Бу күннэргэ Арассыыйатааҕы Ийэ күнүн чэрчитинэн араас ис хоһоонноох тэрээһиннэр буола тураллар.
edersaas.ru
Чэппиэргэ СӨ Дьахталлар тэрилтэлэрин сойууһун уочараттаах пленума буолан ааста. Манна 2017-2022 сылларга РФ дьахталларга туһуламмыт национальнай стратегиятыгар сыһыаннаах боппуруостары тэҥэ, Саха сирин дьахталларын XIV сийиэһин резолюцията олоххо киириитин дьүүллэстилэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьахталлар тэрилтэлэрин Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева дьахталлар сэбиэттэрэ нэһилиэктэргэ аҕалар сойуустарын кытта биир сүбэнэн үлэлииллэригэр ыҥырда. Кэлиҥҥи сылларга итирдэр утахтары атылааһыны утары күүстээх үлэ барарын бэлиэтээн туран, бу хайысхаҕа улуустарга көдьүүстээх үлэ барарын холобурдаата. Ол курдук, Усуйаана улууһун дьахталларын сэбиэтин салайааччыта Туйаара Семенова Усуйаанаҕа биир массыына толору итирдэр утаҕы аҕалан атыылаары сылдьалларын хасыһан, өрөспүүбүлүкэҕэ улахан уопсастыбаннай резонанс таһаарбытын холобурдаата. Бэлиэтээн эттэххэ, хоту улуустарга дьахталлар сэбиэттэрин суруналыыстар салайар буолан, араас сытыы боппуруостары чаастатык уонна аһаҕастык туруорсаллар. Пленумҥа Дьахталлар тэрилтэлэрин сойууһа өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар актыып оскуолаларын, үлэ уопутун атастаһыытын тиһигин быспакка ыытарын биһирииллэрин эттилэр. Эдэр дьахталлар, лиидэр кыргыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрин көдьүүстээх үлэлэрэ бэлиэтэннэ.
— Быйыл икки улахан хайысха үлэтин тэтимиртибит. Ол «Доруобуйаны бөҕөргөтүү» бырайыак чэрчитинэн дойду улахан куруортарыгар актыбыыс дьахталлары чэпчэтиилээх путевканан сынньатыы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы дьахталлар хамсааһыннарын тэрийии. Бу бырайыактары олоххо киллэриинэн сибээстээн, Дьахталлар сэбиэттэрин сойууһа «Бэс чагдаҕа» сынньана таарыйа РФ Дьахталларын сойууһун кытта ыкса сибээс олохтоон кэлбитэ. Оттон «Саха сирэ-Казахстан-Киргизия-Монголия» норуоттар икки ардыларынааҕы дьахталлар хамсааһыннарын тэрийии – быйылгы сыл арыйыытынан буолла, — диэн СӨ Дьахталлар тэрилтэлэрин сойууһун салайааччыта Анжелика Андреева пленумҥа анаан бэлиэтээтэ.
Маны тэҥэ дьахталлар киэҥ ыҥырыылаах тэрээһиннэригэр улуустарга уонна Дьокускай куоракка «Үһүс көлүөнэ оскуолалара» арыллан, тыа сиригэр уонна куоракка олорор саастаах дьахталлары түмэр, олохторун ураты ис хоһооннуур уопсастыбаннай тэрилтэлэр көдьүүстээх үлэни ыыталлара биһирэннэ.
Биир сүрүн боппуруос ис хоһоонун – көлүөнэлэр ыкса сибээһи тутуһууларын пленум ыытыллыбыт киэһэтигэр «Ис сүрэхтэн» диэн итии чэйдээх сандалы тула ыытыллыбыт «төгүрүк остуол» арыйда. Предприниматель Александра Дмитриева дьүөгэлэрин бэйэтэ тэрийбит ыалдьыттары түһэрэр чааһынай гостиницатын киэҥ-куоҥ саалатыгар түмтэ. Манна дьахталлар түмсэн олорон үлэ уопутун атастастылар, санааларын,толкуйдарын, кэскиллээх былааннарын үллэһиннилэр.
Мин «төгүрүк остуолга» Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Прасковья Емельянова санаатын ордук сөбүлүү иһиттим:
— Улууспутугар уопсастыбаннай 29 тэрилтэ баар. Мин санаабар, кэнэҕэс дьахталлар пленумнарын курдук суолталаах тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта хайаан да кыттыыны ылыан наада. Бу маннык тэрээһиннэргэ уопсай сүбэнэн кэскиллээх боппуруос көтөҕүллэр, кыһалҕа быһаарыллар, саҥа толкуй торумнанар. Ол да иһин мин Амма Болугуруттан саҥа үлэтин саҕалаан эрэр баһылык солбуйааччытын анаан уопут атастаһыннара аҕаллым. Бу тэрээһиҥҥэ биһиги 13 уопсастыбанньык-дьахтары аҕаллыбыт, — диэн санаатын үллэһиннэ уопуттаах салайааччы.
Амма улууһун дьахталларын сэбиэтин салайааччыта Вероника Стручкова улуустааҕы дьахтар сэбиэтин 16 сыл салайар.
Аммалар Арассыыйа Ийэлэрин күнүн чэрчитинэн ыытыллар дьахталлар пленумнарыгар ох курдук оҥостон кэлэн, үлэлэрин ис хоһоонун хорутуулаахтык арыйдылар уонна быйыл Бөтүҥҥэ Ийэ скверэ тутуллубутун, Улуус мунньаҕын депутаттара уопсастыбаннай олоххо көдьүүстээх үлэни ыытар актыбыыс дьахталларга 30 тыһ. солк. бириэмийэ туттаралларын туһунан кэпсээтилэр.
Томпо улууһун Хаандыгатыттан кэлбит улуустааҕы дьахталлар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Оксана Назарова бу күннэргэ оройуон муниципалитетын баһылыгын солбуйааччытынан ананна. Бу дьахталлар улууска ыытар үлэлэрэ инники күөҥҥэ сылдьарын туоһута.
— Мин пленумтан бэрт үгүс үтүө холобуру ылынным. Холобура, Амма улууһун дьахталларын сэбиэтэ оройуон балыыһатын эмчиттэрэ эмиийдээх оҕолоох ийэни кытта үлэ бырайыагын аҕалан кэпсээбиттэрэ, пленум кыттыылаахтарын болҕомтобутун тарта. Эдэр ийэлэр, лиидэр кыргыттар хас да тус чаҕылхай бырайыактарын көмүскээтилэр. Мин бу бастыҥ холобурдары уопут атастаһыытын быһыытынан олоххо киллэрэргэ үлэлэһэргэ сананным, — диэн санаатын үллэһиннэ Оксана Викторовна.
Пленумҥа Чурапчы улууһун дьахталларыгар киһи барыта хараҕа хатанна диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Кинилэр суолталаах тэрээһиннэргэ кэтэр анал көстүүмнэрэ, сахалыы символикалара атыттартан олох ураты! «Ис сүрэхтэн» диэн «төгүрүк остуолга» Чурапчы дьахталларын тэрилтэлэрин салайааччыта Александра Седалищева:
-.Чурапчы дьахталлара тэрээһин аайы ыытар кучу чэйи иһии сиэрин-туомун ыытыылара туспа бренд буолла, — диэн киэн тутта этэн туран, улуус дьахталлара ыытар үлэлэрин кэпсээтэ.
Өлүөхүмэттэн Анна Сафонова уонна Эдьигээнтэн Зоя Григорьева пленумҥа кытта кэлбит эдэр көлүөнэ дьахталлар сэбиэттэрин салайааччылара уопуттаах, өр сылларга дьахтар хамсааһынын үлэтин олохтоохтук билэр Амматтан Вероника Стручковаҕа уонна Тааттаттан Марфа Аммосоваҕа барҕа махталларын тиэртилэр. Эдэр дьахталлар, бастаан утаа, үлэлэрин саҕалыылларыгар, аҕа табаарыстарыгар эрийэн сүбэ-ама ылбыттарын бэлиэтээтилэр.
Тааттаттан сылдьар дьахтар хамсааһынын бэтэрээнэ Марфа Аммосова биир бэрт бэлиэтээһини оҥорбутун, биир бэйэм олус астына иһиттим:
— Үлэбиттэн уурайан барарбар кабинеппар паапка бөҕөлөөх этим. Биирдэ туохха эрэ киирэ сылдьан, бу үлэм барыта туспа кыстана сытарын көрөн соһуйбутум. «Кэбис, бэйэм кэриэс гыныам», — дии санаан баран, билэр дьоммун көрдөһөн, биир массыынаны толору тиэйэн дьиэбэр илдьибитим. Кэлин хасыһан көрбүтүм, онтум олох бэртээхэй кинигэ матырыйаала эбит! Марфа Матвеевна бу үлэтин уопутун мунньан, бэртээхэй кинигэ бэчээттэтэн таһаарбыт.
СӨ Дьиэ кэргэн уонна ыччат министиэристибэтин эппиэттээх үлэһитэ Анна Пермякова — 20-тэн тахса сыл дьиэ кэргэн бэлиитикэтин олоххо киллэрэр бүппэт түбүктээх киһи. Кини 11 оҕолоох 97 саастаах ийэтигэр махтанан туран, Саха сирин ийэлэрин сүдү кылааттарыгар сиһилии тохтоото. 1993 сыллаахха СӨ Бэрэсидьиэнин иһинэн Дьиэ кэргэн кэмитиэтэ тэриллэн үлэлээбитин аҕынна. Онон эһиил бу тэрилтэҕэ үлэлээбит дьон үбүлүөйдэрин бэлиэтиэхтэрэ. Анна Владимировна:
— Кэлиҥҥи сылларга улууска дьахталлар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин талыы быыбар курдук тыҥааһыннанар буолла. Бу дьахтар хамсааһынын оруола үрдээбитин бэлиэтэ, — диэн бэрт сөпкө бэлиэтээтэ.
СӨ Дьахталлар тэрилтэлэрин пленумугар кэлбит өрөспүүбүлүкэ дьахталлара салайааччыларыгар Анжелика Андрееваҕа араас өрүттээх дириҥ ис хоһоонноох үлэни ыытарыгар ис сүрэхтэриттэн махтаннылар.
— Биһиги наһаа түмсүүлээхпит. Араадьыйа да истэбит, телевидение да көрөбүт, батсаабы да хасыһабыт – онон ыытыллар үлэни истэ-билэ, бэйэбит актыыбынайдык кытта олоробут. Өрүү бу курдук тэрээһиннээх, иллээх уонна түмсүүлээх буолуох! – диэн «Ис сүрэхтэн» ыытыллыбыт «төгүрүк остуолу» түмүктээтилэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» edersaas.ru