Дьааҥы Баатаҕайыгар ойуур баһаара бигэтийдэ

Бөлөххө киир:

Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, Дьааҥы улууһун Баатаҕай бөһүөлэгиттэн хоту сиргэ турбут ойуур баһаарын балаһыанньата бигэтийбит.

«От ыйын 5 күнүнээҕи туругунан аһаҕас уот суох, кэтээн көрөбүт», — диэн иһитиннэриигэ суруйбуттар. Билигин онно баһаары умулларыыга 57 киһи үлэлиир.

От ыйын 3 күнүттэн Дьааҥы оройуонугар СӨ бырабыыталыстабытан суһал бөлөҕө үлэлиир. Сарсын, от ыйын 6 күнүгэр, суһал мунньах ыытыллыаҕа, сири-уоту үөһэттэн көрүөхтэрэ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0