Күн сирин саҥа көрбүт кырачаан кыыс төрөппүттэрин үөрдэ, ытаан бэбээрэр… Маннык дьоллоох түгэҥҥэ, сырдык кэмҥэ хантан билиэҥий, бу нарын бэйэлээҕи туох олох, ханнык дьылҕа күүтэн турарын… Ханна тиийэн, тугу көрсөн, киһи дуу, кии дуу буоларын…
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ дьахтар буруйу оҥоруута арыый да аҕыйаабыт. Ол эрэн, арыгы иһэн баран сокуону кэһии элбээбит уонна өлөрүү көрдөрүүтэ оннунан хаалбыт (бу туһунан иһитиннэрии манна баар: https://edersaas.ru/dahtar-itiren-baran-buruju-o-oruuta-elbeebit/
Дьахтар буруйу оҥоруутун сүрүн төрүөтүнэн оччоттон баччаҕа диэри кини дьиэтигэр-уотугар, тус олоҕор табыллыбат буолуутун, аһыы утаҕынан үлүһүйүүтүн ааттыыллар. Үлэбинэн холуонньаларга дөрүн-дөрүн сылдьар киһи, итинтэн сиэттэрэн, буруйдарын боруостаан олорор дьахталлары кытта анаан көрсөн кэпсэппиттээҕим. Өлүү быалаах, сор суоллаах дииллэринии, кинилэри туох ыар буруйу оҥорууга тиэрдибитин атах тэпсэн олорон истибитим. Бүгүн олортон — үс дьахтар дьылҕата (ааттарын уларыттым).
«Барыта арыгы содула»
Бойобуой көрүҥнээх, 42 саастаах Лариса Тиксииттэн сылдьарын кистээбэт. Урут, 1995 сыллаахха, киһини ыараханнык эчэтэн өлүүгэ тиэрдэн (РФ Холуобунай кодексатын 111-с ыст. 4-с чааһа), сууттана сылдьыбыт эбит. Ол сууттаныыта сотуллубут («погашена» дэнэр). Бу сырыыга бииргэ олорбут киһитин быһаҕынан анньан өлөрөн, 8 сылга көҥүлэ быһыллыбыт. Биир кыыстаах — хирург идэлээх. Санкт-Петербург куоракка олорор, үлэлиир, кэргэннээх, үс оҕолоох эбит.
Дьыалатын Лариса бэйэтэ маннык кэпсээтэ:
—— … Өйдөнөн турбутум — киһим өлө сытар этэ. Быһахха тарбах суолун (отпечатки) булбатахтар этэ да, дакаастыы да барбатахтара, миигиттэн ким, хайдах, туох диэн ыйыппатахтара — саамай кыһыылааҕа ол баар.
Ол күн кини үбүлүөйэ этэ, киһи бөҕөтө сылдьыбыта. Мин арыгы иһэн, итирэн хаалбатаҕым буоллар, тыыннаах хаалыа этэ.
Суукка буруйу бэйэбэр ылыммытым. Олох тугу даҕаны өйдөөбөппүн. Итирбит да буоллахпына, ол туох диэн кинини өлөрүөхтээхпиний. Бокуонньук миэхэ туох да куһаҕаны оҥорботоҕо, кинини өлөрөр биричиинэ суоҕа. Олоруу баҕас наһаа үчүгэй этэ. Иккиэн иһэр да буоллахпытына, этиһээччибит суох. Дьыалабын ааҕаар эрэ, олох остуоруйа курдук суруйбуттар.
Дьыалатын аахпытым — туох остуоруйата кэлиэй, — трагедия. «Он часто оскорблял ее, когда напивался, у них случались драки, он бил ее, она избивала его» диэн суруллубут. Лариса арыгы иһэрин кистээбэт: «Ыстаадаҕа үлэлиир эрдэхпиттэн иһэрим, оттон ыстаадаҕа кыра эрдэхпиттэн үлэлээбитим. Бөһүөлэккэ киирэн, тыыммытын итинник таһаарарбыт быһыылаах… Аны дьоҥҥо бэргэһэ, этэрбэс эҥин тиктэххэ, куруук бытыылканан төлөһөллөр этэ, урут-уруккуттан… аны төһөнөн үчүгэйдик тигэҕиҥ, соччонон сакаас элбэх буолар. Билигин да куттахтарына, иһиэм, аккаастаныам суоҕа этэ».
Босхолонон таҕыстаҕына, кыыһа бэйэтигэр ыҥырбыт даҕаны, онно барар санаата суох эбит. «Дойдубар барабын» диир.
«Эрим таҥнарбыта, онтон саҕаламмыта»
Сырдык сэбэрэлээх, 49 саастаах Тамара илин эҥэр улууһуттан сылдьар. Суотабай төлөпүөнү уоран түбэспит. Бу иннинэ эмиэ уоран, усулуобунай миэрэнэн сууттаммыт эбит. Ол болдьоҕо бүтэ илигинэ буруйу хаттаан оҥорбут буолан, онто эбиллэн, 2,6 сылга көҥүлэ быһыллыбыт.
Эринээн арахсыбыттар, икки улахан уол оҕолоох. Кыра уола ойохтоох, оҕолоох. Тамара бэйэтэ асчыт идэлээх.
Дьыалатын ис хоһооно: тыа сирин биир нэһилиэгэ, төрдүө буолан (бары дьахталлар) биир дьиэҕэ бырааһынньыктаабыттар. Кини дьиэ күүлэтигэр сыппыт эргэ суотабайы лан тахсыбыт.
Ону бэйэтэ соччо өйдөммөттүк кэпсиир: эмиэ да «ол төлөпүөнү дьиэҕэ ким эрэ аҕаллаҕа дии, тута миэхэ, утуйан хаалбыт киһиэхэ, түһэрбиттэрэ», эмиэ да «эрдэ харчытын хаһаайыҥҥа төлөөбүтүм да син биир сайабылыанньа суруйа охсубут этэ», эмиэ да «өйдөөҕүм буоллар, ол төлөпүөн миэхэ наадалаах этэ, испит буолан ылбытым» диир.
Ол билигин суолтата суох — буруйун суукка билинэн, бу хаайыллан олордоҕо дии. Суолтата — олоҕор. Оттон олоҕун дьоллоох-соргулаах диэбэккин. Эрэ атын дьахтарга «иирэн» барбыта уонтан тахса сыл буолбут, ол киһи төрдүс ойоҕор олорор үһү. 24 уонна 26 саастаах уолаттара тутууга «холтууралыыллар».
Улахан уола суоппар идэлээх, кырата армияттан кэлэн баран, алмааһы кырыылааччы идэтигэр үөрэнэн иһэн, кыыһы таптаан, үөрэҕин быраҕан кэбиспит. Кыыс оҕоломмуттар, 7 саастаах. Бары биир дьиэҕэ олороллор.
Тамара ити нуучча кийиитин сөбүлээбэт, тапсыбаттар эбит. «Ити дьахтар кэлэн, барытын булкуйан кэбистэ. Ол иннинэ бэйэбит үчүгэй баҕайытык олорбуппут. Уолаттарбын утарыта киирсиһиннэртиир, миигин дьиэбиттэн таһаара сатыыр, арыгыны ынырыктык иһэр, туох да үөрэҕэ, идэтэ суох. Аны дьиэбит «проходной двор» курдук — уолаттарым табаарыстара кэл да кэл, бар да бар, пиибэлээ да пиибэлээ» диэн муҥатыйар. «Балыыһаҕа киирдэхпинэ, бэл диэтэр, бу хаайыыга киирэн, кинилэртэн сынньанар курдукпун» диир.
Тамара бэйэтэ кэпсииринэн, участковай уонна нарколог кини туһунан дьыалаҕа»дьиэтигэр айдаарар, уопсастыбаннай сиргэ, уулуссаҕа итирик сылдьар, үлэлээбэт, арыгылыыр» диэн суруйбуттар. Ону «ол аата иһэҕин дуо? Төһө чаастатык?» диэн сэрэнэн ыйытабын. «Иһиминэ, — диэн өрө хабыатайдана тгстэ сэһэргэһээччим, — эрим буолуохсут таҥнаран, арахсан барыаҕыттан иһэбин, онтон саҕаламмыта… тугунан эмит дьарыктанар буоллахпына (дьоҥҥо иистэнээччибин ээ), ыйы быһа испэккэ сылдьыахпын сөп, туох да дьарык, үлэ суоҕуттан, «от нечего делать» иһэбин».
Босхолонноҕуна, төрөөбүт дойдутугар барыан санаталыыр. Онно бииргэ төрөөбүттэрэ бааллар үһү. Эмиэ да «оҕолорбор харабыл, көмө курдук олоруохпун баҕарабын» диэн мунаарар. Оттон хаайыыга киниэхэ ким да кэлэ сылдьыбат, уолаттара эмиэ…
«Син биир тиийэн быһаарсыам этэ»
Уһун хара суһуохтаах, 26 саастаах Алевтина Эбээн Бытантайтан төрүттээх. Киһини быһаҕынан анньан өлөрөн, 7 ылга көҥүлэ быһыллыбыт. Кэргэнинээн арахсыбыттар, 5 саастаах уол оҕолоох. Эрэ биир сыл олороот, атын дьахтарга барбыт. Алевтина үөрэҕэ суох, кулуупка, оҕо саадыгар үлэлээбит. Оҥорбут дьыалатын туһунан маннык кэпсиир:
— Ол киһини кытта хара маҥнайгыттан тапсыбат этибит. Ол күн кыргыттарбын кытта бырааһынньыктыы сылдьыбыппыт, онно биир киһи баара, миигин үөҕэн киирэн барбыта. Тоҕо үөҕэҕин диэтэҕим дии. Ону биир киһи мин туспунан күүлэйдиир эҥин диэн хоп-сип тарҕата сылдьарын эппитэ.
Ону истэн баран, биллэн турар, улаханнык өһүргэнэн, ол киһиэхэ дьиэтигэр быһаарса-кэпсэтэ тиийбитим. Итирик буолбатах, көннөрү холуочук этим, арыгы испэппин ээ. Өйдөөҕүм да эбитэ буоллар, син биир тиийэн быһаарсыам этэ.
Этиһии-охсуһуу саҕаламмыта. Кини саха быһаҕын ылбыта, миигин анньаары… Куттаммытым ахан! Быһаҕа сиргэ түспүтүн хаба тардан ылан, сүрэҕин туһаайыытынан биирдэ анньан кэбиспитим.
Алевтина ити оҥорбут дьыалатыттан ыйтан ордук кэм устата шок ылан, онтуттан кыайан тахсыбакка сылдьыбыт. «Дьон да иннигэр олус кыбыстыылаах этэ, — диир, — ол эрэн, ол киһини хайдаҕын билэр буоланнар, ким да кэлэн сирэй-харах анньыбатаҕа, «өлөрүөхсүккүн» диэн үөхпэтэҕэ, төттөрүтүн, аһынар курдуктар этэ, дьон миэхэ сыһыана уларыйбатаҕа».
Алевтинаны аҕата (ийэтэ өлбүт), убайа, балта, аҕатын балта (киниэхэ эдьиий) өйүүллэр, көмөлөһөллөр эбит. Босхолонон таҕыстаҕына, олоҕо үчүгэй өттүгэр салаллыаҕар, табыллыаҕар кини күүстээх эрэллээх.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
Хаартыска: интернеттэн.