Таатта улууһун Харбалааҕар «Далбар эбээлэр» диэн ааттаах түмсүү уон сыл устата өрө көтөҕүллүүлээхтик, сэргэхтик үлэлээн кэлбит. Түмсүү кыттыылаахтара бу дьоһун дааталарыгар үлэлэрин-хамнастарын билиһиннэрэн дьоро күнү тэрийбиттэр. Долгутуулаах тэрээһин туһунан биһиэхэ Иван Николаев аатынан Харбалаахтааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Светлана Винокурова кэпсээтэ.
—«Далбар эбээлэр» түмсүүнү аан бастаан СӨ норуот үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Любовь Григорьева тэрийбитэ. Иэримэ дьиэ тапталлаах ийэлэрэ, эбээлэрэ бэйэлэригэр бүгэн олорон хаалбатыннар, тугу сатыылларын, дьоҕурдарын түмэн үлэлээтиннэр, үөрүйэхтэрин атастастыннар, эдэрдэргэ сатабылларын иҥэрдинэр диэн сыаллаах-соруктаах тэриллибитэ. Маныаха эдэр саастарыгар уопсастыбаннай олоххо куруук көхтөөхтүк кытта сылдьыбыт дьон үөрүүнэн сөбүлэспиттэрэ. Онон түмсүүгэ 60-ттан 90-гар диэри саастаах ийэлэр, эбээлэр, оҕуруотчуттар бастыҥнара, асчыттар ааттаахтара, спортсменнар бэртээхэйдэрэ, иистэнньэҥнэр ураннара мустан сахалыы таҥас тиктэн, тэрээһиннэргэ кыттан барбыттара. Оскуолаларга кылаас чаастарыгар ыалдьыттаан, оҕолорго, эдэр ийэлэргэ маастар-кылаас бэртээхэйдэрин тэрийэн болҕомтону улаханнык тардыбыттара. Улуу Кыайыы 70 сылыгар уонна 75 сылын көрсө күрэстэри, быыстапкалары тиһиктээхтик тэрийэллэр. Норуот маастара Люция Кривошапкина такайыытынан, үөрэтиитинэн «Сталин—үрүҥ күн сырдыга» диэн кылтан көбүөрү өрбүттэрэ улахан болҕомтону тардыбыта. Тигинэччи үлэлиир түмсүүнү 2013 сылтан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Орто Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Надежда Терякова салайар. Итинник сэргэхтик олорор эбээлэри тэрээһиннэргэ ыҥыран арчылатааччы үксээтэ. Оттон араас күрэстэр, быыстапкалар, кэнсиэрдэр, субуотунньуктар кинилэрэ суох ааспаттар.
Биһиги эбээлэрбит түмсүүлэрэ Харбалаахпытыгар эрэ буолбакка, улууспутугар, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллэр-көстөр. Кинилэр тэрээһиннэригэр дьон-сэргэ куруук элбэх буолар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр олус бэркэ норуот ырыаларын ыллыыллар, тэриллиэхтэриттэн ылата үлэлээбит үлэлэрин: наһаа үчүгэй нарын-намчы тигиилэрин, кылтан-сиэлтэн оҥоһуктарын, былыргы ньыманан быысыбайдарын, ынах, сылгы тирииттэн көбүөрдэрин, олбохторун, түөрэм туйахтаахха анаан тикпит толору симэхтэрин, халандаар альбомнарын, тэриллибиттэрэ биэс сылыгар бэчээттэппит дьоһуннаахай кинигэ альбомнарын бар дьон көрдөрүүтүгэр таһаараллар. Өссө дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан, уон сылларыгар анаан оҥотторбут кинигэ альбомнарын нэһилиэктэригэр бэлэх ууннулар.Быыстапкаттан саҕаламмыт тэрээһиҥҥэ дьон-сэргэ эбээлэр ханна да хатыламмат уран оҥоһуктарын сөҕө-махтайа көрдүлэр, хаартыскаҕа түстүлэр, ыйытыыларыгар хоруйдары ыллылар, сүбэлэттилэр-амалаттылар. Ыаллыы Чычымахтан, Чымынаайыттан уонна Туора Күөлтэн дьүөгэлэрэ, үөлээннээхтэрэ кэлэн түмсүү үлэтэ сайда турарыгар, сибээһи өссө кэҥэтэн, дириҥэтэн, сайыннаран иһэллэригэр алгыстарын анаатылар, бэлэхтэрин ууннулар, ырыа ыллаан дьиэрэттилэр.
Дьоро күнү нэһилиэк оҕолоро, ыччаттара, ансаамбыллар ыллаан, үҥкүүлээн силигин ситэрэн-хоторон, киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр. Таатта улууһун норуотун маастара, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара, өбүгэ таҥаһын тарҕатааччы Анна Афансьева тикпит таҥастарынан муода бэртээхэйэ көрдөрүлүннэ. Дьон-сэргэ «Далбар эбээлэр» тэрээһиннэриттэн наһаа астынан, үөрэн, сэргэхсийэн тарҕастылар, — диэн кэпсээтэ Светлана Петровна.
Түмүккэ, тэрээһиннэрин куруук өйүүр, көх-нэм буолар Дьокуускайга Rektime рекламаны оҥорор ааҕыныстыбаҕа үлэлиир биир дойдулаахтарыгар Юрий Дарбасовка көмөлөһөн, өйөөн кинигэ альбомнарын таһааттарарыгар, Тааттатааҕы «Төлөн» ААУо, нэһилиэк тэрилтэлэригэр махталын тиэртэ.
Сардаана БАСНАЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru