Кулун тутар 8 күнүгэр эр дьон кэрэ аҥардарга истиҥ тылларын аныыллар
Дьахтар кэрэ сэбэрэтэ
Дьахтар кэрэ сэбэрэтэ
Дьөссө кэрэтик көстүөҕэ,
Өскө дууһатын иэйиитэ
Дьолунан куустаҕына.
Дьахтар талыы таһаата
Дьөссө ордук тупсуоҕа,
Өскө дьулуспут баҕата
Дьолуонан туоллаҕына.
Дьахтар нап-нарын илиитэ
Дьөссө сылаастык имэрийиэ,
Өскө дьоһуннаах майгыта
Дьоҥҥо билиннэҕинэ.
Дьахтар туойар тойуга
Дьөссө доллоһуйуо,
Өскө дуорайар дорҕооно
Дьиэни-уоту хоһуйдаҕына.
Дьахтар ылбаҕай ырыата
Дьөссө чуордук иһиллиэ,
Өскө чугдаар куолаһа
Дьүрүскэни буллаҕына.
Дьахтар өркөн өйө-санаата
Дьөссө дириҥээн иһиэҕэ,
Өскө тулалыыр эйгэни
Дьаныһан биллэҕинэ.
Дьахтар талба талаана
Дьөссө сайдан кэлиэҕэ,
Өскө айар айылгыта
Дьоҕурун арыйдаҕына.
Дьахтар таалар таптала
Дьөссө күүскэ күүркэйиэ,
Өскө айар айылгыта
Дьоҕурун арыйдаҕына.
Дьахтар таалар таптала
Дьөссө күүскэ күүркэйиэ,
Өскө кэргэҥҥэ сыһыана
Дьиҥнээх, дириҥ буоллаҕына.
Дьахтар кэскилэ, дьылҕата
Дьөссө туругуруо,
Өскө Орто Бар аан дойду
Дьоллоохтук олордоҕуна.
Ким Дьячковскай-Анаарар.