Сүүс сыллааҕыта дьахталлар биир балаҕан иһигэр хаайтаран, куоластыыр, үөрэнэр, көҥүллүк кэлэр-барар бырааптара суох олорбуттара диэтэххэ, билигин киһи итэҕэйиэ суох курдук.
Ол да иһин, 1925 сыллаахха буолбут Бүтүн Саха сиринээҕи дьахталлар бастакы сийиэстэригэр сүүстэн тахса дэлэгээт түмсэн, бастатан туран, эдэр кыргыттары олус эрдэ эргэ биэрэри, халыымы тохтотору, ийэ, оҕо доруобуйатын көрүүнү-истиини, дьахталлар үөрэхтээх, үлэлээх, тэҥ бырааптаах буолалларын туруорсубуттара. Дэлэгээттэр аҥаардарын кэриҥэ бэйэлэрэ эдэркээн, сүүрбэччэлэрин эрэ ааспыт кыргыттар этилэр.
Оттон бу 100 сыл иһигэр олохпут киһи билбэт курдук уларыйда. Кэрэ аҥаардар эр киһиттэн хаалсыбакка, талбыт идэлэригэр үөрэнэллэр, үлэлииллэр, учуонай, инженер, урбаанньыт да буолаллар. Ону тэҥэ, кэргэн тахсан, алаһа дьиэни иччилиир, сылаас иэйиилэринэн тулаларын сырдатар, ийэ буолан, удьуору тэнитэр үрдүк аналларын умнубаттар.
СӨ дьахталларын түмсүүлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева сийиэс үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээтэ.
300 дэлэгээт онлайн көрүҥүнэн кытынна
— Анжелика Егоровна, Ийэ сылын биир саамай улахан тэрээһинэ – 15-с төгүлүн ыытыллар Дьахталлар сийиэстэрэ буолар. Бэлэмнэнии үлэтэ хайдах барбытай?
— Сийиэс 5 сылга биирдэ ыытыллар. Сүрүн тэрийээччилэринэн Дьахталлар түмсүүлэрин сойууһа уонна СӨ ыччат дьыалаларыгар, социальнай коммуникацияларга министиэристибэтэ буолаллар. Тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ — вице-премьер Ольга Балабкина. Ону тэҥэ, дьахтар хамсааһынын иилээн-саҕалаан, үлэлэтэн кэлбит дьон – Анастасия Божедонова, Евгения Михайлова, Валентина Кириллина, Галина Васильева, Феодосия Габышева, Антонина Григорьева, Лилия Винокурова, Лена Иванова, Альбина Черепанова, Оксана Новгородова, уо.д.а. тэрийсэллэр.
Дьиҥэ, сийиэс былырыын буолуохтаах этэ эрээри, ыарыы элбэҕинэн, 2022 сылга көһөрүллүбүтэ. Ол онтон, төттөрүтүн, үөрэбит, өрөспүүбүлүкэ тэриллибитэ 100 сылыгар биир бэлиэ тэрээһин буоллаҕа. Өссө биир уратыта диэн, сийиэс дэлэгээттэрин сорохторо бэйэлэрэ кэлэн, сорохтор онлайн көрүҥүнэн кытталлар. 13 былаһаакканан социальнай суолталаах боппуруостарынан кэпсэтиилэр буолаллар. Уопсастыбанньыктары, учуонайдары сэргэ өрөспүүбүлүкэбит бары муннуктарыттан дьахталлар, ыал ийэлэрэ кыттыахтарын баҕарабыт. Сойууска бу туһунан элбэхтик кэпсэтэн, кэнсиэпсийэ оҥорон, кэлэр 5 сыллааҕы үлэбит хайысхатын торумнаабыппыт.
Барыта 500 дэлэгээт талыллыбытыттан, түмүктүүр пленарнай мунньахха 200-кэ эрэ киһи кэлэн кыттар кыахтаах. Дэлэгээттэр бу кэлэр 5 сыл устата олорор нэһилиэктэрин, улуустарын сайыннарар, уопсастыбаннай олоҕор хамсааһыны таһаарыахтаах дьон. Ону тэҥэ, Дьахталлар түмсүүлэрин сойууһун пленумун саҥа састааба талылынна.
Билигин көлүөнэлэр утумнарын сүтэрбэт курдук дьаһаныахтаахпыт дии саныыбыт. Үүнэр көлүөнэ кыргыттарга биһиги көрүүлэрбитин тиэрдэн, дьахтар хамсааһынын бэйэлэрин илиилэригэр ылалларын ситиһиэхтээхпит. Саҥа сүүрээннэри, сонун идиэйэлэри киллэрэллэрин биһириибит. “Уруккуну умнубакка, билиҥҥи кэми айан-тутан, инники кэм туһунан толкуйдуоҕуҥ” дин девизтээхпит.
Арассыыйатааҕы, аан дойдутааҕы таһымнаах
— Иккис төгүлүн ыытыллар Уһук Илиннээҕи дьахталлар пуорумнара сийиэһи сэргэ буолла. Туох уратылааҕый?
— Пуорумҥа Амурскай уобаластан, Хабаровскай, Приморскай кыраайдартан, Еврейскэй автономнай уокуруктан, Сахалинтан, Камчаткаттан, Магадантан дьахталлар онлайн көрүҥүнэн кытыннылар. Арассыыйаҕа саҥа саҕаламмыт “Национальная социальная инициатива” бырайыагы уонна 2018 сыллаахха буолбут бастакы пуорум резолюциятын ырытыстыбыт. Бу бырайыак социальнай эйгэҕэ өҥө, сервис хаачыстыбатын тупсарар сыаллаах. Уһук Илин эрэгийиэннэригэр туох кыһалҕалар баалларын, олоҕу тупсарарга туох ирдэнэрин, о.д.а. кэпсэтэн, түмүктүүр докумуону ылынныбыт.
Сийиэс уонна пуорум үлэлэригэр Монголияттан, Москваттан, Санкт-Петербуртан, Бурятияттан, Еврейскэй автономнай уокуруктан кытыннылар. Онлайн көрүҥүнэн Аллараа Новгородтан, Ненецкэй автономнай уокуруктан, о.д.а. эрэгийиэннэртэн, тас дойдулартан кытталлар. Онон Арассыыйа да, аан дойду да таһымнаах спикердэр бааллар.
— Сойууска төһө элбэх түмсүүлэр киирэллэрий?
— Алта сыллааҕыта буолан ааспыт сийиэс дааннайдарын кытары тэҥнээтэххэ, уопсастыбаннай түмсүү ахсаана элбээбитэ бэлиэтэнэр. “Дьүөгэлэр” аһаҕас пуорум, “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын курдук улахан уопсастыбаннай түмсүүлэр көхтөөхтүк үлэлииллэр, улуустарга үлэлэрин кэҥэтэллэр. Олоҕу кытары тэҥҥэ хардыылыыллар. Пандемия кэмигэр, икки сыл иһигэр икки граны ыллыбыт.
Холобур, “Сделано руками мамы” бырайыакпыт дьиэҕэ оҕолорун көрөн олорор ийэлэргэ көмөлөһөр сыаллаах. Оҕону иитиигэ сүбэлэр, психологияҕа, бэйэ дьыалатын арынарга үөрэтэр лиэксийэлэр, о.д.а. кэннилэриттэн, уонча эдэр ийэ дьоҕурдарын сайыннаран, бэйэ дьарыктаах буолбуттара, эбии дохуоттаммыттара биһигини үөрдэр.
Дьахталлар түмсүүлэрин сойууһугар 36 дьахтар сэбиэтэ, 36 дьахталлар уопсастыбаннай түмсүүлэрэ киирэллэр. Сойуус пленумугар 70 бэрэссэдээтэл, президиумҥа 20 киһи баар, биэс сылга биирдэ талыллаллар. Ааспыт сийиэскэ 415 дэлэгээт кыттыбыта, лиидэрдэр баазалара тэриллибитэ.
Уопсайынан, дьахталлар түмсүүлэрэ социальнай суолталаах бырайыактарынан граннары ыларга, сөпкө кыттарга үөрэннилэр. Урут туох баар тэрээһиннэргэ бэйэҥ спонсор, үп-харчы булан, туох баар күүскүн түмэн тэрийэр эбит буоллаххына, билигин өйөбүл баара олус үчүгэй. Билигин хас биирдии уопсастыбаннай түмсүү, хас биирдии актыбыыс граннарга анаан бырайыак суруйары сатыыр буолуохтаах. Онуоха “Созидание”, “Акфа” курдук ресурснай кииннэр үөрэтэллэр, көмөлөһөллөр. Граннарга кыайар уопсастыбаннай түмсүүлэр 30-50%-рын биһиги дьахталларбыт салайаллар.
Ийэлэр пуорумнара буолуоҕа
— Саха сирин дьахталлара кэнники сылларга ханнык сытыы боппуруостары туруоралларый?
— Ийэлэргэ, оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ федеральнай да, өрөспүүбүлүкэтээҕи да үп-харчы көрүллэр. Ол да үрдүнэн, ордук пандемия кэмигэр доруобуйа боппуруоһа сытыытык турар. Иккиһинэн, дьарыктаах буолуу, идэни уларытан үөрэтии үгүс дьахталлары долгутар. Манна биһиги баҕалаахтарга цифровизацияҕа босхо куурустары ыытабыт. Үсүһүнэн, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэри кытары үлэ – ийэлэр арыгы иһиилэрэ, төрөппүттэр эппиэтинэһэ суох буолуулара, оҕолор сокуону кэһэн, буруйу оҥоруулара, о.д.а. кыһалҕалар бааллар.
Дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүү үлэтэ күүскэ барыахтаах: билигин үгүс эдэр дьон саахсаламмакка эрэ, сылы-сылынан олороллор, оҕолоноллор. Дьахтар төһө да үчүгэй карьератын оҥоһуннар, элбэҕи ситистэр, кини сирдээҕи анала, олоҕун сыала-соруга: ыал буолуу, алаһа дьиэни тэринии, оҕолору үчүгэй киһи гына иитии буолар. Киһиэхэ дьиэ кэргэниттэн күндү туох да суох. Манна ийэ оруола улахан.
— Дьэ, Ийэ сылыгар туох тэрээһиннэри ыытары былаанныыгыт?
— Арассыыйа биир да эрэгийиэнэ Ийэ сылын биллэрэ илик, арай, Ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Онон Ил Дархан Айсен Николаевка олус махтанабыт. Оттон Ийэ күнүн эмиэ аан бастаан Михаил Николаев 1993 сыллаахха киллэрбитэ.
Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтин кытары кэккэ тэрээһиннэри ыытары былааннаатыбыт. Сыл бүтэһигин диэки Саха сирин ийэлэрин пуорума ыытыллыа. Ийэ сылыгар элбэх оҕолоох уонна Дьоруой ийэлэргэ ытыктабылбыт бэлиэтин биллэриэхтээхпит. Ону тэҥэ, эдэр аҕалары кытары үлэ күүһүрүөхтээх, уопсастыбаҕа аҕа оруолун үрдэтэри умнуо суохтаахпыт.
Бу сыл судаарыстыба дьиэ кэргэн экэниэмикэтигэр, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга болҕомтотун ууруохтаах дии саныыбын. Хаһаайыстыбалаах дьиэ кэргэн – дьарыктаах, бигэ туруктаах, хаһан баҕарар астаах-үөллээх. Экология өттүнэн ыраас, иҥэмтиэлээх бэйэ аһа-үөлэ үүнэр көлүөнэ доруобуйатыгар улахан оруоллааҕын эмиэ санатар тоҕоостоох. Ол иһин дьахталлар бу боппуруоһу туруорсаллар.
Сайыҥҥы баһаардарга, ыксаллаах быһыыга-майгыга дьахталлар туора туран хаалбакка, түүннэри-күнүстэри ас астаан бэлэмнээн, эр дьону кытары тэҥҥэ түбүгүрбүттэрэ, үп-харчы, бородуукта хомуйбуттара. Онон дьахтар хаһан баҕарар эр киһиэхэ, дьиэ кэргэн аҕа баһылыгар көмөлөһөр, өйүүр, ханнык да кыһалҕаттан туора турбат. Дьахтар олоҕу хамсатар күүс буолар диэтэхпитинэ, сыыспаппыт.
Уопсастыбаҕа дьиэ кэргэн сыаннастарын, дьахтар-эр киһи сыһыаннарын, оҕону иитии боппуруостарын туһунан кэпсэтии, дьон болҕомтотун тардыы элбэхтик буоларыгар баҕарабын.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: sakhagov.ru