Кулун тутар 16-17 күннэригэр «Репродуктивный потенциал» регионнар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыа.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Кэмпириэнсийэ Медицина национальнай киинин 25 уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үрдүкү медицинскэй үөрэхтээһин 60 сылыгар ананар.
Манна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьахталларга медицинскэй көмө хаачыстыбатын уонна табыгастаах буолуутун үрдэтиигэ тэрээһин үлэлэриттэн саҕалаан, кинилэр доруобуйаларыгар сыһыаннаах боппуруостарга тохтуохтара. Москва профессора, м.н.д Сергей Леваков, ХИФУ Медицина институтун акушерствоҕа уонна гинекологияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ Наталья Дуглас, Медцина национальнай киинигэр дьахталлар консультацияларын сэбиэдиссэйэ Наталья Степанова уо.д.а. дакылааттары оҥоруохтара.
Ыспыраапка:
Перинатальнай отделениеҕа ыараханнык эбэтэр болдьоҕун иннинэ төрүүр дьахталлар ахсааннара сылтан сыл аайы эбиллэрин учуоттаан, Медицина национальнай киинигэр дьахтары төрөтөр, кырачааны көрөр-истэр отделениелар бары стандартка эппиэттиир эмтиир тэриллэринэн хааччыллыылаахтар. Акушер-гинекологтар, анестезиолог-реаниматологтар, неонатологтар суукканы быһа дьуһуурустубалыыллар.
2015 с. эрдэтээҥи пренатальнай скрининг түмүгүнэн, СӨ РФ 15 бастыҥ субъегар киирбитэ. Пренатальнай скринини Медицина национальнай киинин медицинскэй-генетическэй киинэ сүрүннүүр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/