Кулун тутар 8 күнүн үгүс тэрилтэлэргэ, оскуолаҕа уонна кэлэктиипкэ көннөрү кэрэ аҥаардар күннэрин уонна унньуктаах уһун кыһын кэнниттэн айылҕа тоҥ хаһааттан уһуктан, күн сардаҥалара чаҕылыччы тыгар үтүө кэмин курдук бырааһынньыктыыллар. Онтон бу бэлиэ күн төрдүн-төбөтүн ситэ билбэт киһи үгүс.
1857 сыллаахха кулун тутар 8 күнүгэр Нью-Йорк куорат фабрикаларын дьахталлара демонстрацияҕа тахсыбыттара. Кинилэр эр дьону кытта тэҥ хамнаһы уонна үлэ бириэмэтин 16 чаастан – 10 чааска диэри кыччатарга туруорсубуттара. Ону таһынан, дьахтар үөрэнэригэр, быыбарга куоластыыр бырааптанарыгар, үлэтин усулуобуйатыгар уопсастыбаннас болҕомтотун тардыбыттара.
Маннык хамсааһын кэнниттэн университекка аан бастаан кыыһы үөрэххэ ылбыттара, онтон аан дойду үрдүнэн дьахтар профсойуустара тэриллибиттэрэ.
1908 сыллаахха олунньу 26 күнүгэр эмиэ Нью-Йорк куоракка үлэлиир услуобуйаларын астыммат 15000 дьахтар өрө туран, уулуссаҕа тоҕо анньан тахсыбыттара. Онон 1909 сыллаахха Эмиэрикэҕэ дьахтар күнүн олунньу бүтэһик өрөбүлүгэр бэлиэтииргэ этии киллэрбиттэрэ.
1910 сыллааха кинилэри Клара Цеткин өйөөбүтэ, аан дойду үрдүнэн дьахталлар биир күн түмсэн, социальнай кыһалҕаларын туруорсалларыгар ыҥырбыта.
Ол эрэн 1914 сылтан эрэ кулун тутар 8 күнүн бэлиэтиир буолбуттара, 1975 сыллаахха ООН дьахтар быраабын туруорсар күн быһыытынан билиммитэ.
Дьахтар күнэ хайдах үөскээбит түөрүйэтэ дьиҥэ, устуоруйаҕа элбэх. Бүгүн биирин билиһиннэрдибит.
Хаартыска интэриниэттэн
«Саха сирэ», edersaas.ru