Маҕаһыыннарга, оптуобуска, ол-бу уочаракка туран, уопсайынан, уопсастыбаннай сиргэ үөхсэр, айдаарсар дьон баар буолааччы. Сол курдук тыыннарын таһааран баран, үрүө-тараа тарҕаһаллар.
Оттон киһини сирэй ааттаан, личность быһыытынан түһэрэн саҥарыы, буолаары буолан, ыыс-бурут тылларынан үөҕүү иһин административнай эппиэтинэс көрүллэр. Анаабыр улууһугар биир оннук дьыалаҕа мировой суут уурааҕа таҕыста.
Бэрэбиэркэни улуус борокуратуурата ыыппыт. Борокуратуураҕа үҥсүүнү дьахталлар иккиэн киллэрбиттэр.
Ол бэрэбиэркэ быһаарбытынан уонна судебнай-лингвистическай чинчийии түмүгүнэн, дьахталлар иккиэннэрин тылларыгар-өстөрүгэр киһи чиэһин уонна дьоһунун түһэрэр, үөҕэр, ыыс-бурут, маатыра тыллара бааллар эбит.
Итинэн сибээстээн, борокуратуура иккиэннэригэр РФ Административнай кодексатын 5.61-с ыст. 1 чааһынан дьыала тэрийбит. Дьыаланы мировой суут көрбүт.
Суут быһаарбытынан, Сааскылаах сэлиэнньэтин Култуураҕа уонна норуот айымньытыгар киинин дьиэтин таһыгар бу дьахталлар улаханнык этиспиттэр. Хайалара да туттумматах — айахтара кытаран олорбут.
Түмүгэр, суут кинилэри ити ыстатыйанан буруйдааҕынан билинэн, биирдии бэйэлэрин 2 тыһ. солк. суумалаах ыстараап төлүүргэ уурбут.
Онон, кими эмит үөҕүөҥ-саҥарыаҥ иннинэ, сүүс төгүл толкуйдаа.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.