Дапсы: «Тылбыт өлөр кутталлаах…»

23.02.2021
Бөлөххө киир:

Михаил Петрович АлексеевДапсы – тыл билимин хандьыдаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, Арассыыйа наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ, “Саха тылын үйэлээх үгэһин тылдьыта” кинигэ ааптара, “Биһирэм тыл” биэрии ааптара, “Саха кэскилэ” түмсүү Тойон сүбэтин кыттыылааҕа, “Саха литературата” ассоциация сүбэтин чилиэнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Боотулуу нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо.

Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас хабааннаах тэрээһиннэр киэҥник ыытылыннылар. Үөһээ Бүлүү улууһун кииннэммит бибилэтиэкэтэ “Кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр” диэн сэһэргэһиилэри куйаар ситиминэн тэрийэр. Биир оннук кэрэхсэбиллээх көрсүһүүнэн диалектолог, лексиколог, публицист, тылбаасчыт, бэйиэт, литературнай эрэдээктэр Михаил Петрович Алексеевы-Дапсыны кытары сэһэргэһии буолла.

Дапсы саха тылын, сөпкө саҥарыы, сахалыы өй-санаа туһунан санааларын, этиилэрин таһаарабыт.

Сахалыы эҕэрдэлэһии уратыта

Бэйэ тылын төнүннэрэн туттар, эргитэр диэн туох буруйдаах, сэмэлээх буолуоҕай? Холобур, бэлиэлээҕи кырынаас дии сылдьарбыт тылы байытыы буолбат дии саныыбын. Нууччалар тириини туталларыгар “горностай” дииллэрин, биһиги дьоммут куруук истэр буолан, “бу нууччалар туттар тыллара, биһиги олохпутугар наадалаах тыл эбит” диэннэр, кырынаас диэн тылы туттар буолбуттар. Оннооҕор кыыһы, дьахтары Кырынаастыыр диэн ааттаабыттара баар. Үчүгэй, маҕан дьахтар буолуохтаах. Саха былыргыттан маҕан туһугар “өлбүт” омук. Маҕаны кыраһыабай, үчүгэй дии саныыр. Хара буоллаҕына, дьэ, сирэр. Бэйэбит бороҥмут. Бороҥ саха, бороҥ урааҥхай диэн аатырабыт. Ол атын омуктартан уратыбыт буолар эбит.

Саханы кытары кэпсэтиигэ тугунан эҕэрдэлэһэбитий? Билэр, билбэт киһигэр тус-туһунан эҕэрдэлэһэҕин ээ. Бэркэ билэр киһигин кытары “дорообо” дэспэккин. “Кэпсиэ” да диэбэккин. “Хайа, тугу биллиҥ, ким сырытта?” диэн буолар. Онтуҥ эмиэ эҕэрдэлэһии тэҥэ. Бэйэҥ дьонуҥ былыр-былыргыттан үөскэппит үгэстэрэ буоллаҕа. Кинини төһө билэргинэн, хайдах кэпсэтэргинэн тылыҥ-өһүҥ уларыйар. Куруук билсэр, тугу гынарын билэр буоллаҕыҥ. Наар биир дорообо буолбат. Киһи икки ардыгар сыһыаннаһыы бэлиэтэ тус-туһунан буоллаҕа. Булгуччу “дорообону”, “дыраастыйы” эрэйэр табыллыбат. Ону сахалыы билэр дьон билигин да тутуһуохтаахтар дии саныыбын.

Тылы туох дьадатарый?

Биһиги тылбыт нуучча тылын курдук тиэрмини этии аайы хороччу тутта сылдьыбат. Түгэниттэн көрөн, ханнык баҕарар тылы, этиини уларытан биэрэҕин. Оччоҕо үчүгэй, истиҥ сэһэргэһии буолар. Тылы билэр киһи онно хаайтарбат. Тиэрмин, бэлэм этии “клише” курдук сылдьар буоллаҕына, онно тылы билбэт, имитэн-хомутан туттубат киһи нууччалыыттан туруору тылбааһы саҥарар. Онтуҥ тылы олус дьадатар, куһаҕан. Хаһыат сирэйин аайы киһи баһаам алҕаһы булар.

Тылы билбэт диэн наһаа хомолтолоох. Хайдах да үөрэппэккин. Омуктууну, нууччалыыны түргэн баҕайытык ылыналлар. Өс хоһоонун, сомоҕо домоҕу тиэрэ, мээнэ саҥара сылдьабыт. Оннооҕор “Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт” диэҥҥэ, дьэ, кырдьаҕаһы сордууллар ээ. “Хааһахха уган, хаайан, симэ сылдьан” дииллэр. Өйдөөбөккө саҥараллар дуу? Тугу саҥаралларын билбэт дьон элбэх. Кэлин да сыыһа саҥардыбыт диэн көннөрүммэттэр.

Дьэ, ону хайдах көннөрөрү ким да билбэт. “Нуорма, нуорма” дииллэр. Нуорма диэн эмиэ сыыһа саҥарыы. Дьиҥинэн, “нуорба” дииллэр этэ. “Нуорба бурдук, нуорба эт” — барыта нуорбалаах. Сөпкө саҥарыы умнуллан хаалла. Билигин учуонайдар, нууччатыйбыт дьон “нуорма” диэн суруйбуттарын ирдииллэрин толорон, киһи бары нуорма диир. Ити нууччалыы саҥа. “Таммах” диэни саха хаһан да “тармах” диэбэт.

Мин үөрэтэ сатаан, дьиҥинэн, эдэрбиттэн кыһаллан, ыарыыланан, туруорса сатаан баран, тохтоотум… Соҕотох буоллаҕым дии, ким да ханыы буолбат. Үөрэхтээхтэр, учуонайдар, суруйааччылар, суруналыыстар кыһаллыбаттар. “Барыта үчүгэй, тылбыт байа турар, нуучча тыла бөҕө киирэр” диэн. “Киирэр” диэн тыл билиҥҥэ диэри сии сылдьар. Киирэр буоллаҕына, сахатыйан хаалбыт буолуохтаах. Ырбаахы, ыстаан диэн уларыйбытын курдук. Оттон “рубашкаҕын аҕал” дии сылдьар буоллаххына, ол саха тыла буолбатах ээ, нуучча тыла. Оннук киһини кытары киһи тулуйан, тэһийэн кыайан сэһэргэспэт. Ол киһи тугу сахалыы сатаан саҥарыаҕай?

Туруулаһа сатаатым…”

Мин биэрии биэрэр эрдэхпинэ элбэҕи мунньар этим. Биир киһи барытын ситэн аахпат, мунньубат буоллаҕа. Кыра кумааҕыга суруйан угарым. Ол мин үлэм саамай улахан сорҕото сылдьар диибин. Бар дьону үөрэтэр, дьон тугу сыыһарый, туох үчүгэй этии баарый? Ол мунньубуппун, кыахтааҕым, үптээҕим буоллар, бэчээттиэхтээх этим. Оччоҕо картотека буолан, көмпүүтэргэ киирдэҕинэ, сыаналаах баай буолуохтаах. Маны анал үөрэхтээх киһи, учуутал, учуонай талбытынан туттар кыахтаах. Бэйэтэ талбытын булан ылан, ыстатыйа, кинигэ да суруйуон, үөрэнэр кинигэҕэ көмө босуобуйа да оҥостуон сөп. Учууталларга улахан көмө буолуо этэ. Ону ким босхо бэчээттиэҕэй?

Мин сарсыарда биэскэ “күөрэс” гынан баран, сороҕор киэһэ уоҥҥа, уон биир чааска утуйуохпар диэри көмпүүтэргэ олорор буолар этим. Тоҕо? Бытааммын. Сыыһа охсон кэбиһэбин. Онон оннук дьээлтиирдэнэн, уһуннук эрээри кыраны үлэлээн, уонча кинигэни бэчээттэтэн турабын.

Араадьыйаҕа 25 төгүрүк сыл “Биһирэм тыл” биэриибин биэрдим. Ол эрээри кэлин үөрэтэ сатаан баран, тохтоотум. Дьон үөрэммэт, олох өйдөөбөт, тылбыт өлөр кутталлаах диирбин истибэт. “Соруйан куттуур” диир куолуһут наһаа элбэх, сымыйаргыыллар. “Саха тылын өрүтүннэриэххэ” диэн тыллаах этим. Ыараханнык ыалдьыбыт киһи бастаан өрүттэр, үтүөрээри гынна диэн эрэл үөскүүр. Онтон үтүөрэр, атаҕар турар. Ону билигин тыл үөрэҕэр тылы өрүтүннэрии диэн өйдөбүл суох.

Бастаан ыалдьыбыт, сааһырбыт тылы өрүтүннэриэх тустааххын. Көннөрөн, сыыһатын аҕыйатан, ол кэнниттэн, кыаллар буоллаҕына, сайыннарыахтааххын. Билигин “тылы сайыннарабыт” дэһэллэр. Хайдах сайыннараллар, бу үлүгэрдээх буолбуту? Биир да тылы сатаан холбообокко, ситимнээбэккэ сылдьан?

Дьон ситэ өйдүү илик, “сахалар баарбыт, саха тыла өлүө суоҕа” диэн тыллаахтар. Туохха эрэнэн, туохтан тэптэн итинник тыллаһалларый? Билигин аан дойду үрдүнэн тыл барыта кутталга олорор. Оннооҕор улахан тыллар куттаналлар. Нуучча алпаабыта баар буолан, нууччалыы саҥардаллар, суруйтараллар. Дьокуускай диэни 400-чэ сылга чугаһыар диэри Якутскай диэн суруйтаран кэллилэр. Сахалыы алпаабыттаах, буукубалаах буоллахха, саха тыла уһун тыыннанар.

Маама”, “паапа”, “деда”, “сына” дии сылдьабыт. Уларытан, сахалыы саҥардахпыт буолан, “ийээ кэллэ”, “аҕаа барда”, “эбээ дьиэтэ” диэн буолар. Төрдө “ийэ”, “аҕа”, “эбэ”, “эһэ” диэн буоллаҕа, ыҥырдахха эрэ, уһатан биэрэҕин. Ити курдук, сыыһа-халты тахсан кэлэ турар. Алдьаммыт куулу абырахтыы сатыыр курдук, олох ситтэрбэт, бара турар.

Сахалыы өй уларыйда

Манна элбэх этиини мунньа сылдьабын. Биэриим саҕаланыытыгар кыра үөрэхтээх 80-наах оҕонньоттор курдары өйдөөннөр, эт мэйиилэринэн билэннэр, наһаа көмөлөһүөхтэрин баҕараллар, суруйаллар, араадьыйаҕа төлөпүөннүүллэр этэ. Билигин оннук кырдьаҕас суох буолан хаалла. Сааһырбыт да дьонуҥ тылы билбэт, тыл итэҕэһин өйдөөбөт. Урут хайдах саҥарыллыбытын билбэт. Онон балык буолан хааллыбыт.

Аны билигин дьахталлар тылы сыыһа саҥарарга урутаан иһэллэр. Оҕолору кинилэр үөрэтэллэр, нууччатыйарга. “Ага”, “аһаа” дииллэр. Биир да “ээх”, “сөп” диир дьахтар суох. Дьэ, буолар да эбит! Бары нуучча буола сатыыллар. Наһаа кыһыылаах. Оннооҕор биир дьахтар “Саҥа күн” диэн биэриигэ туохтан эрэ үөрэн: “Наконец-то я почувствовала себя женщиной!” диэн хабылыннарда. Бу курдук дьоммут.

Киһи үөрдэҕинэ, соһуйдаҕына, сөхтөҕүнэ, сөбүлээбэтэҕинэ, саҥа аллайар. Ол саҥа аллайыыта сахалыы дуу, нууччалыы дуу? Сахалыы буоллаҕына, бу саха киһитэ диибин. Оттон нууччалыы, омуктуу саҥа аллайар буоллаҕына, сахатыттан ырааппыт киһи. Сирэйэ саха, сахабын дэнэр, дьиҥэ, бу иһэ, өйө-санаата барыта уларыйбыт киһи. Ол иһин билигин онно-манна баран олороллор дии. Үөрэнэ бардыбыт диэн баран, олохсуйа хаалаллар, эргэ тахсаллар. Ону хайҕаан бөҕө буолабыт, үчүгэйдик олорор, байбыт диэн. Итинник ымсыырдыы диэн туох аатай?  Дьиҥнээх дьэлликтэр буоллахтара. Киһи дойдулаах, дьонноох-сэргэлээх буолуохтаах. Бэйэбит да аҕыйахпыт. Ол аҕыйахтан омуктуу билэр дьоммут таска баран хаалар буоллахтара, манна эмиэ киһи наада дии.

Онон өйбүт-санаабыт уларыйда. Саха киһитэ былыр дойдутуттан араҕыан баҕарбат этэ. Өссө үтүргэннээх үйэ иһэр курдук көрөбүн…

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0