Далан курдук суруйааччы өлүөн сатаммат…

10.11.2020
Бөлөххө киир:

Василий Яковлев-Далан суруйбут «Тыгын Дархан» арамааны хайдах суруйбутун, олоҕун араас түгэннэрин туһунан драматург Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр бу саас суруйбут ахтыытын бэчээттиибит.

Даланныын билсиһии

Далан бу орто туруу дойдуга баара эбитэ буоллар, билигин тоҕус уон икки сыллаах кыстык хаарын уулларан, дойдутугар Чурапчыга, Амма үрдүгэр турар Хахыйахха сайылыгар тахсыбыт буолуо этэ. Хас сарсыарда аайы эрдэ туран мас тыытынан өрүһү туораан, илимнэрин көрө барыа этэ. Ол аны суох. Онон биһиэхэ, өлүү өрүһүн бэтэрээ кытылыгар туран хаалбыт дьоҥҥо, кини умнуллубат сэбэрэтэ, лоп бааччы дуоспуруннаах саҥата-иҥэтэ, саргылаах өйө-санаата эрэ ааспат ахтылҕан, өспөт өйдөбүл буолан хааллаҕа.

Даланныын маҥнай миигин Харысхал билсиһиннэрэн турар. Биир кыһын кини «дьокутаакка киирсэн эрэбин, көмөлөс, Аммаҕа тахсыс, Далан барсар» диэн кэллэ. Бу иннинэ Харысхаллыын драматурдар сэминээрдэригэр элбэхтэ бииргэ сылдьыбыт буолан, сөпсөһөн, Аммаҕа барсар буолбутум. Уонна, биллэн турар, онус кылаастан ылата «Хотугу Сулуска» кини «Дьикти саас» арамаанын ааҕан баран, кинини ыраахтан көрөн, таҥара кэриэтэ оҥостон үҥэр, сүгүрүйэр суруйааччыбын кытары билсэрбиттэн, бииргэ айанныырбыттан үөрэрим ханна барыай. Ол эрэн, маҥнайгы билсиһиибит биһиэнэ тутах соҕус буолбута. Биир бэркэ билэр киһибин Далан быһаччы «Па, куһаҕан киһи» диэн тута дьаралык ыйаан, бириигэбэрин этэн кэбиспитэ. Ол иһин өһүргэнэн, Аммаҕа диэри айах этэн кэпсэппэккэ, Харысхалы далаһа оҥостон, кини нөҥүө кэпсэтэн тиийбиппит. Хата киэһэ Аммаҕа Даланы көрсөн кыра малааһын оҥорон, ол кэннэ иккиэммитин райком гостиницатын биир хоһугар түһэрэн, дьэ ирэ-хоро кэпсэтэн, нэммитин билсэн, уонча хонук устата Харысхалбытын дьокутаат оҥороору, Амманы барытын кэрийбиппит.

Далан оччолорго «Тыгын Дархан» арамаанын суруйаары, матырыйаал хомуйа, иитиллэ, буһа-хата сылдьар кэмэ эбит этэ. Түүр тылын тылдьытын илдьэ сылдьан, наар ону ааҕар буолар этэ. «Дьиҥэр. хас биирдии саха түүр тылын үөрэтиэхтээх, билиэхтээх этэ», — диирэ. Кэлин «Тыгын Дархан» бэчээттэммитин кэннэ, Тыгын Дархан аҕата өлөөрү сытан түүрдүү саҥарар саҥатын ааҕан, итини суруйаары бэлэмнэммитин дьэ өйдөөбүтүм.

Быыбар мучумааннара

Оччолорго баартыйа райкомнарыгар барыларыгар Власов диэн киһини дьокутаат оҥорторорго ыйаах кэлбит этэ. Ону утаран, Далан хас көрсүһүү аайы быыбардааччыларга «олох кинини талымаҥ, Чомчоев диэн эдэр киһи баар. Киниэхэ куоластааҥ» диир этэ. Ол айыыбытыгар-харабытыгар райком массыына көҥүллээбэккэ, Соморсунтан Мээндигигэ диэри бодобуос массыынаҕа көтөхсөн олорон айаннаабыппытын өйдүүбүн. Хас саҥа сиргэ кэллибит аайы, Далан оскуолаҕа үөрэнээччилэрдиин көрсөргө кыһанара. Эдэр көлүөнэҕэ, кэнчээри ыччакка кини сыһыана ураты этэ. Иннигэр олорор оҕолору «туох дьон буолан тахсыахтарай? Киһи буолуохтара дуо?» диэбит курдук чинчилиирдии көрөр буолара.

Көрсүһүү кэнниттэн, тохсус-онус кылаас кыргыттара киниэхэ «Дьикти саас» диэн харыстаан  илдьэ сылдьар кинигэлэригэр ааптарга илии баттаттараары, кини тула үмүөрүһэллэрэ. Көрүө этигит эһиги онно, Далан сирэйэ хайдах сырдыырын, хараҕа хайдах чаҕылыйарын. Биһиги диэки «сааттыгыт дуо?» диэбиттии, кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан көрө-көрө, кылгастык бэйэтин аатын латыынныы, Ноҕуруодап алпаабытынан Dalan диэн илии баттыыра.

“Тяжелый рок”

Биир сиргэ мелодистар Дима Емельянов, Кеша Сивцев буолан үөрэ-көтө, гитараҕа оонньоон, ырыа-тойук буола олорбуппут. Далан биһигини кытары тэҥҥэ аҕа сааһын умнан үөрэр-көтөр. Мин омук тылынан хаһыытыы-хаһыытыы ыллыырбын бэркэ сэргээн, «ити тугу ыллыыгын?» диэн ыйыппытыгар, мин «ити аата хард-рок диэн буолар» диэн хоруйдаабытым. Ону Далан «ол аата тугуй?» диэбитигэр, мин «ол аата тяжелый рок диэн буолар» диэбитим.

Сарсыныгар уһуктан кэлбитим, Далан иннибэр сэрээккэ оҥоро сылдьар эбит. Бэйэтин сааһыгар сүрдээҕин кыанар, спортивнай быһыылаах-таһаалаах, толору быччыҥнаах киһи, бэҕэһээ киэһэ биһигини кытары тэҥҥэ үөрэн-көтөн кэбиһэн, сирэйэ-хараҕа мөлтөөбүт этэ. «Хайа, Баһылай Сэмэнэбис, хайдаххыный?» — диэбиппэр, киһим өрө уһуутаан
баран «тяжелый рок» диэбитэ.

Далаҥҥа «Луис Корваланы босхолооҥ» диэн суруйа сылдьар пьесабын уубар-хаарбар киирэн, «Мэхээс эрэйдээх кута-сүрэ им балай хараҥаҕа үөһээ тоҥ сулустар диэки көтөн сурулаан испитэ… Ол көтөн иһэн аллараа, им балай хараҥаҕа факеллаахтар уоттара ытыс эрэ саҕа көй уот буолан кылапачыһалларын көрөн, Мэхээһи «туох иһин?» диэн кылгас санаа тууйан ылбыта» диэн тылларынан кэпсээн бүтэрэбин. Далан умса түһэн саҥата суох олорбохтоот, аргыый аҕай «кырдьык даҕаны… туох иһин?..» диэн ботугураабытын өйдүүбүн. Анараа дойду баарын-суоҕун туһунан кэпсэтиигэ мин «анараа дойдуга бэлэмнээн, киһи аймахха үөһээлэр түүл диэни ыыппыттар. Анараа дойду диэн син биир түүл кэриэтэ буолар» диэн эппиппэр, Далан «оо, оччоҕо куһаҕан эбит» диэн сонньуйбутун өйдүүбүн. Ол сылдьан түүн утуйа сытан ыар түүллэри көрөн, баттатан, ынчыктыыр этэ. Дьылҕа Хаан кинини улуу суруйааччы оҥороору, тургутан көрөн, уйанын-хатанын билээри, эдэр сааһыгар хатааһыннаах хааччахха, түүнүктээх түрмэҕэ үтэйдэҕэ. Ол кэм ыар салгына, төһө да элбэх сыллар ааспыттарын кэннэ, кини түүлүн аймыыр эбит буоллаҕа.

Салгыытын манна ааҕыҥ: edersaas.ru/dalan-2/

Сиэн Өкөр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0