Данил Павлов хортуоппуйа үүннэ

20.09.2017
Бөлөххө киир:

Хортуоппуйунан дьарыктанар предприниматель Данил Павлов быйыл былаанын куоһарда. Былырыын биир гааттан 100 центнери ылбыт буоллаҕына, билигин, барыллаан, 140-нуу центнери хомуйа сылдьар.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

Бу саас Данил Данилович 20 га сиргэ хортуоппуйу, 1 гааҕа хаппыыстаны, га аҥарыгар сүбүөкүлэни ыспыта. Былырыын хортуоппуйун 7 гектарга олордубута. Ол сириттэн биирдии гектарыттан сүүстүү центнери хомуйбута. “Былырыыҥҥынан холоон, эмиэ сүүстүүнэн былааннаан олорбуппут. Билиҥҥи туругунан, ити былааммытын куоһарыах курдукпут”, — диэн бэлиэтиир Данил Павлов.
Былырыын кини бырагыраамаҕа киирсэн – культиватор, быйыл – Японияҕа оҥоһуллубут хамбаайын ылбыта. Ону таһынан бэйэтэ сакаастаан “Технополис” диэн тэрилтэттэн хортуоппуйу хаалыыр 1 тонналаах кууллары атыыласпыта. “Хамбаайыммыт хортуоппуйу икки фракцияҕа араарар уонна “копалкаҕа” холоотоххо, хортуоппуйу хаачыстыбалаахтык ыларынан үчүгэй. Онон олус табыгастаах. Оттон бу кууллары үлэ хаамыытын түргэтитээри сакаастаан ыллыбыт. Хамбаайын бункера туолла даҕаны, бу кууллары тоһуйан биэрэбит. Онно кутан толорон баран, салгыы бара турабыт. Киэһэ үлэ бүппүтүн кэннэ кэлэн бырысыапка тиэйэбит. Биир бырысыапка 6 куул, ол аата 6 тонна, киирэр. Былырыын хортуоппуйбутун бырысыапка тиэйэр, онтон аҕалан сүөкүүр буоллахпытына, ити үлэбит быдан чэпчээтэ уонна хамбаайыммытын тохтоппокко үлэлэтэр буоламмыт, быдан түргээтээтибит”, — диэн бэлиэтиир предприниматель.
Данил сайынын тиэхиньикэ көмөтүнэн уонна балыстарын, инилэрин түмэ тардан үлэлээбит буоллаҕына, билигин хостооһуҥҥа 4-5 киһини хамнастаан үлэлэтэр. Ону сэргэ кууллааһыҥҥа оскуола оҕолорун сыһыарар санаалаах. Билигин хортуоппуйу наардыылларыгар “Мындаҕаайы” ТХПК гарааһын уларсан база оҥосто сылдьаллар.
Данил ааспыт нэдиэлэҕэ Чурапчыга буолбут тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар акция биллэрэн, нэһилиэнньэҕэ хортуоппуйун киилэтин 28 солкуобайга атыылаата. Мантан күһүн хомуурун “Чурапчы” ТХПК оҕуруот аһын хаһаанар сиригэр илдьэн ууруохтаах. Онон кыһыннары нэһилиэнньэни хортуоппуйунан хааччыйарга бэлэм.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0