Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ааспыт 2016 сылга дьахтар аймах 1013 буруйу оҥорбут. 2015 сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, ити көрдөрүү 11,8 %-нан аччаабыт.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Буруй көрүҥнэринэн ылан көрдөххө: киһини соруйан өлөрүү оннунан хаалбыт — 19 (2015 с. — 19 чахчы), доруобуйаҕа ыарахан эмсэҕэлээһини соруйан оҥоруу — 53 (2015 с. — 91 этэ), уоруу — 239 чахчы (2015 с. — 273 этэ), халааһын — 14 (2015 с. — 18 этэ), түөкүннээһин — 65 (2015 с. — 69 этэ).
Итиэннэ күлүгээннээһин уонна харчыны түүрэйдээн былдьааһын биирдии түбэлтэтэ бэлиэтэммит.
Ол эрээри, дьахталлар арыгы иһэн баран буруйу оҥорууларын ахсаана элбээбит — 480 чахчы (2015 с. — 467). Ити, биллэн турар, дьиэҕэ-уокка буруйу оҥоруу элбииригэр тиэрдибит — 161 чахчы (2015 с. — 142 этэ).
Ырытыы көрдөрбүтүнэн, буруйу, сүрүннээн, үлэтэ-дьарыга суох, хантан да дохуот киллэриммэт дьахталлар оҥорбуттар — 547 чахчы.
Бу туһунан биһиги хаһыаппыт (сайтпыт) ирдэбил-суругар СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата хоруйдаата.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/