Үйэлэргэ иһийэн кистэнэн турбут Усуйаана туундаратыгар алта уонус сылларга сир баайын көрдүүр геологтар кэлиэхтэриттэн, киэҥ нэлэмэн туундараҕа икки атахтаах кэлэн- баран үксээн испитэ.
Табаһыттар булчуттар эрэ хам-түм быһа охсон ааһар үрэхтэригэр, систэригэр геологтар балааккалара, дьиэлэрэ туундараҕа элбээн, олохсуйан барбыттара. Геологтар Дьааҥы өрүс орто тардыытыгар Кулаар сис хайаларын улаҕатыгар көмүс саппааһа баарын сылтан сыл үөрэтэн, чинчийэн, бу көмүс өр сылларга хостонор саппаастааҕын, туһаҕа тахсар кыахтааҕын дакаастаабыттара. Ол кэнниттэн сыыйа Саха сирин көмүс хостуур тэрилтэтэ Усуйаана туундаратыгар “Кулаар” диэн көмүс хостуур бириискэ тэрийэн үлэлээн иһиллэр, биллэр буолан барбыта. Бу “Кулаар” диэн ааттанар бириискэ отут сыл үлэлээн баран, Сэбиэскэй былаас ыһыллан-тоҕуллан, үлэлии турбут көмүс хостуур бириискэ сабылларга тиийбитэ. Бу отут сыл устата үйэлэргэ иһийэн турбут ото-маһа суох туундараҕа улахан бөһүөлэктэр тутуллан тахсыбыттара. Дьэ, бу кырдьык иччитэх турбут туундараны туһаҕа таһаарыы, дьону аҕалан үлэлэтэн олохсутуу дьиҥнээх көстүүтэ этэ. Ол түмүгэр, Усуйаана оройуонугар киһи ахсаана 47 тыһыынчаҕа тиийбитэ, билигин ол сыыппара 7 тыһыынча киһиэхэ тэҥнэһэр.
“Кулаар” бириискэтэ сабыллан дьон атын сиргэ барарга, көһөргө күһэллибитэ. Мин үлэлиир автобазам үлэһитэ сыыйа көҕүрээн, техниката аҕыйаан испитэ. Белаз массыыналарга үлэ суох буолан, көмүстээх Алдаҥҥа үлэ булан, онно Белаз массыыналары сүүрдэн аҕалан икки сыл Кулаартан сылдьан үлэлии сатаабыппыт.
Бу бүтэһик Белаһынан айан миэхэ өйбөр-санаабар дириҥник хатанан хаалбыта. Ол тоҕо диэтэххэ, биһиги урут техниканы наар соҕурууттан хоту диэки сүүрдэр буоллахпытына, бу сырыыга төттөрү хотуттан соҕуруу Алдаҥҥа айаннаабыппыт. Бу 1997 сыл ыһыллыы-тоҕуллуу, тэрилтэлэр сабыллыылара, олох-дьаһах уларыйан улахан булкуурдаах кэмнэр киэҥ Арассыыйаны дьалкытан, түөрэҥнэтэн, дьылҕа хаан саҥалыы түстэнэр кэмнэрэ тиийэн кэлбиттэрэ. Судаарыстыбаттан үбүлэнэн үлэлии турбут Саха сирин көмүс хостуур улахан кэмбинээттэрэ утуу-субуу сабыллан, симэлийэн испиттэрэ. Биир бастакынан, отут сыл Усуйаана оройуонугар көмүс хостооһунугар үлэлии турбут Кулаар кэмбинээтэ сабыллыбыта. Усуйаана ыраах сытар Украинаттан дьон-сэргэ тоҕуоруһан, таптаан үлэлиир сирэ этэ. Кулаар автобазата бу кэмбинээт наадыйар таһаҕаһын кыһыннары-сайыннары таһара, ону таһынан үрдүк уйуктаах Белаз массыыналары 1976 сылтан аҕалан кэмбинээккэ үлэлээн брабыттара. Бу улахан техника Саха сиригэр көмүс хостооһунугар үлэлиэҕиттэн, кэмбинээттэр куруутун үрдүк көрдөрүүлэнэллэрэ, көмүс былаанын аһара толорор буолбуттара. Кэмбинээт сабыллыаҕыттан, Белаз массыыналаахтар үлэтэ суох хаалан, атын сиргэ үлэ буларга күһэллибиппит. Эмиэ эстэн, ыһыллан эрэр “Алданзолото” кэмбинээккэ Белазтаргытын сүүрдэн үлэлээҥ диэн буолла. Бастаан, 1996 сыллаахха, биэс Белаһы тиэрдэн, командировкаҕа сылдьар курдук тиийэн үлэлээн барбыппыт. Онтон 1997 сыллаахха бүтэһик биэс Белаһы хомуйаммыт, сүүрдэргэ бэлэмнэнии буолбута. Ол саҕана, дьэ кырдьык, кыһыҥҥы суолунан айан ыараан, уустугуран турар кэмнэрэ этэ. Уһун унньуктаах айан суолугар Сэбиэскэй кэмҥэ үлэлии турбут тохтоон сынньанар, аһыыр дьиэлэр, заправкаланар пууннар бары урусхалланан тураллара.
Оччотооҕу кэмнэргэ дьон таптаан туттар тыллара: “ Это ваша проблема, как хотите так и перегоните” диэн буолара, онон хоруй бүтэр этэ. Дьэ онон, биһиги суоппардар, бэйэбит быһаарыныы ылынан барытын тэринэн истибит. Арыаллыырга диэн биир Камаз вахтаны уонна уон түөрт кууб уматык киирэр сэлээркэлээх буочуканы Белаз кузовар тиэнэн кэбистибит. Атын Белазтарга, “Алданзолотоларга” диэн наадалаах таһаҕастарын тиэннибит. Ол быыһыгар биир саха ыала Нерюнгрига көһөбүт диэн көрдөспүттэригэр, олор таһаҕастарын эмиэ кыбыттыбыт. Эр киһи бэйэтэ биһигини кытта вахтаҕа олорсон барсабын диэтэ. “Буду кашу варить” диэччи буолла, ким эрэ кууллаах балыктары тиэрдиҥ диэн көрдөстө, хас да таба этин эмиэ үөһэ бырахтыбыт. Ол да буоллар дьоҥҥо көмөлөһөрбүтүн умнубаппыт. Биир солбуйар суоппардаах айанныыр буоллубут. Сарсыарда дьэ эрэй бөҕөнөн күнүс уон икки чаас саҕана бөһүөлэкпититтэн араҕыстыбыт. Өрүспүтүгэр түһэн айан суолун тутан арыый уоскуйан, киэһэлик Куйгабытыгар тиийдибит. Киирэн остолобуойга аһаатыбыт, манна билэр суоппардарбыт элбэхтэр, көрсөн үөрэн-көтөн кыратык сүүс граммнаатыбыт. Икки киһибит олох даҕаны собуоттанан хааллылар. Оттон биһиги аллараа өрүскэ турар массыыналарбытыгар түһэн кэтэһэ олорон, үргүлдьү Куйга таһыгар хонон хааллыбыт.
Сарсыарда эрдэ автобазабыт директора Немцов бэйэтинэн кыйдаан, мөҕөн-этэн бөһүөлэктэн арахсан эмиэ өрүспүт сүнньүн тутан аргыый сыылларан истибит. Олох ырааппаппыт, тохтуурбут элбээн истэ, били, икки киһибит далбаатаатахтарын ахсын тохтоон иһэбит. Айаммыт үһүс хонугар биир киһибит утуйа сытан, уутун оргутан мотуорун хам туттаран кэбистэ. Сарсыарда эрдэ уһуктан, дьоммун уһугуннара таарыйа ол киһим Белаһын таһыгар тиийбитим, тохтубут уута муус буолан ыйанан турар. Кабинатын арыйа тардабын, киһим оһоҕун мотуора өссө да үлэлээн куугунуу турар. “Тахсан көр. Картина Репина “приплыли””,— диибин. Киһим улаханнык өйдөөбөт. Ол икки ардыгар бары мустан “Һуу, Һаа” бөҕө буоллубут. Били, бииргэ аһыыр киһитигэр тиийбиппит киһибит мотуора хата бэрт үчүгэйдик үлэлээн тигинии турар. Алдьаммыт Белаз таһаҕаһын кыайарбытын илиибитинэн тиэнэ сатаатыбыт, оннук-маннык кыра уһуллар чааһын устан, хомуйан ыллыбыт уонна айаммытын салгыыбыт. Дьааҥы автобазатыгар киирэммит онтон сибээскэ тахсаммыт тойоммутугар Севернэйгэ балаһыанньаны билиһиннэрдибит. “Суоппар төттөрү кэллин, бэйэҕит салгыы айаннааҥ” диэн буолла. Салгыы Дьааҥы өрүстэн арахсан түргэн сүүрүктээх, ып-ыраас уулаах Адыаччы таас үрэҕи батан айанныыбыт. Айаммыт син тэтимирдэ. Анараа киһибит саҥата суох гаастыыр эрэ. Вахтаҕа олорон иһэр дьоммут турбат да буоллулар. “Стрелка” диэн тутуллан иһэн быраҕыллыбыт бөһүөлэк аттынан ааһабыт. Бу миэстэҕэ Адыаччы үрэҕэр ГЭС тутуллуохтаах этэ. Ону олохтоохтор утараннар, бу былаан быраҕыллыбыта. Лазо диэн эмиэ сабыллыбыт көмүс хостооччулар олорон үлэлээн ааспыт бөһүөлэктэрэ көстөн ааста. Өрүстэн арахсан кыра үрэхтэринэн икки улахан күөлү ааһабыт. Метеостанция турар туочукатыгар тохтоон кэпсэтэбит. Ол кэнниттэн ото-маһа суох туундара устун күнү быһа ыстаҥалатабыт, ис-үөс үлтү сахсыллан, агдакаҥ иһэ кытта хам тутар курдук. Оҕо сылдьан аан бастаан ат миинэн баран сахсыллыбытым курдук. Фидер Ключ диэн уруккута массыына бөҕө тохтоон сынньанан, өрөмүөннэнэн ааһар улахан кыһыҥҥы заимкатыгар тиийэбит. Киһи көрөн баран итэҕэйбэт хартыыната. Биир да дьиэ-уот суох, барытын көтүрэн тиэйэн илдьэ барбыттар, ханна эрэ соҕуруу тиийэннэр дьиэ-уот буоланнар турдахтара.
Тополинай бөһүөлэгэр чугаһаан истэх аайы Дьааҥы хайалара айан суолун бүөлүү субу барыйан кэллэхтэринэ, кыра үрэхтэр сүнньүлэрин батан эргийэ көтөн иһэбит. Утары биир да массыына көрсүбэтин кэриэтэ. Бу эргин айылҕата сүрдээх уратылаах. Манна сорох сиринэн аҥардас тэтиҥнэр эрэ үүнэн турар ойуурдара, үрдүк баҕайы талах мас арааһа. Бүтэһигэр үрэх үрдүк сыырын кэрийэ дабайан онтон сыыйа аллараа түһэн истэхпитинэ, Тополинай бөһүөлэк дьиэлэрэ дьэ көстөн кэллилэр. Бөһүөлэккэ тохтоон сибиэһэй килиэп атыылаһан вахтабытыгар олорон аһаан сэниэ киллэрдибит. Тоҕо эрэ бары боччумуран, саҥата суох дабааны перевалы дабайарга бэлэмнэнэн барабыт. Массыынабыт уутун, арыытын, туормаспытын көрөбүт, ким бастыырын быһаарсан, аргыый сыылларан дабааҥҥа тиийэн кэлэбит. Вахтаҕа олорсон испит солбук суоппарбыт миэхэ кэлэн: “Үөһээттэн хаартыскаҕа түһэриэм этэ”, — диэн киирэн олорунан кэбистэ. Урукку өртүгэр хаһан да маннык айаҥҥа сылдьыбатах буолан, көрүөн-истиэн баҕата баһыйдаҕа. Киһим сирэйин-хараҕын көрөбүн. “Никола, в случае чего не хвататься за баранку”, — диэн киһибин сэрэтэбин. Били, Табабыт пааматынньыга урут түһүүгэ утары көрсөр буоллаҕына, бу сырыыга кини тахсыыга хаарга көмүллэн муоһа эрэ быгара элэс гынан ааста. Сыыйа хайабыт тахсыыта үрдээн иһэрэ мотуор тыаһыттан биллэр. Үөһэ тахсан истэхпит аайы суол кыараан иһэр. Ол икки ардыгар ойоҕоспор киһи олорсон иһэрин умнан кэбиспит курдукпун, биирдэ иһиттэхпинэ киһим ботугуруу иһэр, кириэстэнэр, төбөтүн быһа илгистэр, киһибэр хаһыытыыбын: “Не смотри вниз”. Биһиги эрэ иннибитинэ, сотрутааҕыта, Камаз массыына аллараа түһэн хаалбыт этэ. Онно сибэкки дьөрбөтө бэлиэ уурбуттар. Аллараа ыраах массыына сытара көрөргө дьулаан. Дабааммыт оройугар тахсарбыт саҕана, прицептаах КрАЗ турунан кэбиспит, син суолу биэрэ сатаабыт, кыра массыына холкутук батан ааһар сирэ баар. Ол эрээри, мин турунан кэбиһэр түгэммэр, кэннибиттэн иһэр Белазтар турар сирдэрэ суох. Онон хайаан да ааһа сатыахха наадата тириир. Оргууй үөмтэрэн хаҥас өттүбүнэн суоруллубут хайыр таас истиэнэҕэ массыынабын сыһыара тардабын, көрөбүн, олох “впритык” киирэбин. Уҥа өртүбүнэн КрАЗ прицебын кыһарыйабын, ыйааһыннаах буоламмын ойоҕоһун диэки халбарытар курдукпун. Бэйэм өртүбүнэн буфербынан тааска охсуллар тыас хачыгыраан иһиллэр, сиэркилэм биирдэ курууппа курдук барбытын хараҕым кырыытынан көрөн аастым. Хас да тааска күүскэ охсуллан уҥа диэки бэйэбин олуйа бырахтарабын, ол да буоллар тохтообокко уруулбунан тэҥнээн иһэбин. Оннук оргууй сыылларан син ааһабын. Хаалбыт сиэркилэбинэн кэннибин көрөбүн. Иккис Белаз кузовын козырега саҥа хоройон тахсан иһэрэ дьэ көһүннэ. Сүүрдэ түһээт, тохтуур киэҥ сиргэ тиийэн тохтуубун. Төттөрү хааман КрАЗпар тиийэбин, туох буолбутун туоһулаһабын. “Воздух перехватил, сейчас подогрелся, компрессор качает. А ты молодец, дорогу чуточку расширил” — диир, күлсэбит айан дьоно буоллахпыт. Уолаттарбар тиийбитим бары мустан тураллар. Арай, күннээх Украинабыт уола кабинаттан тахсыбакка олорор. Тиийэн кутталыттан кубарыйбыт киһибин өйөөн түһэрэбин. Киһим уоһун иһигэр ботугуруур, бокуойа суох кириэстэнэр уонна саҥата суох вахтаҕа куотар. Сирэйэ-хараҕа оннук сүрдээхтик уларыйбыт этэ.
Билигин санаан-ахтан аастахха, араас эрэйдээх, кутталлаах айан барыта баара. Эдэрдэр буолан тулуйан-тэһийэн, аһаран испит эбит буоллахпыт.
Петр СЕДАЛИЩЕВ,
көмүс бырамыысыланнаһын бэтэрээнэ,
«Үлэ Албан аата» уордьан III степеннээх кавалера, «Гражданскай Килбиэн» бэлиэ хаһаайына.