Бэҕэһээ, муус устар 1 күнүгэр, саха норуодунай суруйааччыта Василий Семенович Яковлев-Далан төрөөбүт күнэ этэ. Оттон бу интервью 2013 сыллаахха муус устар 17 күнүгэр “Саха сирэ” хаһыакка тахсыбыта. Аҕатын суруйааччы быһыытынан дьылҕатын, кини төрөөбүт дойдутугар, аймах-билэ дьонугар ураты истиҥ сыһыанын, кини суруйааччы-доҕотторун туһунан итиэннэ улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга оҕону иитиигэ оруолун, суолтатын — уопсайынан олох, олоххо сыһыан туһунан Далан улахан кыыһын Ольга Васильевна санааларын эһиги манна билсиэххитин син.
edersaas.ru
«Эйиэхэ эрэ…»
Быйыл саха народнай суруйааччыта Василий Семенович Яковлев-Далан төрөөбүтэ 85 сылын көрсө хас да саҥа кинигэ күн сирин көрдө. Оттон 2009 сыллаахха, кини судургута суох, эриирдээх-мускуурдаах, үгүс тургутуулаах, олус уустук эрээри айымньылаах, дьоллоох олоҕун эрэллээх аргыһа, кэргэнэ, оҕолорун ийэтэ Яна Викторовна Яковлева хомуйан, «Эйиэхэ эрэ…» диэн Далан суруктарынан, дьоҕус эрээри, дириҥ ис хоһоонноох кинигэни эмиэ таһаартарбыта. Суруйааччылар, бу кинигэ тахсарыгар оҕолоро Ольга, Семен, уонна Лолита бары өттүнэн улаханнык көмөлөспүттэрэ, кыһаллыбыттара дииллэр. Бу, ураты истиҥ иэйиилээхтик суруллубут кинигэ сүрүн ааҕааччыга, тыа сиригэр ситэри тиийбэтэх буолуон сөп, ол эбэтэр тахсыбыт ахсаана кыра. Онон, бу кинигэни булан аахтахтарына, Далан талааныгар сүгүрүйээччилэр махталлара өссө да иннилэригэр дии саныыбын. Мин бүгүн, аҕатын үбүлүөйдээх сылыгар дойдутугар Саха сиригэр кэлэ сылдьар, ыраах Австралияҕа олорор, үлэлиир Далан улахан кыыһын Ольганы кытта сэһэргэһэбин.
Үчүгэй Сэмэн
— Ольга Васильевна, ыал улахан оҕотугар, хайа баҕарар саха ыалыгар курдук, эппиэтинэс, үгэс быһыытынан, икки бүк үрдүк буолар. Саҥа кинигэни бэлэмнэһии, аҕаҕыт үбүлүөйдээх сылыгар бэлэмнэнии долгутуулаах кэмнэригэр Эйиэхэ туох санаалар киирэллэр? Аҕаҥ суруйааччы быһыытынан дьылҕатын, эһиги дьиэ кэргэн, уопсайынан, олох туһунан элбэҕи эргитэ санаатаҕыҥ буолуо…
— Аҕабытын кытта сибээстээх, ситимнээх — бу барыта биһиги дьиэ кэргэҥҥэ олус күндү уонна улахан суолталаах. Аҕабыт бу күн сириттэн барбытын кэнниттэн, дьиэ кэргэн аҕа баһылыгынан сурдьум Семен буолбута. Онон, туох баар түбүгүрүү, долгуйуу, аҕабыт аатын кытта ситимнээх бары үлэлэр, тэрээһиннэр, кыһамньы — бу барыта уолугар Семеҥҥа сүктэриллэр, кини барытын бэйэтигэр ылынар. Оннук буолуохтаах да этэ. Аҕабыт «Дьылҕам миэнэ» кинигэтигэр, кини аҕатын дьон Үчүгэй Сэмэн диэн ааттаабыттарын туһунан суруйар. Уолугар, Семен Васильевичка, кини аатын биэрбит. Аата сурдьубар, кини майгытыгар олус барсар дии саныыбын. 82 саастаах ийэбит дьон кэккэтинэн, дьоһуннаахтык олороро – бу уолун Семен үтүөтэ.
Семен аймах-билэ дьонугар мэлдьи көмөлөһөр, барыбытын кини түмэр. Быйылгы үбүлүөйдээх сылга, хомойуох иһин, кэлэрэ кыаллыбата. Ол эрээри, аҕабыт үбүлүөйдэрэ дьоһуннаахтык, сөптөөх таһымҥа ыытыллыылара – бу эмиэ кини өҥөтө. Аҕабыт уонна дьиэ кэргэн барыбыт араас дьыалалара-куолулара кини эппиэкэтигэр, хонтуруолугар бааллар.
Аҕабыт киниэхэ, оҕо эрдэҕиттэн, тэҥнээҕин курдук, эр киһиэхэ курдук сыһыаннаспыта. Арааһа, уол оҕону иитиигэ бу улахан суолталаах быһыылаах. Аҕабыт олус булчут этэ. Оҕо эрдээҥибин — биһиги аймах-билэ эр дьоммут бука бары булка туруналларын, бу баардыы өйдүүбүн. Кып-кыра уолаттарыттан, ытык кырдьаҕастарыгар тиийэ хомунан, тайҕаҕа бултуу бараллара. Чуолаан дьэ маннык түгэннэргэ, бу дьон бары биир аҕа уус, клан, хаан-уруу аймах буолалларын бэлиэтии көрөҕүн. Семен алта-хас саастааҕар аҕата анаан-минээн саа атыыласпыта уонна, киниэхэ сөрү-сөп буолар гына, кылгата быһан биэрбитэ. Онно мин киниэхэ ымсыырдым да этэ! Бу барыта миэхэ олус истиҥ-сылаас, сырдык иэйиилээх өйдөбүллэри хаалларбыт.
Аҕам үбүлүөйдээх тэрээһиннэрэ олус үчүгэй таһымҥа, истиҥник ыытылыннылар. Үбүлүөй иннинэ, Далан ааҕааччылара уонна биһиги дьиэ кэргэн үс бэртээхэй бэлэҕи туттубут: кинигэлэр таҕыстылар – Далан айымньыларын толору хомуурунньугун 5-с, 6-с туомнара уонна өссө биир кинигэ «Саха суруйааччылара оҕолорго» сиэрийэнэн; Национальнай архыып Далан тус бэйэтин фондатын үөрэтиини саҕалаата; уонна, биллэн турар, «Дьикти саас» киинэ күн сирин көрдө.
Бу тэрээһиннэргэ барытыгар кыттыыны ыллыбыт, ол сылдьан, «Бэйэҕэр оҥостубутуҥ бэйэҕин кытта өлүө, атыттарга оҥорбутуҥ үйэ саас тухары тыыннаах буолуо», – диэн норуот өһүн хоһоонугар сөпкө да этиллэрин илэ харахпытынан көрдүбүт, итэҕэйдибит.
Күндү дойдум Кытаанах
– Дойдугутугар Кытаанахха тахса сырыттыгыт. Далан аатынан оскуолаҕа ыалдьыттаатыгыт. Тыа сирин дьоно хайдах олороллор?
– Кытаанах — бу мин дьоллоох оҕо сааһым уйата. Мин кыра эрдэхпинэ, хас сайын аайы дьиэ кэргэнинэн бука бары Чараҥ сайылыкка тиийэрбит. Онно эбээм Варвара Ивановна Яковлева — аҕам ийэтэ, халадаай ырбаахылаах, сибэккилээх былааттаах — саамай дьиҥнээх эбээ, уонна аҕабыт эдьиийдэрэ – Елена Леонтьевна итиэннэ Мария Иннокентьевна бааллара, биһигини олус истиҥник, үөрэ-көтө көрсөллөрө. Мин букатын атын эйгэҕэ олорбутум быданнаата эрээри, кинилэр, мин эбээкэлэрим иитиилэрэ-такайыылара, кинилэр эппиттэрэ-тыыммыттара миэхэ өйбөр-сүрэхпэр билигин да баар, тыыннаах, олорор. Кинилэр бары өссө өрөбөлүүссүйэ иннинэ төрөөбүт дьон, норуот үгэстэрин, мындырын, өйүн-санаатын, олоҕун укулаатын бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллара, бу барыта сүрдээх улахан энергетикалааҕа, бу – норуот генетическэй өйдөбүнньүгэ этэ. Миигин эбээлэрим тустарынан өйдөбүл үгүс-үтүмэн үчүгэй, сырдык, үтүө санааны кытта ситимниир. Ол иһин, Кытаанахха кэллэҕим аайы мин бэйэбин, үгүс-элбэх хаан-уруу аймах дьоммунан араҥаччыламмыт кыракый кыысчаан курдук сананабын. Бу сырыыбар эмиэ, кытаанахтар аҕабын хайдах курдук таптыылларын, сыаналыылларын өссө төгүл көрөн, истэн, олус долгуйдум. Бу туохтааҕар да сылаас, үтүө, истиҥ сыһыан биһиэхэ, аҕам дьиэ кэргэнигэр, барыбытыгар бэриллэр.
Кытаанах художественнай-эстетическэй хайысхалаах оскуолата биир дойдулаахтарын, саха норуодунай суруйааччыта Далан аатын үйэтитиигэ ахсаабат үлэни ыытар. Далан аатынан оскуола хас 5 сыл аайы биһиги аҕабыт үбүлүөйүгэр аналлаах тэрээһиннэргэ саамай көхтөөхтүк кыттар. Кинилэр Далан айар үлэтигэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэлэри ыыталлар. Хомойуох иһин, Далан аатын сүгэр оскуола олус эргэ —1931 уонна 1934 сыллардааҕы тутуу. Оҕолор барахсаттар, ордук үчүгэй усулуобуйаҕа үөрэниэхтэрин, үүнүөхтэрин-сайдыахтарын баҕарыллар. Кытаанах оскуолатын дириэктэрэ Вячеслав Михайлович Яковлев киһи сөбүлүүр, ытыктыыр киһитэ. Миэхэ кини учуутал аҕабын санатар. Кини үөрэнээччилэрэ – табыллыбыт дьон – олохторун суолугар саҥа үктэнэллэригэр холобур туттар үтүө киһилээхтэр. Бу маннык эдэр, ис киирбэх, дьыалабыай учууталлар, ордук тыа сирин оскуолаларыгар өссө элбэхтэрэ эбитэ буоллар, дии саныыгын.
Көннөрүллүбэтэх «уордаах» тыл туһунан…
– Ольга, «Дьикти саас» киинэ туһунан эн санааҥ…
– «Дьикти саас» диэн бэйэтин бастакы сэһэнин кинигэтин аҕабыт таптыыр кэргэнигэр, биһиги ийэбитигэр Яна Викторовна Яковлеваҕа анаабыта. Бу анабылын кинигэҕэ хоһоон форматынан суруйбут этэ:
«Уол дохсун саастарым уохтардаах таптала,
Үс көмүс чыычааҕым күн күбэй ийэтэ,
Учуутал доҕорбор, Янабар, аныыбын
Өр кэмнээх үлэбит туhунан айыыбын».
Бу сэһэн аҕам айымньыларын толору хомуурунньугун бастакы туомугар киллэриллибитэ, ону тутан баран, ийэм олус соһуйбута – анабыл хоһооҥҥо «уохтардаах» диэн тыл тоҕо эрэ «уордаах» диэн тылынан солбуллубут этэ…
-Онно көннөрүү биэрбиттэрэ дуу?
-Cуох. Ол иһин этэбин…
-???
—…Оттон «Дьикти саас» киинэ туһунан этэр буоллахха, бу киинэни кытта Далан айымньыта олох атын таһымҥа таҕыста. Аҕам киэн туттуох этэ. Бэртээхэй киинэ буолбут. Режиссер Никита Аржаков – олус талааннаах киһи. Мин «Дьикти сааһы» элбэхтик көрдүм, бу киинэ туһунан үгүс араас, уоттаах-төлөннөөх дискуссияларга да кытынным. Кылаабынайа, киинэ көрөөччүнү долгутта, хайа да айымньыга ол суолталаах дии саныыбын.
Артыыстар дьоруойдарын характердарын бэркэ арыйдылар. Кинилэр көннөрү оонньуур эрэ буолбатахтар, бэйэлэрин персонажтарын олохторунан олороллор, ол иһин итэҕэтиилээхтэр. Бу эдэр артыыстары инникитин кэскиллээх, интэриэһинэй айар үлэ күүтэр дии саныыбын. Оттон Никита Аржаковка мин, кини саҥа бырайыагар – Далан «Тыгын Дархан» арамаанынан киинэ устуутугар, ситиһиилэри баҕарабын.
– Ольга Васильевна, бэйэҥ үлэҥ туһунан, баһаалыста, билиһиннэр эрэ, туох хайысхалааҕый?
-Бэйэм үөрэхпинэн филологпын, оттон саҥа сиргэ бу идэҕэ соччо наадыйбат буоланнар, квалификациябын уларытарга күһэллибитим. Ол кэнниттэн үлэ көрдөөбүтүм. Бэрт чэпчэкитэ суох кэмнэр этилэр. Билигин мин, уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта үлэ салаатыгар, Үп министиэристибэтигэр үлэлиибин. Олус ыгым үлэ графиктаахпыт. Уоппускабыт олох кыра, ол иһин сыл аайы дойдугар кэлэриҥ уустуктардаах. Быйыл, үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ кэлээри, уоппускабын олох эрдэттэн былааннаабытым.
– Дьокуускайга айар үлэнэн дьарыктаммытыҥ, билигин туох былааннардааххын?
– Биһиги, оҕолоро, аҕабыт, саха норуодунай суруйааччыта Далан нэһилиэстибэтинэн дьарыктанар баҕалаахпыт. Хас да бырайыак, санаа, идиэйэ баар, онно бэлэмнэнии үлэлэрин ыыта сылдьабыт. Көмөлөһүөн, биһигини бу дьыалаларга өйүөн баҕалаах дьон баарыттан үөрэбит.
Хаан-уруу дьоммут истиҥ сыһыаннара олус күндү
– Оҕону иитиигэ ордук туохха олоҕураҕын, онуоха төрөппүттэриҥ сабыдыаллара хайдаҕый?
-Мин төрөппүттэрим – боростуой, үлэһит, чиэһинэй дьон. Аҕабыт биһигини эйэлээх буоларга, бэйэ-бэйэни хаһан баҕарар өйөһөргө ииппитэ-такайбыта, итиннэ кини олус улахан суолтаны биэрэрэ. Мин кэргэмминээн оҕолорбутун эмиэ оннук иитэргэ дьулуһабыт. Аҕабыт саха биир улахан, патриархальнай дьиэ кэргэнигэр улааппыта, аймахтарыгар олус тардыстыылаах этэ. Бэйэтин үөрүүлээх түгэннэрин, ситиһиилэрин аан бастаан кинилэрдиин үллэстэр баҕалааҕа, кинилэр билиниилэрин туохтааҕар да күүтэрэ. Оҕо саастан, сайылыкка сылдьар кэмнэрбититтэн, биһиги улахан, эйэлээх дьиэ кэргэн сорҕото буоларбытын өйдүүбүт. Аймахтарбар истиҥ, сылаас, ытыктабыллаах сыһыан оччолортон миэхэ баар, мин ону оҕолорбор тиэрдэбин. Аҕабыт баҕата оннук этэ. Кини эдьиийин Акулина Трофимовнаны олус ытыктыыра, таптыыра, кини мындыр өйүнэн киэн туттара. Быйыл 90 сааһын туолбут эбэбит кэриэтэ чугас киһибит Акулина Трофимовна билигин даҕаны туохха барытыгар көхтөөх, кинини кытта кэпсэтэр-ипсэтэр даҕаны олус интэриэһинэй. Кини – биһиги аймах киэн туттуута!
Убайдарым Василий Семенович Яковлев уонна Василий Васильевич Филиппов олус өйөөтүлэр, биһиги кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Чараҥ сайылыкпыт биһиги сүрэхпитигэр, куппутугар-сүрбүтүгэр өрүү баар. Бу улахан аҕа уус, түмсүүлээх дьиэ кэргэн үгэстэрин, култууратын кыракый биир чааһын биһиги, Сир шарын хайа да муннугар олорор буоллахпытына, бэйэбит оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр тиэрдэ туруохпут.
“Аҕам доҕотторугар…”
– Саха сирин, Дьокуускайы, бу кэлиигэр хайдах хараххынан көрдүҥ, туох эмэ уларыйыы баар дуо?
– Дьокуускай хас сырыы аайы тупсан көрсөр. Ол эрээри, мин ордук дьонтон үөрэбин. Ол барыта аҕам үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин кытта ситимнээх: Кытаанах оскуолатын кэлэктиибэ, Далан төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэни тэрийэн ыыппыт. ХИФУ устудьуоннара уонна преподавателлэрэ, аҕам айымьытынан «Ньырбачаан» испэктээги туруорбут. Култуура колледжын устудьуоннара, «Дьикти сааһы» испэктээккэ оонньообут ТЮЗ эдэр артыыстара… Саха эдэр ыччатын өйдөөх, кыраһыабай диэн, бэйэтин култууратын, литературатын өрө тутар диэн олус үөрэбин, киэн туттабын.
Бу күннэргэ биһиги үгүс элбэх интэриэһинэй, өйдөөх, бэйэлэрин үлэлэринэн чахчы үлүһүйбүт дьону көрүстүбүт. Национальнай архыып дириэктэрин Николай Константиновы кытта билсистибит. Ийэбит Далан личнэй докумуоннарын, рукописьтарын Национальнай архыыпка туттарда. Профессионаллар Эмма Кононова уонна Лидия Картузова бу докумуоннары кытта үлэлиэхтэрэ, көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ. Итиэннэ бу сыл уонна кэлэр сыл устата Далан Личнэй фондатын тэрийии үлэтэ ыытыллыаҕа. Онон, аны олох сотору кэминэн, Далан айар үлэтин интэриэһиргээччилэр бука бары, бу дьон өҥөлөрүнэн, матырыйааллары билсиһэр кыахтаныахтара.
– Олох туһугар охсуһуу, тулуур, дьулуур, булгуруйбат кытаанах санаа, чиэс уонна суобас диэн өйдөбүллэри өрө тутуу – бу барыта Далан туһунан. Кини элбэх эрэллээх доҕоттордооҕо, Эн, Далан улахан кыыһа, аҕаҥ доҕотторугар анаан тугу диэҥ этэй?
– Аҕабыт үбүлүөйүн иннинэ биһиги презентация бэлэмнээри, элбэх хаартысканы бэрийбиппит. Онно көрдөхпүтүнэ, аҕабыт суох буолбутун кэннэ, кини бастакы үбүлүөйдээх 1998 сылыттан саҕалаан, кини биир санаалаахтара, суруйааччы-доҕотторо Наталья Харлампьева, Тумат, Урсун, Тумарча, Харысхал – барытыгар кыттыыны ылбыттар, тэрийсибиттэр эбит. Бу сырыыга эмиэ, үгүстэрэ Чурапчыга, Кытаанахха бара сырыттылар.
Дьэ манна мин, кинилэр хайдах курдук уоттаахтык-төлөннөөхтүк норуоппут туһунан, төрөөбүт литературабыт, тылбыт кэскилин туһунан, киэн туттар чулуу дьоммут тустарынан итэҕэтиилээхтик этэллэрин-тыыналларын ордук сөҕө иһиттим. Бу дьон – тылбыт баайын, сүмэтин илдьэ сылдьар, талааннаах дьон. Кинилэри улахан буукубаттан суруллар Сырдатааччылар диибин. Уонна кинилэр миэхэ аҕабын наһаа санаталлар… Аҕам эмиэ бу курдук, ордук тыа нэһилиэктэринэн үгүстүк айанныыра, ааҕааччыларын кытта көрсүһэрэ, эмиэ бу курдук ис сүрэҕиттэн этэрэ-тыынара. Кини мэлдьи дьоҥҥо тардыһара, бэйэтин судургута суох олоҕун уопутуттан үллэстэрэ, дьону истэрэ, кинилэр тугунан олороллоро, тугунан тыыналлара аҕабын мэлдьи интэриэһиргэтэрэ.
Мин, дьон-сэргэ барыта, ордук официальнай былаастар, суруйааччыларга сырдатыы үлэлэригэр бары өттүнэн көмөлөһүөхтэрин баҕарабын. Бу дьон – биһиги киэн туттуубут. Тыл материальнайа суох дииллэр да, дьиҥэр, кэмигэр, сөпкө этиллибит барыта суолталаах, ыйааһыннаах.
Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru
Хаартыскалар интэриниэттэн.