«Дьахтар дьоло — бэриниилээх тапталыгар»

08.03.2022
Бөлөххө киир:

Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Галина Иванова–Айтыына — элбэх кинигэ, үгүс өрөгөй ырыа ааптара. Кини оҕолорго аналлаах хоһооннортон саҕалаан, сахалыы остуоруйаларга, кэпсээннэргэ, олоҥхоҕо тиийэ суруйда. Галина Никитична тылларыгар «Азия оҕолоро» успуорт аан дойдутааҕы оонньууларын, Мүрү нэһилиэгин, улуус култууратын Өрөгөйүн ырыалара дорҕоонноохтук ылланаллар.

edersaas.ru

СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Галина Никитична үөрэх эйгэтигэр 50-ча сыл үтүө суобастаахтык үлэлээтэ. Араас бырагыраамалар, бырайыактар ааптардара, өрөспүүбүлүкэ дьахталларын хамсааһыннарыгар 30-ча сыл көхтөөхтүк кыттан, Уус Алдан улууһун «Алаас хотун» түмсүүтүгэр, Мүрү нэһилиэгин дьахталларын сэбиэтигэр сыралаһан үлэлээтэ. Кини — Уус-Алдан улууһун, Мүрү  нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Айтыына айар үлэтигэр күндү ийэлэргэ, саха нарын кыргыттарыгар, Далбар хотуттарга, эйэҕэс эбээлэргэ, килбик кийиит кыргыттарга  уо.д.а. анаабыт истиҥ иэйиилээх хоһоонноро биир сүрүн миэстэни ылаллар.

САХАМ ДЬАХТАЛЛАРА

Сахам дьахталлара -–
Дьикти кэрэ дьүһүннээхтэр,
Нарын-намчы бэйэлээхтэр.
Сахам дьахталлара -–
Килбик кыыстыы кэрэлэр,
Кийиит кыыстыы килбиктэр.
Сахам дьахталлара -–
Үтүө-мааны майгылаахтар,
Сырдык ыра санаалаахтар.
Сахам дьахталлара -–
Өтө көрөр өйдөөхтөр,
Киэҥ-холку көҕүстээхтэр.
Сахам дьахталлара -–
Уран тарбахтаахтар,
Ураты дьоҕурдаахтар.
Сахам дьахталлара -–
Хоһуун үлэһиттэр,
Далбар хотуттар.
Сахам дьахталлара -–
Үс саханы үөскэтэллэр,
Түөрт саханы төрөтөллөр.
Сахам дьахталлара -–
Сарсыҥҥыны салайаллар,
Дьолбут суолун солууллар.
Сахам дьахталлара -–
Күн сирин ымыылара,
Күн күбэй ийэлэрбит.

ҮЧҮГЭЙИЭН БУ СИРГЭ

Үчүгэйиэн бу сиргэ
Дьахтар буолан төрөөбүт
Сир симэҕин симээбит
Олох түһүн түстээбит.
Үчүгэйиэн бу сиргэ
Дьахтар буолан төрөөбүт
Оҕо-уруу төрөтөн
Дьахтар дьолун билэрбит.
Үчүгэйиэн бу сиргэ
Дьахтар буолан төрөөбүт
Кэрэ олох олорон
Олох дьолун билэрбит.
Үчүгэйиэн бу сиргэ
Дьахтар буолан төрөөбүт
Дьахтар аатын ыларбыт
Далбар Хотун дэтэрбит!

ДЬАХТАР БУОЛАММЫН

Кыыс оҕо буоламмын,
Хотой уоттаах хараҕын
Тойон мөҕөр сүрэҕин
Дьүһүммүнэн ымсыырдан
Абылыаҕым буолуо дуо?

Дьахтар буолан төрөөммүн
Айаас аты сыһытан
Көлүүр оҕуһу булгуйан
Санаа хоту дьаһайан
Көҥүл босхо тыыныам дуо?

Киһи эрэ буолларбын,
Айаас аты буоһулаан
Айан суолун тутуһан
Олох үрдүк аартыгыр
Дабайыаҕым хайаан да!

КИЙИИТ КЫЫС

Киирэн кэллэ эн дьиэҕэр
Кэтэһиилээх күндү киһи
Ылыҥ, көрсүҥ кийиити
Ытыс үөһэ түһэрэн.
Айыылартан ыйааҕын
Кийиит буолар аналын
Ытык иэһин толорон
Кийиит буолан киирдэҕэ.
Киирбит күндү кийиити
Кыыһа суохтар кыыс гыныҥ
Оттон кыыстаах дьиэ кэргэн
Өрө тутан дьиэтитиҥ.
Дьоллоох эрэ аймахха
Сүктэн киирэр кийиит кыыс
Оҕо-уруу төрөтө
Удьуор ууһун тэнитэ.
Дьылҕа хааҥҥыт бэлэҕин
Кырдьар сааскыт тирэҕин
Кийиит кыыһы маанылааҥ,
Кийиит кыыһы ытыктааҥ!

ДЬАХТАР ДЬОЛО

Дьахтар баайа майгыта
Кини үтүө сигилитэ,
Кини сылаас мичээрэ,
Бар дьонугар бэлэҕэ.
Дьахтар дьоло дьоҕура,
Тарбахтарын талаана,
Сатабыллаах санаата,
Сайдыы суолун туоһута.
Дьахтар дьоло таптала,
Кини истиҥ иэйиитэ,
Дьиэ кэргэн үөрүүтэ,
Дьиҥнээх олох соргута.
Дьахтар дьоло илиитигэр,
Кини күүстээх санаатыгар,
Кини бигэ туругар,
Бэриниилээх тапталыгар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0