылык биир сүрүн үлэтинэн буолуохтааҕын эппитэ. Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан сылын аайы нэһилиэк баһылыктарын барыларын түмэн көрсүһэрин бу этиититтэн саҕалаабыта. Уонна өссө бу үлэни чиҥэтэн хас биирдии нэһилиэккэ куратордары анаталаабыта. Бу үлэ түмүктээх буолла, нэһилиэк баһылыктара “мин эппитим” диэн баран, сиэптэригэр уктан баран сылдьыбакка, баар кыһалҕаны бырабыыталыстыбаны кытары тэҥҥэ быһаарсар буоллулар.
Бу Анал этиитигэр саамай сүрүнэ ырыынак үйэтигэр олорорбутунан, түргэн тэтиминэн сайда турар аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан иһэргэ, үөһээҥҥи салалта тугу диирин кэтэспэккэ үлэни-хамнаһы тэрийэргэ, бэйэ олоҕор эппиэтинэс ыларга ыҥырбыта.
2011 сыл, сэтинньи 9 күнэ
Иккис Анал этиитигэр ааспыт сыллааҕы этиитигэр олоҕуран сайдыы суолун ымпыктаан-чымпыктаан биэрбитэ. Ол курдук, былаас уорганнарын бэрээдэктээһиҥҥэ, боломуочуйалары тыырсыыга болҕомтотун уурбута. Холобур, бу сылга тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйалара өрөспүүбүлүкэттэн улууска бэриллибит буоллахтарына, доруобуйа харыстабыла улуустан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар кэлиэхтээҕин эппитэ.
Бу сылга кини 2016 с. диэри 500 кв м иэннээх дьиэ үлэҕэ киириэхтээҕин бэлиэтээбитэ. Ити эппитэ олоххо киирэн, хас сылын аайы олорор дьиэ тутуутун ахсаана элбээн иһэр. Онуоха төрөппүт көрүүтэ-харайыыта суох тулаайах, ону сэргэ доруобуйаларынан хааччахтаммыт оҕолорго, улахан дьоҥҥо сүрүн болҕомто уурулунна.
Хамнас үрдээһинигэр сыһыаран, иитээччилэр, учууталлар үлэлэриттэн кэнчээри кэлэр ыччат дьылҕата быһаарылларынан, хамнастарын үрдэтиигэ үлэ барыахтааҕын эппитэ. Ол чэрчитинэн, ити сылтан бүлльүөт үлэһиттэрин хамнастара түһүмэҕинэн үрдээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох.
2012 с. «Россия – спортивнай держава» форум, «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы спортивнай оонньуулар Саха сирэ Россияҕа холбоспута 380, өрөспүүбүлүкэ автономиятын ылыммыта 90 сылларын бэлиэтиир үбүлүөйдэр ыытылланнар, Дьокуускай куорат биллэ тупсубута.
Ону таһынан Егор Борисов норуот уонна былаас икки ардытыгар информацияны киэҥник тарҕатар-иһитиннэрэр средстволар далаһа буолалларын бэлиэтээн туран, «Саха сирэ», «Якутия» хаһыаттара, «Саха информационнай агентствота» холбоһон «Сахамедиа» тэрилтэ буолбуттара. Ону таһынан оҕоҕо аналлаах хаһыаттар, сурунааллар эмиэ холбоспуттара.
Бу икки Анал этиини уопсай ылан көрдөххө, Егор Афанасьевич, бастатан туран, норуот былаас үлэтигэр-хамнаһыгар төһүү буолан, күннээҕи олоххо-дьаһахха быһаччы кыттыһан нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрсиэхтээҕин бэлиэтээбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ уопсастыбаннай палата, улуустарга, нэһилиэктэргэ уопсастыбаннай сэбиэттэр тэриллэннэр, норуот хонтуруолун туһунан сокуон тахсан билигин бу үлэ сүрүн хайысхатын булунна.
2013 сыл, тохсунньу 23 күнэ
2013 сылы – Тыа сирин сылынан биллэрэн, Егор Борисов Анал этиитигэр Тыа сирин сайыннарыыга сүрүн болҕомтотун уурбута. Бу сыл биир улахан ситиһиитинэн тыа сирин биир кэлимник сайыннарыыга туһуламмыт үлэлэр торумнаммыттара, биэс сыллаах былаан оҥоһуллубута буолар. Манна сыһыаран эттэххэ, тыа хаһаайыстыбата нэһилиэк сайдыытын кытта тэҥҥэ тутуллуохтаах суола ыйыллыбыта.
Бу сыллаах үлэтигэр оҕону, ыччаты иитии, каадыры бэлэмнээһин, аттаран туруоруу боппуруостарын көтөхпүтэ. Ол чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо хамсааһына тэриллибитэ, ыччат уонна спорт министиэристибэлэрэ туһунан барбыттара. Ону таһынан Егор Афанасьевич иженердэри бэлэмнээһиҥҥэ, саҥа технологиялары киллэриигэ болҕомтотун ууран, бу эйгэлэргэ хамсааһын таҕыста.
Куорат, нэһилиэк тас көстүүтүн тупсарыыга үлэтин салгыыр. Өскөтүн 2012 с. Дьокуускай куоракка сүрүн болҕомто ууруллубут буоллаҕына, бу сылтан бөһүөлэктэри тупсарыыга киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллыбыта.
2014 сыл, олунньу 4 күнэ
2014 сыллааҕы үлэни торумнуур Анал этиитигэр Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ сиринэн-уотунан арахсан урут-уруккуттан олохтоммут түөрт хайысхатын тутан сайдыахтааҕын эппитэ. Ол курдук, Мирнэй, Ленскэй, Нерюнгри, Алдан курдук промышленнай оройуоннар, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустар, Дьокуускай куорат уонна Арктика, хотугу дойду кыһалҕалара тус-туһунан буолалларын ыйан туран, бу түөрт хайысханан сайдыы хайдах барыахтааҕын бэлиэтээбитэ.
Өскөтүн промышленнай оройуоннар сайдар кэскиллэрэ «Схема 2020» диэн транспорт, энергетика сайдыытын докумуонугар ыйылла сылдьар, Дьокуускай куорат — өрөспүүбүлүкэ киинин быһыытынан ордук тупсаҕай буолуохтааҕын инники Анал этиилэригэр эппит, 2013 с. Тыа сирин сылынан биллэрэн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустар олохторугар саҥа сүүрээни киллэрбит буоллаҕына, Арктика уонна хотугу дойду өр сылларга мунньуллубут кыһалҕаларын быһаарыыга туспа көрүү наадатын бэлиэтээбитэ.
Онон ааспыт 2014 с. Арктика сылынан биллэриллэн үгүс өрүттээх үлэ ыытылынна. Олортон биирдэстэринэн Арктика боппуруостарынан дьарыктанар госкэмитиэт тэриллиитэ, аҕыйах ахсааннаах олохтоох хотугу норуоттарга боломуочуйалаах киһи ананыыта буолар.
Ону таһынан Егор Афанасьевич 2022 сылга бэлиэтиэхтээх өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүн тэрээһинигэр этиилэри киллэрбитэ. Буоларын курдук, социальнай эйгэҕэ туһааннаах боппуруостарга сүрүн болҕомтотун хатаабыта.
2014 сыл, ахсынньы 15 күнэ
Дьэ, ити үөһэ ааттаммыт түөрт хайысханан сайдыы суола торумнаммытын, дьон-сэргэ биир санааҕа түмүллүбүтүн, былаас бары таһымыгар өйдөһүү баар буолбутун, чуолаан нэһилиэк баһылыктара миниистирдэри кытта атах тэпсэн олорон кыһалҕаны быһаарар усулуобуйалара тэриллибитин кэннэ, Егор Борисов өрөспүүбүлүкэҕэ инвестицияны тардыыга, инфраструктураны сайыннарыыга сүрүн үлэни туһулуурга ыҥырар. Бастатан туран, бу сылы Предпринимательство сылынан биллэрэн орто, дьоҕус бизнескэ элбэх көмө оҥоһулунна.
Промышленность эйгэтигэр биир улахан сүүрээнинэн «Сибиир күүһэ» диэн ааттаммыт улахан бырайыак саҕаламмыта буолар. Ону таһынан «Удачнай» комплекса арыллан, ГРЭС иккис уочаратын тутуу саҕаланан, үрдүк күүрүүлээх уот линиялара тардылланнар, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «Суол фондата» тэриллэн, федеральнай суолларга харчы көрүллэн инфраструктураны сайыннарыыга биир улахан хардыы оҥоһулунна. Билиҥҥи туругунан, биһиги региоммутунан ааһар 3,6 тыһ. тахса км уһуннаах үс федеральнай суол баар. Сылын аайы бу үс суолга, Лена, Халыма, Бүлүү трассаларыгар, өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. Быйыл бу суоллары оҥорууга, көрүүгэ барыта 13,9 млрд солк. көрүллүбүт буоллаҕына, мантан улахан аҥара 11 млрд солк. суолу оҥорууга, өрөмүөннээһиҥҥэ барбыта.
Маны таһынан Россияҕа арҕааҥы дойдулар араас бобууну-хааччаҕы киллэрбит кэмнэригэр, аан дойду үрдүнэн улахан экономическай да, политическай да хамсааһыннар бара туралларынан, бэйэ оҥорон таһаарыытын үрдэтиигэ сүрүн болҕомто ууруллубута.
Ону сэргэ бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү, олорор дьиэлэри тутуу, социальнай эбийиэктэри былаан быһыытынан олоххо киллэрии курдук тыын боппуруостар болҕомто кииниттэн түспэтэхтэрэ.
2015 сыл, сэтинньи 26 күнэ
Егор Афанасьевич былырыын оруобуна баччаларга Саха сирин 2030 сылга диэри социальнай-экономическай сайдыытын стратегиятын оҥоруу барыахтааҕын туһунан иһитиннэрбитэ. Кини итиннэ экономика салааларын өйөөһүн, инвестицияны тардыы, дьоҕус, орто бизнеһи сайыннарыы, олохтоох оҥорон таһаарыыны өрө тутуу курдук боппуруостар инники күөҥҥэ тахсыахтаахтарын бэлиэтээбитэ.
Алмааһы кырыылааһыҥҥа, ювелирнай промышленноска болҕомто ууруллуохтааҕын, ону сэргэ ойуур промышленноһын комплекса, таҥаһы-сабы оҥоруу билиҥҥитэ күлүккэ сылдьалларын ыйбыта. Манна даҕатан эттэххэ, бу сыл устата Егор Афанасьевич алмааһы кырыылааччылары, ювелирнай эйгэ үлэһиттэрин кытары хаста да көрсөн, баар кыһалҕаны бэлиэтээн турар.
Интернет, сибээс туһунан этэригэр, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр бары электроннай барыйааҥҥа көһүөхтээхтэрин эппитэ. Саха сирин экологическай фондатын, сылы төгүрүччү тулалыыр эйгэни кэтээн көрүү барыахтааҕын, сир баайын туһанар тэрилтэлэр эппиэтинэстэрин үрдэтии сокуон хараҕынан ыытыллыахтааҕын өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Дьиэ тутуутугар болҕомтону хатаан туран, 2022 с. диэри үлэлиэхтээх дьиэ тутуутун бырагырааматын оҥоруу барыахтааҕын, тутууга уопсастыба хонтуруола күүһүрүөхтээҕин, ону таһынан бөҕү-саҕы хомуйуу билигин да быһаарылла илигин бэлиэтээбитэ. Уонна бу сылы Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылынан биллэрбитэ.
Дьэ, онон көрөргүт курдук Егор Борисов Анал этиитэ ситиһиини эрэ дакылааттааһын буолбакка, туох кыһалҕа баарын ыйыыта, онно болҕомтону хатаан былааннаах үлэни ыытааһына буолар. Ил Дархан хас сылын аайы эппит этиилэрин барытын биир тиһиккэ киллэрэн, сыл устата ыйаах, уураах, сокуон оҥорон таһаарар.
Оттон быйыл туохха сүрүн болҕомтотун хатыаҕай? Эрдэтинэ сэрэйэн эттэххэ, эһиилгиттэн өрөспүүбүлүкэ салалтата бырайыагынан үлэлээһин ньыматыгар киирэринэн, бука, бу боппуруос болҕомто киинигэр турара буолуо. Ону ааһан билигин Стратегия дьон-сэргэ дьүүлүгэр тахсан, эттэнэн-сииннэнэн эрэринэн (бу сыл бүтүүтэ толору оҥоһуллуохтаах) манна туһаайыылары этиэҕэ. Бүддьүөтү тыырыы үс сылга былааннанарынан уонна нолоукка эһиилгиттэн үгүс уларыйыы киирэринэн, бу боппуруоһу хайаатар да таарыйыаҕа. Онон чэппиэргэ сэтинньи 24 күнүгэр күнүс 12 чааска “Саха” НКИХ холбуургутун умнумаҥ. Анал этиини быһа эфиринэн көрдөрүөхтэрэ.
Аграфена КУЗЬМИНА.