Далан курдук суруйааччы өлүөн сатаммат… (салгыыта)

Бөлөххө киир:

Василий Яковлев-Далан суруйбут «Тыгын Дархан» арамааны хайдах суруйбутун, олоҕун араас түгэннэрин туһунан драматург Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр бу саас суруйбут ахтыытын бэчээттиибит.

Бүтүүтэ. Иннин манна ааҕыҥ: edersaas.ru/dalan/

Айар үлэ эридьиэстэрэ

Далан литератураҕа, суруйааччы буолууга ирдэбилэ улахан этэ. Биир сиргэ киэһэ хойут ыалга хоно кэлбиппит. Ыал хаһаайына түүннэри оһоҕун оттон, ас үтүөтүн тардан, тоҥ балык кыһан маанылыы олорон бэйэтэ эмиэ саха былыргы олоҕуттан сэһэн суруйа сылдьарын кэпсээбитэ. Онтон ол суруйуутун аҕалан Далаҥҥа аахтарда. Далан онон-манан ааҕан көрөн баран, «бу, кэбис, мөлтөх суруйуу» диэн быһа-бааччы сыана быһан кэбистэ. Кэлин утуйуохпут иннинэ таһырдьа тахсан мин, «ити сыыһа гынныҥ» диэбиппэр, Далан «литература диэн оҕо оонньуута буолбатах. Ити наһаа ыарахан, эппиэтинэстээх үлэ буолар. Онон эрдэ эрэйи көрбөтүн диэммин эттим» диэбитэ.

Миигин «дьэ дьиибэ киһигин, иирэн эрэ хаалыма» диэн турар. Мин «бай, ол аата хайдах?» диэн соһуйа түспүппэр, биир саҥа суруйан эрэр киһини өйөөн сурунаалга кэпсээннэрин бэчээттэтэ сылдьыбыт эбит. Кэнники ол уол ыалдьыбытын туһунан соһуйан истэн эрэ хаалбыт эбит.

Бу сылдьан Далаҥҥа, Харысхал «Тураҕааскы» диэн ат туһунан суруйбут бэртээхэй кэпсээнин хайҕаан кэпсээбиппэр, соһуйа түспүтэ. «Мин аахпытым ээ, ол эрээри мөлтөх диэбитим. Бээ-бээ иккистээн ааҕан баран бэчээттиэххэ баар эбит», — диэбитэ. Кэлин куоракка кэлээт, ол кэпсээни сурунаалыгар бэчээттэппитэ.

“Айымньым кыайтарарын ааһан эрэр…”

Кэлин Далаҥҥа Хахыйахтааҕы сайылыгар, ыһыахтар иннилэринэ аҕай, бэйэм саҥа ылбыт “УАЗ” массыынабынан Раиса Терентьевна Аммосованы, Симон Петрович Федотову илдьэ, тиийэн турардаахпын. Ол онно кини саҥа норуодунай суруйааччы аатын ылан, «Тыгын Дархан» арамааныгар умса түһэн, үлэ бөҕөнү көрө олорор кэмэ этэ. Ону билбэккэ, биллэрбэккэ даҕаны, түүн кэлэммит, Далан хаҕыс соҕустук көрсүбүтэ. Мин үөрэн-көтөн кэһиибин — биир иһити остуолга уурбуппар, «биһиги, хахыйахтар, испэт буолан турабыт» диэбитэ.

Саҥа тутуллубут балаҕаҥҥа хонон тураат, сарсыныгар аллараа Аммаҕа Симонныын сууна, сөтүөлүү киирбиппит. Тэйиччи соҕус Далан, биһиги диэки көрбөккө да аата, саппыкылаах, үрүсээктээх сундулуччу хааман кытылга кэлэн, мас тыытыгар олорон, уҥуор эрдэн тахсан сатыы бара турбута. Туох эрэ санаатыгар ылларан сылдьара биллэр этэ. «Ок, убайбыт кыыһырбыт быһыылаах» дэһэн батыһа көрө хаалбыппыт.

Онтон тута чэйдээн, хомунан баран, Тэйэр Хайаҕа барбыппыт. Күнү быһа Тэйэр Хайа үрдүгэр тахсан хаамыраҕа уһулан, Аммаҕа киирэн сөтүөлээн, сынньанан баран, киэһэлик хойут Хахыйахпытыгар төннүбүппүт. Далан олбуорун иһигэр биһигини көһүтэн атах сыгынньах күөх окко хаамыталыы сылдьар этэ. “Тоҕо өр буоллугут? Мин кэтэһии бөҕөтө”,  — диэн баран дьиэтиттэн улахан иһиккэ тобус толору ытыс саҕа лэһигирэс соболору аҕалбыта. Биһиги үөрэн сэк гына түспүппүтүн көрөн, «бэйи тохтооҥ, билигин аны миинин аҕалыам. Аттакы да киһини хамсатар миини» диэн мүчүк гыммыта. Эмиэ үөрэн-көтөн, биир иһити ойутан таһаарбыппытыгар, «суох, кэбис, олох айымньым кыайтарарын ааһан эрэр, бүтэрэ охсуохпун наада» диэбитэ. Дьэ онно эрэ Далан айар үлэтин үгэнигэр сылдьарын өйдөөн, бостуой билбэккэ кэлэн мэһэйдээбиппитин кэмсинэ санаабыппыт. Киһибит, ону ол диэбэккэ, Хахыйах дьонугар барыларыгар биллэртэрэ охсон, көрсүһүү оҥорон барбыта. Сотору кэминэн, күн киирэн эрдэҕинэ, Симон Федотовы көрсөөрү, саҥа тутуллубут моҕол ураһа иһигэр Хахыйах дьоно-сэргэтэ ыттыын-кустуун бары мустубуттара. Олор быыстарыгар Далан, тыа дьонун кытары бэйэтэ тыа киһитэ буолан олорон, Симон туойарын, Алампа, Ойуунускай хоһооннорун ааҕарын иһийэн истэ олороро харахпар бу баар.

Суруллубатах “Алмаастаах чороон”

Суруйааччылар сойуустарыгар маҥнай киирэрбэр миэхэ Далан мэктиэ сурук суруйбута. Ол барыта бигэргэнэн, аны «Москваҕа дьыалаҥ барар, нууччалыы тылбаас оҥорторон аҕал» диэбиттэригэр сөбүлээбэккэ, мундуйдаан, дьыалабын түөрт-биэс сыл биэрбэккэ сылдьыбытым.

Далан бэйэтин үрдүк аналын толору билинэр этэ. Сахам норуотун эрэ туһугар суруйабын диир этэ. Ону мин «ускуустуба диэн баар, худуоһунньук маҥнай бэйэтэ аан дойдуну хайдах анаарарын суруйуохтаах» диирбин, быһаччы «өйдөөбөт эбиккин» диир этэ.

«Алмаастаах чороон» диэн, алмаас хостоору айылҕаны хайдах алдьатан эрэллэрин туһунан арамаан суруйар санаалааҕын кэпсээбитигэр, мин «Тыгын Дархан» салгыытын суруйуоҥ этэ, оттон ити туһунан суруналыыстар да суруйдуннар, диирбин эмиэ сөбүлээбэккэ, көхсүн этитэр буолара. «Кырдьык. Туох барыта кырдьык буолуохтаах» диэн лозунунан сылдьара. Өссө ГКЧП саҕана буолбут мүччүргэннээх түгэннэр тустарынан арамаан суруйар санаалаах этэ. Ол иһин миигиттэн ону сэргээн ыйыталаһар этэ. Өссө доҕорум, суруйааччы Михаил Дьячковскай-Көлбө ол тыҥааһыннаах кэмҥэ Үрүҥ Дьиэ көмүскэлигэр түүнү быһа турбутун туһунан истэн, киниэхэ мэтээл бэрдэртэрээри, үүйэ-хаайа тутар этэ.

Кытаанах кытаанах уурааҕа

Биирдэ Раиса Терентьевна Аммосовалыын кэлэн Даланы видеоҕа уһулбуппут. Онно үөрэн-көтөн Эллэйтэн, Тыгынтан, Батас Мөндүүкээнтэн саҕалаан төрүччү оҥорбутун көрдөрбүтэ. Ол төрүччүтүн ыал буолбут оҕолоругар биэрбитин туһунан кэпсээбитэ. Онтон соһуччу баҕайытык «бэйи, тохтуу түһүҥ» диэн баран, хоһугар киирэн, Кытаанах нэһилиэгин сэбиэтин уурааҕын аҕалан көрдөрбүтэ. Ол уураахха үрүҥҥэ харанан Далан өлөн хаалар түгэнигэр төрүттэрин алааһыгар көмөр туһунан суруллубут, илии баттаммыт, бэчээт ууруллубут эбит этэ.

Ол уураахха аны туран, өйдөбүнньүгүн эскиһа, туох матырыйаалынан оҥоһуллара, хайдах көстүүлээх буолара барыта уруһуйданан, барыта ыйыллан бииргэ тиһиллэ сылдьар этэ. «Өлөртөн куттана сылдьыбытым. Эрдэттэн барытын оҥостор үчүгэй эбит. Бу уурааҕы дойдубар тахсан оҥорторон баран хайдах эрэ уоскуйан хааллым», — диэбитэ.

Өлүөн аҕыйах хонук иннинэ Литературнай мусуой иннигэр көрсөн кылгастык кэпсэтэн ааспыппыт. Билигин Даланы мин хайдах эрэ өлбүт курдук санаабаппын, Амма өрүс нөҥүө мас тыынан эрдинэн илимин көрө барбыт курдук саныыбын. Далан курдук көнө, ыраас суобастаах, чаҕылхай суруйааччы өлүөн сатаммат.

Сиэн Өкөр.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0