Даниловтарга Удачнай – дьол куората

09.12.2021
Бөлөххө киир:

«Төрөөт да, өрөспүүбүлүкэҕэ билиннэ, барыларын соһутта!» — диэн Саха сирин 2021 сылга 10-с тыһыынча олохтооҕо кырачаан Айтал төрөппүттэрэ күлэ-үөрэ этэллэр.

Кырачаан киһи Мииринэй улууһун Удачнай куоратын олохтоохторо, элбэх оҕо­лоох Прасковья уонна Альберт Даниловтар дьиэ кэргэттэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрдө.

edersaas.ru

— Миэхэ куорат социальнай харысхалын управлениетыттан эрийэн, соһуччу сонуну иһитиннэрбиттэригэр, бэл, кыратык ыксаабытым уонна туох да диэхпин билбэтэҕим. Бастаан итэҕэйбэтэҕим уонна «Кырдьык дуо?» диэн хос-хос ыйыппытым, – диэн Прасковья күлэр. — Чопчу биһиги уолчааммыт Саха сирин 2021 с. 10-с тыһыынча олохтооҕо ­буолбута дьикти. Дьэ, табыллыы эбит.
Буолаары буолан, Айталик кини тула туох түрүлүөн ­буолбутун билбэт даҕаны, таптыыр төрөппүттэрин уонна аймахтарын ортотугар бэйэтин кырабаатыгар мип-минньигэстик утуйа сытар, бастакы ситиһиилэрин оҥорор — үөрэ-көтө курдьугунуур, икки­лии-үс чаас утуйбакка таах сытар уонна номнуо 7 киилэттэн таҕыста. Биһиги дьо­­руойбут бухатыыр ыйааһыннаах – 4 киилэлээх төрөөбүтэ. Убайдара кинини үөрэ-көтө ­көрсөллөр.
Дьоллоох ­төрөппүттэри Удачнай куорат баһылыгын э.т. Ольга Балкарова, куорат сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Файзулин эҕэрдэлээтилэр. Даниловтарга Саха сирин Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин сиби­диэтэлистибэтин, ону сэргэ үрүҥ көмүс харысхал бэлиэтин туттардылар, күн күбэй ийэҕэ роза сибэкки дьөрбөтүн туттардылар. Уонна үөрүүлээх түгэн буруй­дааҕар сымнаҕас оонньуур эһэчээни ­туттардылар.
Прасковья уонна Альберт Өлөөн улууһун Дьилиҥдэтиттэн төрүттээхтэр. Кинилэр оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэрэ эрээри, устудьуоннуур кэмнэригэр чугастык билсибиттэрэ. Иккиэн Мииринэйдээҕи индустриальнай тиэхиньикумҥа үөрэххэ киирбиттэрэ. Прасковья технолог-лабараан идэтигэр үөрэммитэ, онтон «уот ситимнэрэ» отделениеҕа көспүтэ, салгыы газоэлектросварщик идэтигэр үөрэммитэ. Альберт элиэктирик идэтин баһылаабыта.
— Ити гынан, үөрэхпин бүтэрбэтэҕим, кэргэн тахсыбытым, билигин дьиэ кэргэмминэн дьарыктанабын, – диэн ыал ийэтэ минньигэстик мичээрдиир.
Удачнай кинилэр улахан дьиэ кэргэннэригэр дьол куоратынан буолла. Манна кинилэр оҕолоро төрөөтүлэр, үчүгэй үлэлээхтэр. Тапталлаах куораттара кэ­­ҥиириттэн уонна сайдарыттан олус ­үөрэллэр.
— Өлөөҥҥө үлэ булар ыарахан, инникигэ кэскилиҥ кыра. Оттон манна кэргэним үлэлиир кэлэктиибэ үчүгэй, үлэтин кыа­йар, үүнэргэ-сайдарга кыах баар. Удачнай дьоҕус куорат буоларын, үтүө санаалаах дьоннооҕун сөбүлүүбүт. Баҕар, өйөбүл суоҕа эбитэ буоллар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн буоларга сананыа этибит дуу, суох дуу, ким билиэ баарай? – диэн кэпсиир Прасковья.
Ол да буоллар, бэйэлэрэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ улааппыт Даниловтар улахан, иллээх уонна дьол­лоох ыал буолуохтарын ыра санаа ­оҥостоллоро.
Баҕа санаа туолар – улахан уоллара Алгыс 12 саастаах, кини кэнниттэн күн сирин көрбүт Арылхан 9 саастаах, сэттэ сылынан күүтүүлээх кыыстара Айсаана Куо күн сирин көрбүтэ. Быйыл алтынньы 1 күнүгэр Айтал төрөөтө.
Прасковья уоллаттарданыан куруук баҕарара. Кини саныырынан, уолаттары кытары судургу, кинилэр хаппырыыстара суох. Оттон кэргэнэ кыыһы баҕарара. Аҕаларын тапталлаах кыыстара кини сүрэҕин уулларан, принцессатын атаахтатар.
Даниловтар дьиэ кэргэттэрэ 5 сыл устата Нерюнгри оро­йуонугар олорбута. Онно истэллэринэн, саҥаралларынан хааччахтаах оҕолору чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «СУВАГ» кииҥҥэ улахан уоллара эмтэммитэ. Алгыс биэс сааһыгар диэри саҥарбат кэриэтэ этэ. Уолчаан эмтэммитэ көмөлөһөн, саҥарара үчүгэй, аны сүрэҕэр эпэрээссийэ оҥоһуллуохтаах. Дьиэ кэргэн санаатын түһэрбэт, аныгы мэдиссиинэ кыаҕар, уоллара Алгыс үтүөрүөҕэр эрэнэллэр.
— Биһиги итини барытын тулуйан кэллибит, ыарахаттартан уһаарыллан тахсар курдукпут. Чугас дьоммут, төрөппүттэрбит көмөлөһөллөр уонна кэргэним үлэлиир тэрилтэтэ үп-харчы өттүнэн көмөлөспүтэ, – диэн Прасковья кэпсиир.


Улахан дьиэ кэргэн улахан дьоло – биллэн турар, оҕолор. Ыал ийэтэ билинэринэн, ийэ буолуу кинини бириэмэни сөпкө аттарарга үөрэттэ. Баҕар, итэҕэ­йиэххит суоҕа, ол гынан баран, кыһыл оҕолоох уонна дьиэҕэ-­уокка элбэх түбүктээх ийэ өссө сакааска туорт оҥорор. Бүгүн эмиэ сэттэ устуука туорду оҥорбут. Прасковья аһаҕастык этэринэн, кэргэнин хамнаһа дьиэ кэргэни иитэргэ уонна, бэл, ипотекаларын сабарга тиийэр. Ол эрэн, эпэрээссийэҕэ баралларыгар эбии харчы наада. Ийэ киһи өр толкуйдуу барбакка, кини кэргэнигэр көмөлөһөргө уонна уопсай кумааһынньыктарыгар бэйэтин көмөтүн киллэрэргэ санаммыта. Ол курдук, кини уола эмтэнэригэр харчы өлөрүөн баҕарарын туһунан биллэрии таһаарбыта, онтон билигин маастарга туорт сакаастыан баҕалаах киһи үтүмэн элбэх. Ардыгар сорохторугар аккаастыырга кү­­һэллэр. Кини бурдук аһын астыырга онлайн-куу­рустарга үөрэммитэ, онон моркуоптаах, биски­бииттээх, мүөттээх, кыһыл баар­хат, сака­лааттаах туортары, биир тылынан эттэххэ, са­­кааһынан оҥоруон сөп.
Прасковья өссө олус үчүгэйдик иистэнэр, баайар. Итини барытын хайдах ситиһэн оҥорорун билэр дьоно олус сөҕөллөр. Аймах дьонун, дьүөгэлэрин үөрүүлэригэр кэмпилиэктэри баайбыта.
— Баайарга ийэм үөрэппитэ, аҕабын эмиэ уһуйбута. Аҕам наһаа үчүгэйдик баайар, баайарын сөбүлүүр. Ийэм саҕалаабытын кини салгыы баайар. Онон, дьиэ кэргэн бэдэрээтэ диэххэ сөп, – диэн Прасковья күлэр.
Биллэн турар, элбэх оҕолоох ийэ түбүгэ үгүс. Сууккаҕа 24 чаас тиийбэтин туһунан этэр. Кини күн устата туорт оҥорор, оҕолорун көрөр-харайар.
Ыал аҕа баһылыга Альберт АЛРОСА хампаанньа Удачнинскайдааҕы ГОК 12 №-дээх фабрикатыгар элиэктиригинэн үлэлиир.
— Мин урут чоҕу хостуур тэрилтэҕэ баахтаҕа үлэлээбитим. Кырдьыгынан эттэххэ, дьиэ кэргэммиттэн ыраах сылдьар ыарахан этэ, оттон билигин үчүгэй. Үлэм уонна дьиэ кэргэним аттыларыгар баарбын, онон холкубут, – диир кини.
Альберт симиэнэнэн үлэлиир, онон кэргэнигэр көмөлөһөргө бириэмэлээх. Манна даҕатан эттэххэ, кини минньигэстик астыыр, онон кэргэнин күннээҕи дьыалаттан сынньата түһэр.
— Сарсыардааҥҥы, күнүскү уонна киэһээҥҥи аһылыктары кэргэним бэлэмниир, дьиэни-­уоту хомуйар. Уопсайынан, Альберт барытыгар көмөлөһөр, улахан уолаттар эмиэ. Мин өссө Оксана Борисовна Николаева диэн күндү көмүс дьүөгэлээхпин, биһиги дьиэ кэргэммит араҥаччыһыта, кинилиин уруккуттан дьүөгэлиибит. Миэхэ көмө наада буолла да, эбэтэр кыратык сынньана түһүөхпүн баҕардахпына, кини сүүрэн кэлэр. Мин киниэхэ улаханнык махтанабын. Оксана ардыгар мин күүс ылынарбар оҕолору хонноро илдьэ барыан сөп, – диэн Прасковья амарах санаалаах дьүөгэтигэр махтанар.
Сотору элбэх оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэттэригэр Саха сирин олохтооҕун каартата бэриллиэҕэ, элбэх оҕо­лоох дьиэ кэргэттэргэ социальнай өйөбүл тустаах миэрэлэрэ номнуо ылылыннылар.

ЫСПЫРААПКА:

Билигин АЛРОСА аан дойдуга барытыгар – Арассыыйаҕа, Африка, Гонконг, ОАЭ, Индия, АХШ, Израиль, Бельгия дойдуларыгар 32,5 тыһыынча киһини түмэр. Ол гынан баран, АЛРОСА үгүс ахсааннаах үлэһитэ, уопсай ахсаантан 90-тан тахса бырыһыана Саха сиригэр олорор уонна үлэлиир.
АЛРОСА-ҕа үлэҕэ ордук олохтоох каадырдары ылаллар.
Олохтоох каадырдарга вакансиялар – эрэгийиэни социальнай-экэнэмии­чэскэй өйөөһүн ньымата, судургута суох усулуобуйаҕа олорор дьон сөптөөх хамнаһы ыларыгар уонна олохторо үрдүк таһымнанарыгар кыаҕы биэрэр.
АЛРОСА — «Олохтоох каадырдары – бырамыысыланнаска» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама көхтөөх кыттааччыта. 2017 сылтан саҕаламмыт бу бырайыак чэрчитинэн барыта Саха сирин
25 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо тэрилтэлэргэ үлэ булла. 2018-2020 сылларга АЛРОСА Саха сирин 3 929 олохтооҕун «Олохтоох каадырдары — бырамыысыланнаска» бырагырааманан үлэҕэ ылла. Кинилэр араас идэҕэ, оробуочай, инженер-тиэхиньик хайысхаларыгар үлэлииллэр. Квалификациялара тиийбэт дьон АЛРОСА Каадырдары бэлэмниир киинигэр үөрэнэр кыахтаннылар.
Уопсайынан, аҥаардас өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама уонна көннөрү үлэҕэ ылыы чэрчитинэн, 2020 сылга АЛРОСА-ҕа Саха сирин 1 735 киһитэ үлэлэннэ.

«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан Матрена КОНДРАТЬЕВА суруйуутуттан тылбаас.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0