Үөһээ Бүлүү уһуйааннара Далыр Васильевтарыгар 121 тыһ. солк. көмө ууннулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Саха сиригэр уһуйааннар аһыллыбыттара 100 сыллаах үбүлүөйүн анал идэлээх иитээччилэр араастаан бэлиэтээтилэр.

edersaas.ru

Ким социальнай ситимнэринэн эҕэрдэлэстэ, ким — төлөпүөнүнэн. Сыстыганнаах дьаҥ турбут кэмэ буолан, далааһыннаах бэлиэтээһин суоҕун тэҥэ.

Оттон Үөһээ Бүлүү улууһун 14 оҕо уһуйаана 7 оҕолоох Васильевтар дьиэ кэргэннэригэр 121 тыһыынча солкуобайы хомуйан көмө ууннулар. Бу — айан суолугар массыына саахалыгар түбэспит ийэлээх Далыр нэһилиэгин улахан дьиэ кэргэҥҥэ  соһуччу уонна үөрүүлээх түгэн.

Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар Үөһээ Бүлүү улууһун уһуйааннара бастыҥ холобуру көрдөрдүлэр. Маны этэн эрдэхтэрэ: «Ойуурдаах куобах охтубат…» — диэн.

Бу бэртээхэй аһымал-аахсыйа туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи Үөрэх управлениетын салайааччыта Спиридон Борбуев иһитиннэрдэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — Спиридон Борбуев тиксэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0