Дьахтар анала

Ааптар: 
08.03.2023
Бөлөххө киир:

– Бачча абыратан, үс кыһыны быһа иһэр мууспун киллэттэрэн баран бэйэм бэйэбинэн хаарыан доруобуйаны алдьатар аат аһын биэрбэппин. Хата, ол оннугар сылаас, дьиэ аһына киирэн аһас, – диэн ыҥырбыта.

Өтөрүнэн атын дьонтон киһилии кэпсэтиини, тэҥ курдук сананар сылаас сыһыаны билбэтэҕим ыраап­пыт киһи — мин соһуйан хаалбытым. Сөбүлэһэрбин биллэрэн, саҥата суох өрө кэҕиҥнээн ылбытым быһыылааҕа. Куба курдук маҥан, ып-ыраас кэрэ сэбэрэлээх дьахтар аттыгар бэйэм дьүһүммүттэн-бодобуттан, сыппыттан-сымарбыттан төһө да кыбыһыннарбын, дьиэ­ҕэ киирсибитим. Туох эрэ абылыыр күүс миигин маҕаньыыт кэриэтэ тардар, угуйар курдуга. Кини атыттар курдук сэниирдии-сиргэнэрдии, абааһы көрөрдүү туттубатыттан, эбэтэр аҕа саастаах эмээхситтэр курдук аһына, сэмэлии, үөрэтэ-такайа, сүбэлии сатаабатыттан, таҥнарытын, хаһааҥҥы эрэ доҕорун көрсүбүт киһилии үөрэ-көтө кэпсэтэриттэн, истиҥник сыһыаннаһарыттан эр санаабын киллэрбитим. Мыыла диэни билбэтэҕэ ­ырааппыт илиилэрбин күүгэн буолуор диэри дэлби мускуйан, ыбылы суунан баран аһыыр остуолга кэлбитим. Дьэ, уонна өтөрүнэн аһаабатах дьиэтээҕи минньигэс аһы тото-хана аһаабытым. Ол аһыы олорон күнү-дьылы, күннээҕини, улахан суолтата суоҕу кэпсэттибит быһыылааҕа. Ол эрэн, саамай күндү истиҥ кэпсэтии онно буолбута диэн күн бүгүнүгэр диэри астына саныыбын. Арчы барахсан биир тылынан арыгыһытым туһунан таайтаран да ахтан аһарбатаҕа. Мин да арыгы көрдүүр туһунан төбөбөр да оҕустарбатаҕым. Аһаан бүтэн тахсаары турдахпына миэхэ харчы ууммута. Онуоха мин баспын быһа илгистэн баран, кимтэн эрэ куотан эрэрдии сүр тиэтэлинэн тахсан барбытым.

Ити күнтэн ыла өйүм-санаам барыта кини эрэ буолан хаалбыта. Арчы миигин абылаабыта… Түөрт уон алта сааспар, кырдьан баран кылыыһыт буолбут дииллэринии, эдэр дьахтары таптаабытым. Кинилиин көрсүөхпүн, кэпсэтиэхпин, кини сымнаҕас харахтарын одуулуохпун олус баҕарар буолбутум. Кэрэ кыыһы таптаабыт, өйүн-санаатын бүтүннүү сүүйтэрбит уол оҕо курдук быһыыланарбыттан бэйэм бэйэбиттэн салларым, сөҕөрүм, атыҥырыырым. Ол эрэн, сүрэҕим хабайар хаба ортотунан тоҕу солоон киирбит дьикти иэйииттэн ханна да саһар, куотар, күрэнэр кыаҕым суоҕа.

Дьөгүөр дууһатын түгэҕэр, сүрэҕин анныгар кистии сылдьыбыт сүрдээх кистэлэ, олус иһирэх бүччүм санаатын арыйан кыыһыгар сибигинэйэ былаастаан салгыы сэһэргии олордо. — Араас сылтах, төрүөт көрдүү сатыырым: «Мас мастаан биэриэхпин аны оһох диэн суох. Арай, били, киллэрбит муус­пун сааһылаан биэрдэхпинэ? Кэбис, аны дьон көрдөхтөрүнэ туох эрэ диэхтэрэ. Чэ, ол эрэн начаас…» Итигирдик саныы-саныыбын уолунуун иккиэн оскуолаҕа сылдьаллара буолуо диэн эбиэт быдан иннинэ күрүөнү нөнүөлээн ыалым тиэргэнигэр киирбитим. Көрбүтүм, олус кичэллээхтик сааһыланан, дьаһаллан аҕай сытара. Дьэ, саат диэтэҕиҥ. Хайыамый, төттөрү төннүбүтүм. Ол киэһэ арыгыһыт атастарым күннэтэ сылдьар үгэстэринэн «чэйдии» кэлбиттэрэ. Идэбитинэн аймалаһан ос­­туол тула олорон эрдэхпитинэ, аргыый аҕай дьиэ аана аһылла биэрбитэ. Көрбүтүм — Арчы киирэн турара. Оо, онно кыбыһыннахпыан! Хара лаҕыыр буолбут, арыгы ыар сытынан аҥылыйбыт, ыһыллыбыт-тоҕуллубут кибис-кирдээх дьиэбэр ып-­ыраас, сып-сырдык, сиртэн-буортан тэйбит кэрэ бэйэлээх Арчы чахчы аанньал буолан көстүбүтэ. Тулатын эмиэ да соһуйбуттуу, эмиэ да куттаммыттыы, эбэтэр кэлэйбиттии эргиччи көрөн ылаат тахсан бараары аан тутааҕын харбаабыта. Онтон саа­­раан тура түһэн баран: «Мэ, сы­­лаастыы бу бэрэски амсайаарай диэн киллэрбитим», — диэт сала­пааҥҥа сууламмыт сып-сылаас бэ­­рэскилэри күүһүнэн кэриэтэ илии­бэр куду анньыбыта. Кыл түгэнэ тугу эрэ эбии этиэхтии миигин тобулу көрөн ылбыта. Биир тылы ыһыктыбакка, киэр хайыһаат тахсан барбыта. Ол түгэҥҥэ мин күндүргэтэ саныыр, көмүскэ тэҥниир арыгыбын иһэр баҕам сарсыардааҥҥы туман курдук ханна эрэ симэлийэн, уостан хаалбыта. Тоҕо эрэ, туохтан эрэ аҕынньым холлорго дылы гыммыта. Кини тахсан бараатын кытары атастарым, миигин талбыттарынан күлүү-элэк оҥосто-оҥостолор, тутан турар бэ­­рэскилээх салапааммын сулбу тардан ылаат сиэн кимиритэн кэбиспиттэрэ. Ол түүн аат эрэ харата остуолга олорсо са­­таан бараммын сылайдым, ыарыйдым диэн сылтаҕыран дьоммун үүртэлээбитим. Ороммор тиэрэ түһэ сытан утуйа сатаабытым да, уум олох кэлэн быстыбатаҕа. Арчы аны миигин киһи сылдьар диэн ха­­йыһан да көрбөт гына кэлэйдэҕэ, сиргэннэҕэ буолуо диэн бэйэм бэйэбин мөҕүттэммин, ол онтон санааҕа ыллараммын сарсыарданан биирдэ нуктаан ылбытым.

(Салгыыта бэчээттэниэ).

Татьяна Поскачина-Татыйык,

«Табыллыбат/табыллыбыт таптал 2» (Айар, 2022) кинигэтиттэн быһа тардан.

 

Кинигэ «Айар» маҕаһыыннарыгар атыыланар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0