Улуу Кыайыы күнүгэр бэтэрээннэргэ араас ис хоһоонноох аһымал аахсыйа тэриллэн, ураты болҕомто ууруллар.
Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэр соторутааҕыта Дьахтар сэбиэтин урукку састааба уларыйан, саҥалыы толкуйдаах эдэр ийэлэр араас интэриэһинэй бырайыактары олоххо киллэрэр санаалаахтар. Уопсастыбаннай тэрилтэ — Дьахтар сэбиэтин салайааччыта, нэһилиэк бэрэстэбиитэллээх уорганын дьокутаата, «Чэчир» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Уруйдаана Егорова бастакы бырайыак хайдах олоххо киирбитин туһунан бу курдук кэпсиир:
— Дьахтар сэбиэтин бастакы тэрээһин мунньаҕар үлэ былаанын дьүүллэспиппит. Онно сүрүннээн ытык бэтэрээннэрбитигэр болҕомтобутун туһаайар туһунан кэпсэппиппит. Онон Улуу Кыайыы күнүгэр бэтэрээннэргэ анаан «70+: дьиэ парикмахерскайа» диэн аахсыйаны олоххо киллэрэр туһунан сүбэлэспиппит. Сайаапка хомуйан баран, ыам ыйын 7 уонна 8 күннэригэр тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин баттахтарын кырыйдыбыт.
Урбаанньыт Изабелла Кондакова уонна учуутал Екатерина Кривошапкина баттах кырыйарга анаан үөрэнэн кэлбит буолан, биэс ытык кырдьаҕаска баттахтарын дьиэнэн сылдьан кырыйдылар.
Кэлэр өттүгэр кырдьаҕастарбытын үөрдэ таарыйа алаадьы, бурдук ас кэһиилээх сылдьыыһыбыт дии санаатыбыт. Дьоммут бары наһаа үөрэ көрүстүлэр.
Үлэ бэтэрээнэ Михаил Кривошапкин баттаҕын кырыттаран, олох эдэригэр түһэн хаалла.
Олохторун оҕону иитиигэр анаабыт ытыктанар учууталларбыт, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ Галина Горчакова уонна Акулина Егорова үөрүүлэриттэн санаалыын көнньүөрдүлэр.
Айар куттаах суруйааччы уонна бэтэрээн-суруналыыс Афанасий Гермогенов-ГАС эдэрдии эрчимирэн, Дьахтар сэбиэтигэр махтанна.
Элбэх оҕо тапталлаах ийэтэ уонна маанылаах эбээтэ Тамара Босикова баттаҕын кырыттаран, сирэйдиин сэргэхсийэ түстэ.
Улуу Кыайыы күнүн көрсө дьоммутун үөрдэн, саҥа толкуй киирдэ. Бу аһымал аахсыйабытын салҕаан, Ийэ сылынан сибээстээн, аны алтынньыга Ийэ күнүгэр элбэх оҕолоох ийэлэргэ анаан көһө сылдьар «Ийэҕэ өйөбүл парикмахерскайаын» үлэлэтиэхпит.
Нэһилиэккэ кураанах турар эдэр исписэлиистэр дьиэлэриттэн биирин Дьахтар сэбиэтигэр көрдөөн ылан, өрөмүөннээн, миэбэл, иһит аҕалан, мустан кэпсэтэр, иистэнэр дьиэ оҥоһуннубут. Онон «ыстаап-кыбартыырабытыгар» сүбэлэһэн баран, өссө да араас сонун тэрээһиннэри ыытар былааннаахпыт.
… Дьахтар сэбиэтин саҥа састаабын бастакы хардыыта — «70+: дьиэ парикмахерскайа» аһымал аахсыйа табылынна. Бэтэрээннэр сирэйдиин-харахтыын сырдаан, суолталаах бырааһынньыгы ох курдук оҥостон, киэргэнэн көрүстүлэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыска — Уруйдаана Егорова тиксэриитэ.