Дапсы: «Батсаап тыла-өһө дьаабы: саха дьоно үөрэҕэ суоҕун, култуурата намыһаҕын көрдөрөр»

06.11.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн тыл билимин хандьытаата, суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, саха тылын эмчитинэн ааттаммыт Михаил Петрович Алексеев-Дапсы 81 сааһын туолла. Онтон сарсын – Саха араадьыйатын күнэ. Кинилэри туох ситимниирин саха тыллаах ааҕааччылар уонна истээччилэр бэркэ диэн билэллэр. Аҕам үөлээннээҕин, убайбын Дапсы Мэхээлэни көрсөн, хаптаҕай кулгаахтаах истэ илигин этитэргэ холоннум.

edersaas.ru


Биэнсийэтигэр 5 тыһыынчаны эбинээри…

— Мэхээлэ, төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэ бастыҥа буоллун! Мин билэрбинэн, лоп курдук биэс сыллааҕыта 75 сааскын бэлиэтээн тураҕын. Халандаарга даҕаны быйыл 80 сааскын туоларыҥ туһунан суруллан сылдьар гынан баран, биир дойдулаахтарыҥ, үөһээ бүлүүлэр, “кырдьаҕаспытын былырыын эҕэрдэлээбиппит” дэһэллэр. Хайдах-хайдаҕый?

— Мин дьиҥнээх төрөөбүт сылым 1937 буолбакка, 1936 сыл. Ону эдэр эрдэхпиттэн билэрим эрээри, улахаҥҥа уурбакка сылдьыбыппын дьон: “Мэхээлэ, сүүйтэрбиккин: 80 сааһын ааспыт киһиэхэ биэнсийэтигэр 5 тыһ. солкуобай эбиллэр”, — диэннэр, дьэ хамнанан, былырыын уларыттаран кэбиспитим. Онон 80-мун дьоммун-сэргэбин кытта ылбытым. Быйыл даҕаны сылтах баар. Саха араадьыйатын күнүгэр “Биһирэм тыл” биэрии салгыны сатарыппыта 25 сылын бэлиэтиибит, онно ыҥыран сиэр быһыытынан атаарыахпыт диэбиттэрэ.

Ол төрөөбүт сылыҥ хайдах бутуллубут муҥай?

— Сэрии кэмигэр 1943-1945 сыллардаахха Бүлүүгэ оҕо дьиэтигэр иитиллибитим. Онно барарбар уларыппыттар быһыылаах. Былыргы оҕо туох аанньа таҥастаах-саптаах буолуо баарай. Итиэннэ уҥуохпунан кырам бэрт даҕаны буолан, оскуолаҕа тута киллэримээри, сааспын кыччаппыттар диэн сэрэйэбин.

Улаатыар диэри – тыыннаах тулаайаҕа

Эйигин хойукка диэри ийэлээх-аҕалаах диэн билэбин. Эбэтэр аҕаҥ сэриигэ барбытыгар хоргуйууттан быыһаан ыыппыттар дуу?

— Аҕам аармыйаттан сыыйыллыбыта. Сэрии буолуо быдан иннинэ ийэм миигин “ыарахан сырыттаҕына”, аҕам нэһилиэк киинигэр Боотулууга (дьонум оччолорго Сургуулук уонна Көтөрдөөх икки ардыгар Киһилээххэ олорбуттара) киирэн баран, ыйы быһа таһыччы сүтэн хаалар. Дьиҥэр, “госторг“ диэн тэрилтэҕэ кэпсэтэн, тыаҕа саһаан охсуутугар үлэлээн харчыласпыт эбит. Төлөпүөн, сибээс суох үйэтигэр аҕам киин сиртэн ойуччу олорор ойоҕор хайдах илдьиттиэ баарай. Ол кэмҥэ ийэм аҕата өлөр, ийэтэ ыалдьан сытар. Инньэ гынан, хат дьахтар ыйы быһа бэйэтэ мастанан-муустанан, сүөһүтүн көрөн олорбут. Тустаахха ыарахана, абалааҕа биллэр. Аҕам кэлбитин чэйдэтэн баран, үүрэн кэбиһэр. Хайыа баарай? Утуйар таҥаһын атын сыарҕатыгар тиэнэн, биир тыһаҕастааҕын сэтиилэнэн, Оноҕоччукка аҕатын аахха, Хабырыысалаахха, барар. Оҕо дьиэтиттэн миигин эһэм Хабырыыса тиийэн аҕалбыта. Онно харайбатаҕа буоллар, хайдах-туох киһи буолуом биллибэт этэ…

— Аҕаҥ иккиһин хаһан киирбитэй?

— Кыра эрдэхпиттэн аҕалаах оҕолорго ымсыырааччыбын. Аҕам Бүөтүр соччоттон сыста, чугасаһа сатыыр эбит, кини миигин Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтигэр киллэрбит. Кыһалҕаттан оннук дьаһаннаҕа: аҕам хаана тоҕу барбытын (сэллик буулаан) Дьокуускайга балыыһаҕа эмкэ ыыппыттар. “Аҕабытын кытта бииргэ олоруохха”, — диирбин ийэм буолунааччыта суох. Эдэригэр олус сытыы-хотуу, биир сиргэ таба олорбот, айахтааҕы атыппат саҥалаах, элбэх кэпсээннээх киһи үһү. Ол иһин ийэм эрэлэ суох киһи диэн буоллаҕа, кэргэн кэпсэппитин өргө диэри сөбүлэммэккэ сылдьыбытын таайа модьуйан эрэ тахсыбыт. Былыргыга таай тыла – дьүүлгэ турбат, сокуон. Кэлин улаатан бараммын 1953 сыллаахха аҕабын бэйэм ыҥыран аҕалбытым. Онтон ыла ийэбинээн өлүөхтэригэр диэри бииргэ олорбуттара.

— Оччоҕо биир ийэттэн-аҕаттан төрөөбүт соҕотох буоллаҕыҥ?

— Чороҥ соҕотохпун. Ол эрээри, аҕам кураанах сылдьыа баара дуо. Ол икки ардыгар ойохтоно сылдьыбыт, онтуттан Сахаар Өлөксүөйэп диэн уоллааҕа куоракка кэлэн олохсуйбута, манна үлэлээбитэ. Киниттэн икки уол хаалбыта.

63 саастааҕар учуонай буолбута

— Киһи биир кэм тилигирии сылдьыбат. Эн үлэҥ муҥутуур тахсыылаах кэрчик кэмин ахтан-санаан ааһыахха.

— Сөпкө этэҕин. «Биһирэм тыл» биэриибин дьон-сэргэ биһирээбитэ, сэҥээрбитэ. Тыл сокуона ылыллыбыта үлэбэр тирэх буолбута. Биэриибин 25 мүнүүтэттэн 40 мүнүүтэҕэ диэри уһаппыттара. Ол даҕаны, ардыгар, тиийээччитэ суох (мүчүк гынар). Олус элбэх бириэмэни ылар буолан, суругу хааччахтыы сатыырым үрдүнэн. Эфиргэ быһа тахсарым. Ыйытыы быыһа суох киирэрэ. Соҕотох киһи ону кыаммат, араадьыйа үлэһит биэрбэт. Маҥнай утаа атастарбын ыҥыран, төлөпүөҥҥэ олордор этим. Сорохтор хастыыта да «дьуһуурунайдаан» баран, сөп буолбуттара. Кэлин устудьуоннары көмөлөһүннэрэр буолбутум. СГУ саха тылын бакылтыатыттан Г.Г.Филиппов, С.Д.Егинова, Д.Чиркоева сүрдээҕин өйөөбүттэрэ. Алена Кирилловна Прокопьева бэйэтинэн биэриигэ кыттара.

Биэриибэр бэлэмнэнэн, элбэх тылы хаһыспытым, элбэх матырыйаалы муспутум. Биир идэлээхтэрим, чуолаан ТЛИНЧИ тыл секторыгар сэбиэдиссэйим И.Е.Алексеев-Хомус Уйбаан күүркэтэн, көмүскэнэрбэр сүбэлээбиттэрин ылынан, «Ийэ тыл үйэлээх үгэһэ уонна онтон туорааһын» диэн үлэ суруйбутум. Сааһыланарбар-саамыланарбар 3 сыл, реферакка иҥин 1 сыл бардаҕа. Инньэ гынан, 2000 сыллаахха 63 саастаахпар көмүскээбитим.

Иккиһин 75 сылбын ылан баран, 2013 сыллаахха өрө көтөҕүллэн үлэлээн, биэс кинигэни таһаарбытым.

Суруналыыс суолуттан тоҕо туораабыта

— Кырдьаҕас «Кыым» хаһыат устуоруйатыгар эн эмиэ кыттыгастааххын. Эппиэттиир сэкирэтээри солбуйааччынан үлэлээн ааспытыҥ. Хаһыаттан тоҕо, хайдах барбыккыный?

— «Кыым» хаһыакка үлэлии олорон, 1989 сыллаахха институкка үлэлии көспүтүм. Ол иннинэ, хаһыакка олорон, инфарктаан охтубуппун наһыылканан балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Биир ый эмтэнэн үтүөрбүтүм. Ол барыта – санааҕа баттатыыттан. Олус бопсоллор-хаайаллар этэ. Кырдьаҕас суруналыыстар «бу киһи биһигиттэн ордоору, чорбойоору гынна» дии саныыр курдук быһыыланаллара. Онон суруйуох-айыах баҕабын тууйбуттара. Үтүөрэн тахсаат, институкка үлэлии көспүтүм. Эдэрбэр 7 сыл үлэлии сылдьыбыт тэрилтэм буоллаҕа. Билэр-билсэр дьонум элбэх этэ. Дириэктэрбин, сэбиэдиссэйбин кириитикэлээн, үүрүллэн турабын. Оччолорго «баһаарыннар» уонна «ньурбалар» диэн икки лааҕыр утарыта киирсэллэрэ. Мин устудьуоннуур эрдэхпиттэн – «баһаарыммын». Биһиги аҕыйах буоламмыт баһыйтарар этибит. Эн таайыҥ, литературовед Хабырыыл Бойуоскарап биһиги бөлөххө тумус туттар киһибит этэ. Миигин кини быраата диэн сорох абааһы көрөөччү, сорох саллааччы…

— Өрөспүүбүлүкэ соҕотох сүрүн хаһыатыгар «илэҥсэ олох» диэн өйдөбүлү киллэрэн тураҕын. Кырдьаҕастар тоҕо ону ылымматахтарай?

— Саха сириттэн соҕотох ССРС норуодунай учуутала буолбут М.А.Алексеев арыгыны утары сурук киллэрбитин оҥорбутум. Ыстатыйаны «Илэҥсэ өйбүтүнэн олоруоҕуҥ, илэҥсэ өйдөөхтөрү иитиэҕиҥ» диэн төбөлөөбүппүн салалтаны кытта күнү быһа ылахтаһан, мөккүөр бөҕөнөн ылыннарбытым.

— Саллайар сааскар арыгыны амсайбатаҕыҥ, табаҕы тардыбатаҕыҥ дуо?

— Оскуолаҕа үөрэнэрбэр табах тарда сылдьыбытым. Сайын от кэмигэр түптэлэнэр кыһалҕаттан уонна «үөрэх бүттэ даҕаны, барыта – көҥүл» диэн санааттан быһыылааҕа. Хайдах курдук үөрэх саҕаланнар эрэ быраҕан, умнан кэбиһэрим. Оттон арыгыттан маҥнай сухуойу, онтон сампааныскайы үлэһит буолан бараммын биирдии-иккилии үрүүмкэни бырааһынньыктарга көххө көтөхсөр буола сылдьыбытым. Горбачев 1985 сыллаахха «сухуой сокуону» киллэрбитигэр төрүт бырахпытым. Холуочук, арыгы сыттаах киһини даҕаны тулуйбат этим. «Кыым» хаһыакка үлэлиирбэр ыйга хас эрэ буокка, кыһыл нуорумалаах этибит. Ону ылааччым суох. Иһэр кырдьаҕастар көрдөһөллөрүн батан кэбиһээччибин. Ким эрэ (салалтаҕа чугас сылдьааччылар) син биир ылан иҥэринэн эрдэҕэ, билбит суох, билэ даҕаны сатаабат этим.

Ыарыһахха дылы, «күн-дьыл туруга» буолан

— Мэхээлэ, «Биһирэм тыл» биэрии төһө көдьүүстээх, туһалаах буолла дии саныыгын?

— Дьоҥҥо өйдөтө, ылыннара сатыыр – ыарахан. Ол гынан баран, үлэм түмүктээх соҕус буолла дии саныыбын. Дьон санаатыгар иҥэн хаалла. Сорохтор үлэлэригэр туһаналлар эбит. Оннооҕор тылтан тэйиччи дьарыктаахтар. Холобур, «Сунтаарцеолит» ХЭУо урукку салайааччыта Афанасий Акимов оннук этэн турардаах. Араадьыйаҕа: «Халлааммыт бүгүн…» – диир буолбуттара. Тоҕо ыарыһах киһиэхэ дылы «күн-дьыл туруга» буолуохтааҕый? Истэргэ – олуона.

— Оттон тэлэбиидэнньэ кэрэ куолара: «Эһигинниин бииргэ буола олоробун мин – …» – дэһэллэриттэн сирдэттэххэ, ситэ көннөрбөтөх курдуккун..

— Кырдьык, оннук тас быһыыларынан-таһааларынан үтүөмсүйэ, саҥаларын-иҥэлэрин ньырамсыта сатыыр кыргыттары тулуйан-тэһийэн истибэппин ээ. Тэлэбиидэнньэҕэ ыытааччы төттөрүтүн дьоһуннаахтык, дуоспуруннаахтык туттуохтаах. Холобур, мин «биэриилээх Хабырыыса Бүөтүрүн Мэхээлэтэ» эбэтэр «Дапсы Мэхээлэ» диэнинэн муҥурданааччыбын.

— Эйиэхэ төрөөбүт-үөскээбит эйгэҥ ийэ тыл сүмэтин иҥэрдэҕэ.

— Оннук. Ийэм биир кылаас үөрэҕэ суоҕа. Эгэ, эһэм-эбэм аах нууччалыы, этэргэ дылы, «чуорт» диэн даҕаны билбэт дьон буоллахтара. Бука, ол иһин ыраас, ийэ тыл баайын иҥэриннэҕим.

— Батсаабы эмиэ баһылаабыккын. Тылын-өһүн хайдах ылынаҕын? 

— Атынын сатаабаппын эрээри, суруйарын баҕас суруйабын, ааҕабын, санаабын этэбин. Батсаап тыла-өһө дьаабы диэн малтаччы этэбин. Ити саха дьонун үөрэҕин таһымын, култууратын көрдөрөр эбээт. Хомойуох иһин, өбүгэлэрбит «бил баһыттан сытыйар» дииллэрэ кырдьык. Тойотторбут-хотуттарбыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр-көстөр дьон оннук суруйаллар. Кыаҕа суохтарын, кымматтарын көрдөрөллөр. Оскуолаҕа киһилии үөрэммэттэр. Дьиҥэр, сэттэ кылаас иһинэн үчүгэйдик үөрэммит киһи сахалыы ыраастык суруйуохтаах, саҥарыахтаах.

«Саха сирэ» хаһыакка муннук көрдүүр

— «Биһирэм тылгар» аны төрүт эргиллибэккин дуо?

— Суох. Сааһырдым, бытаардым. Үйэ чиэппэрин устатыгар 1240 биэриини соххор солкуобай төлөбүрэ суох бэлэмнээн таһаардым, ыыттым. Ол тухары бэйэм буруйбунан биир да биэрии көспөтөҕө. Мин курдук кырдьаҕас киһиэхэ 15 мүнүүтэ инниттэн барарым-кэлэрим ыарахан ээ. Гонорар сыыһын биэрэллэрэ буоллар, син даҕаны этэ. Кэммин-кэрдиибин кэмчилиибин. Үлэм элбэх. Хаартыскаларбын (тыллары, өйдөбүллэри суруйбут карточкаларын этэр. – В.Н.) бэрийэн, саамылаан, кинигэ суруйуом.

— «Кыым» хаһыакка сэһэргииргэр: «Саха сирэ» хаһыат ылынара буоллар…» – диэн таайтаран эппит этиҥ. Ол тугуй?

— Нэдиэлэ устата тахсыбыт саха хаһыаттарын бэрийэн, ырытан баран, мунаах тыллары быһааран суруйуохпун баҕарабын. Уустук, мөккүөрдээх тыл буоллаҕына, быһаарыыта уһун буолар. Оччоҕуна муннук эрэ буолбат, кырата балаһа аҥаарыгар эбэтэр балаһаҕа батабын. Урукку кырдьаҕас «Кыымҥа» хас да таһаарыыга биэрээччилэр. Онно эһиги хаһыаккыт салалтата сөбүлэниэ дуо? Сайын ыҥыран ырыттара сылдьыбыттарыгар тоһоҕолоон эппэккэ хаалбыппын.

Түмүккэ сэбиэскэй кэм оҕолорун сиэринэн, Өктөөп өрөбүлүүссүйэтин сүүс сылынан эҕэрдэлэһэн кэбиһиэххэ. Бассабыык былааһыгар сыһыаныҥ хайдаҕый?

— Ленини, Сталины сүрэхпэр илдьэ сылдьар киһибин. Пединститукка саха тылыгар 1957-1962 сылларга бастакынан үөрэммитим. Бүтэрэр сылбар «личность культун» туһунан уураах тахсыбыта. Устуоруйаҕа судаарыстыбаннай эксээмэн туттарарбар үүт-маас онно сыһыаннаах билиэт түбэспитин маҥнай хайдах үөрэппиттэрин курдук кэпсээтим. Испэр «биэскэ» хоруйдаатым диэммин, аны тус санаабын этээччи буолан «алдьанным». Ол кэпсээбит дьоммор Сталиммын көмүскэһэн, төттөрүтүн куолулаатым. Түмүгэр «үс» сыананы куустаран кэбиспиттэрэ…

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаhыат,  edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0