Муус устар 14 күнүгэр кыраайы үөрэтээччи Прокопий Бубякин дьабарааскылар кыһыҥҥы уһун ууларыттан уһуктан, күҥҥэ сыламныы олороллорун хаартыскаҕа түһэрдэ.
Кини этэринэн, дьабарааскылары Хаҥалас улууһугар, Нөмүгү сэлиэнньэтиттэн чугас соҕус сиргэ түһэрбит. Уйаларыттан ырааппаттар эбит, төһө да 6-7 ыйы быһа хороонноругар сытталлар, түүлэрэ-өҥнөрө үчүгэй, уойбут-топпут көрүҥнээхтэр. Бадаҕа, уйаларыгар хаһаастаах буолан, аһыы сыттахтара. Эркээни, Туймаада хочолоругар дьабарааскы “длиннохвостый суслик” диэн көрүҥэ олохсуйбут.
Дьиҥэ, бу кыыллар сэлии саҕанааҕы түҥ былыргы кэмтэн бааллар. Тымныы кыһыннаах тыйыс дойду усулуобуйатыгар үөрэнэн, бэркэ олохсуйбуттара көстөр.
Америкаҕа олунньу саҥатыгар таарбаҕан (сурок) уһугуннаҕына, саас кэлбитин бэлиэтээн, бырааһынньыктыыллар. Камчаткаҕа дьабарааскыга оннооҕор пааматынньык туппуттар.
Оттон биһиэхэ, муус устарга тураахтар, хотойдор, мохсоҕоллор, элиэлэр, туллуктар, чооруостар, чиибистэр, ырыаһыт кыра чыычаахтар (скворец чыычаахтар) номнуо кэлбиттэр. Чооруостар хаардаах эрдэҕинэ, сымыыттарын баттыыллар. Оттон свиристель диэн көтөрдөр аан бастаан Саха сиригэр кыстаабыттар.
Сотору кэминэн, көтөр-сүүрэр араас көрүҥэ Саха сиригэр төрүү-ууһуу кэлиэхтэрэ, күөллэр, хонуулар, ойуурдар кинилэр саҥаларынан туолуохтара. Бэрт кыра кэм хаалла.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru