Дьадайыы таһымын хайдах намтатабыт?

06.06.2020
Бөлөххө киир:

2024 сылга диэри нэһилиэнньэ дохуотун үрдэтэргэ уонна дьадайыы таһымын намтатарга туһуламмыт миэрэлэр, тэрээһиннэр былааннарын чэрчитинэн, дойдуга олохтоммут дьадайыы таһыма икки төгүл намтыыра ситиһиллиэхтээх. Ол туһунан Владимир Путин этэн турар. Онон нэһилиэнньэ дохуотун үрдэтии, кыаммат дьону өйөөһүн, дьадайыыны утары охсуһуу дойду сайдыытын биир сүрүн хайысхатынан буолар.

Икки сыл ааста, ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ дьадайыы туруга хайдаҕый? Туох миэрэлэр ылыллалларый? Атын эрэгийиэннэргэ балаһыанньа хайдаҕый?

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2018 сыл кулун тутар 1 күнүнээҕи Анал этиитигэр дойду үрдүнэн дьадайыы таһымын намтатар туһунан соруктары туруорбута.

2018 сыл ахсынньытыттан 9 эрэгийиэҥҥэ дьадайыыны аҕыйатар пилотнай бырайыак үлэлиир. Холобур, Приморскай кыраайга бастакы уонна үһүс оҕоҕо биирдэ бэриллэр төлөбүр, хомунаалынай өҥөҕө субсидиялар, социальнай хантараак, элбэх оҕолоох ыалларга хомунаалынай өҥөлөрүн толуйуу, оҕо босуобуйалара дьадайыыны утары көдьүүстээхтэрин бэлиэтээбиттэрэ. Татарстаҥҥа эмиэ социальнай хантараак дьарыктаах буолууга, хос үөрэниигэ, идэни уларытыыга көдьүүстээх буолара биллибитэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2018 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьон ахсаана 19%-ҥа тэҥнэһэр этэ. 2024 сылга ити көрдөрүү 9,5%-ҥа тиийиэхтээх диэн сорук турар.

Элбэх оҕолоох ыаллар кыра дохуоттаахтар

Соторутааҕыта Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ, дьарыктаах буолууга кэмитиэтигэр бу боппуруоһу быһаарыстылар. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Чичигинаров этэринэн, дьадайыы төрүөттэринэн үп-харчы дохуота бытааннык үрдүүрэ, олох таһыма ыарахана, пандемия кэмигэр үлэтэ суох буолуу элбээһинэ уонна элбэх оҕолонуу буолаллар.

— Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах, ол эбэтэр “дьадаҥы” дьон 86,7%-ра – оҕолоох дьиэ кэргэттэр, олортон 42%-ра – элбэх оҕолоох ыаллар. Кыаммат араҥа 61,3%-на тыа сиригэр олорор, — диэн бэрэссэдээтэл бэлиэтиир.

Онон оҕолоох ыалларга көмө быһаччы дьадайыыны суох гынарга көдьүүстээх диэн этиэххэ сөп. Пандемия кэмигэр маннык миэрэлэри элбэтиэххэ, олоххо киирэллэрин түргэтэтиэххэ наада диэн мунньахха этилиннэ.

2019 сылга дьадайыы таһыма 0,7% намтаабыта, Арассыыйаҕа – 0,3%. Бу сыл бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһа, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ үрдээбитэ, оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ эбии төлөбүрдэр бэриллибиттэрэ итиннэ дьайбыт буолуохтаах.

— Үп-харчы дохуота 2,4% үрдээбитэ. Кыаммат нэһилиэнньэ ахсаана аҕыйаабыта. 2020 сылга дьадайыы көрдөрүүтэ 16,1%-ҥа тиийэ кыччыахтаах, ол аата 16 тыһыынча киһини “дьадайыы” дьааматыттан таһаарыах тустаахпыт. Бу уустук сорук, коронавирус эпидемията экэниэмикэ бары салааларыгар – сүрүн нолуогу төлөөччүлэргэ, улахан хампаанньаларга барыларыгар дьайар кэмигэр, ити нэһилиэнньэ уопсай дохуотугар дьайара эмиэ өйдөнөр, — диэн экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова этэр.

20 тыһыынчаттан тахса киһи үлэтэ суох

Үлэтэ суох хаалбыт дьон ахсаана элбиирэ күүтүллэр. Кэмитиэт чилиэннэрэ уустук балаһыанньа үөскээбитинэн, 2032 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын стратегиятыгар нэһилиэнньэ дохуотун үрдэтиини, дьадайыы таһымын намтатыыны инники күөҥҥэ тутуллар хайысха быһыытынан туспа пуунунан киллэрэргэ эттилэр.

2020 сылга Арассыыйаҕа экэниэмикэ сайдыытын, дьарыктаах буолуу, нэһилиэнньэ дохуотун чөлүгэр түһэрэргэ национальнай былаан оҥоһулла сылдьар. Кириисиһи утары миэрэлэр сүрүннээн үлэтэ суох буолууну элбэппэт туһугар ылыллаллар. Бүддьүөт эйгэтигэр үлэһит 40%-нын кэриҥэ үлэлиир, кинилэр хамнастара намтыа суохтаах.

Алтынньы 1 күнүттэн сорох бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдүөхтээх. Бу “прочие” диэн категорияҕа хапсар, кыра хамнастаах үлэһиттэргэ сыһыаннаах. Аччыгый, орто биисинэскэ үлэһит ахсаанын 19%-на (87 тыһыынча киһи) үлэлиир. Кинилэри өйүүргэ нолуогу, кирэдьиити, куортам төлөбүрүн быстах кэмҥэ тохтотуу, страховой усунуостары намтатыы, о.д.а. миэрэлэр ылыллыбыттара.

Дьарыктаах буолуу кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Степан Москвитин:

— Инбэлииттэри быстах үлэҕэ киллэрии, атын идэҕэ үөрэтии, үлэ булан биэрии миэрэлэрэ үлэлииллэр. Дьарыктарын үлэ оҥостор дьону өйөөн, биирдэ бэриллэр төлөбүр бэриллибитэ. Бүгүҥҥү туругунан, 23 085 киһи дьарыктаах буолуу сулууспатыгар кэлбиттэриттэн, 19 869 киһи учуокка турбут. Үлэтэ суох буолуу босуобуйатын суумата билигин 16-24 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.

Тыа сирин олохтоохторун өйүөхпүтүн наада”

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев тыа сирин нэһилиэнньэтин дохуота намтыыра сабаҕаланар диэн этэр:

— Пандемиянан сибээстээн, дохуот 2,2% намтыыра күүтүллэр. Тыа сиригэр олорор, кыра дохуоттаах дьоммутун өйүөхпүтүн наада. Социальнай хантараак ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо дьиҥ көмө буоларын өйдөөн, 2020 сылга 330 мөлүйүөн солкуобайы көрбүппүт. 2021 сылга үбүлээһинин хат көрөн, хайысхатын кэҥэтэн биэриэхтээхпит.

Урбаанньыттары өйүүргэ көрүллүбүт 22 мөлүйүөн 450 тыһыынча солкуобай суумалаах субсидия ситэтэ суох. 2020-2024 сс. Предпринимательствоны, туризмы сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн, өйөбүл хайысхаларын өссө төгүл хат көрүөххэ диэн этиилээхпин.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: iltymen.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0