“Даппарай хапсаҕайа” өрөспүүбүлүкэ таһымнанна

Ааптар: 
26.02.2020
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Өлүөхүмэ улууһун Даппарай сэлиэнньэтигэр “Даппарай хапсаҕайа” буолан ааста. Тэрээһин быйылгыттан өрөспүүбүлүкэ таһымнанан, уопсайа, 135 хапсаҕайдьыты муста. Бириис фондата 600 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ.

edersaas.ru

Кылгастык устуоруйа быыһын сэгэттэххэ, Даппарайга хапсаҕай күрэхтэһиитэ маҥнай 2011 сыллаахха биирдиилээн дьон көҕүлээһиннэринэн, ыччаты чөл олоххо, успуорка угуйар сыалтан тэриллибитэ. Кыттааччытын ахсаана сыллата эбиллэн, суон сураҕыран, быйыл Ньурбаттан, Дьокуускайтан тиийэ хапсаҕайдьыттар баран кытыннылар.

Икки күн устата бэрт сытыы киирсиилэр аастылар. Халбас харатын көрөөччүлэргэ манна бэлэхтээтилэр. Ол курдук, “Даппарай хапсаҕайа” быйылгы муҥутуур кыайыылааҕынан Сандал Горохов (Сунтаар, 75 кг диэри) уонна СӨ спордун маастара Николай Николаев (Бүлүү, “Модун”, 75 кг үөһэ) таҕыстылар.

 

Уолаттарга кыайыылаахтар:

45 кг – Станислав Данилов (Өлүөхүмэ, Кыыллаах)

50 кг — Тарас Еремеев (Өлүөхүмэ, Токко)

55 кг – Родион Васильев (Хаҥалас, “Модун”)

62 кг – Леонид Ильинов (Өлүөхүмэ, Тээнэ)

70 кг – Сурен Оганесян (Өлүөхүмэ, Хоро)

80 кг – Константин Осипов (Өлүөхүмэ, Абаҕа)

80 кг үөһэ – Данил Тураканов (Өлүөхүмэ, Кээччи).

Эр дьоҥҥо:

57 кг – Вячеслав Данилов (Нам, “Модун”)

65 кг — Владислав Сокорутов (Өлүөхүмэ, Кыыллаах)

75 кг – Николай Габышев (Өлүөхүмэ, Хоро)

85 кг – Антон Голомарев (Өлүөхүмэ, Хоро)

95 кг – Николай Николаев (Бүлүү, “Модун”)

95 кг үөһэ – Александр Румин (Нам, “Модун”)

 

Бэтэрээннэргэ:

60 кг – Михаил Макаров (Токко, “Модун”)

70 кг – Семен Шараборин (Өлүөхүмэ, Тээнэ)

80 кг – Иван Сильвестров (Мэҥэ Хаҥалас)

80 кг үөһэ – Александр Румин (Нам, “Модун”).

edersaas.ru

 

 

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0