Даннайдары хомуйар киин Саха сирэ цифровой өрөспүүбүлүкэ буоларын бигэргэтиэҕэ

Ааптар: 
05.05.2022
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга информацияны хомуйарга уонна ырытарга аналлаах модульнай дата-центр (ЦОД) диэн арылынна. Бары сүрүн систиэмэтэ уһук хотугу сиргэ аналлаах Арассыыйа бырагырааматын баазатынан хааччыллыбыт. Бу цифровой даннайдар куттала суох буолалларын уонна Саха сирин информационнай систиэмэтэ бигэтик үлэлиирин хааччыйыаҕа. 

Тустаах киин аҕа баһылык Айсен Николаев тус сорудаҕынан тэрилиннэ. “Дата-центр Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар үлэтин саҕалыыра бэлиэ суолталаах. Саҥа кыах арыллан, кэлэр сүүс сылга Саха сирэ цифровой өрөспүүбүлүкэ быһыытынан иннин диэки дохсуннук хардыылыаҕа. Цифровизация хаамыыта тэриниилээх уонна туох даҕаны харгыһа суох буолара суолталаах. Мантан биһиги туох баар үлэбит уонна өҥөнү туһанар Саха сирин сүүһүнэн олохтооҕун туруга тутулуктаах”, — диэн Айсен Николаев эттэ.

Бу киин эрэгийиэн туох баар информационнай эргиирин үлэтин хааччыйар. Номнуо билигин судаарыстыбаннай былаас уорганын уонна ойуур баһаарын суһал кэтээн көрөр систиэмэтэ, “122” кэлим нүөмэрдээх колл-киин курдук биэдэмэстибэннэй тэрилтэлэрин информационнай кыахтара тутуллан тураллар. Ону таһынан, манна Саха сирин олохтоохторун олоҕун биллэ судургутутар – AITA цифровой көмөлөһөөччү уонна тырааныспар интеллектуальнай систиэмэтэ бааллар.

Тустаах киин экэниэмикэ, доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх салаатын сыыппаралааһыҥҥа көмөлөһүөҕэ. Толору кыаҕын ыллаҕына кэлэр түһүмэххэ судаарыстыбаннай секторга уонна биисинэскэ эбии өҥөлөрү оҥоруоҕа.

СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Хаартыска СИАтан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0