Бу күннэргэ СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Табаһыттар национальнай сойуустарын бэрэсидьиэнэ, “Күн судаар дьаамсыктарын удьуордара” СӨ уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, экономическай наука хандьыдаата А.А.Добрянцев бу күннэргэ 60 сааһын бэлиэтээтэ. Түгэнинэн туһанан, кинилиин кылгастык кэпсэттибит.
— Анатолий Анатольевич, эйиэхэ оҕо сааһыҥ идэҕин таларгар олук уурбута чахчы.
— Тыаҕа үөскээбит оҕо буоллаҕым. Онон хара үлэни кыра эрдэхпиттэн билэн улааппытым. Ийэм 30 тахса сыл ыанньыксыт, остуорас этэ, аҕам холкуос-сопхуос араас үлэтигэр үлэлээбитэ. Ийэбэр көмөлөһөн, 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан, биэс ынаҕы холкутук ыыр этим. Сылгыга олох кырабыттан сыстаҕаспын. Оскуола кэнниттэн бостууктаан, 180-ча ынаҕы ыамҥа хойутаппакка аҕаларга кыһалларым. Ийэбин кытта моой оттоһооччубун. Эһээм кадровай булчут этэ, ол да иһин буолуо, оҕо сылдьан бултаан-балыктаан бөҕөтө. Сүөһүнү көрүүгэ көмөлөһөн улааппыт буолан, зоотехник идэтин талбытым чахчы. Оччолорго ити идэ куонкурустаах буолара, биир миэстэҕэ —
8 тыы киһи.
— Бу көрдөххө, Муома оройуона эйигин тойон буоларга анаан иитэн таһаардаҕа?
— Тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар үөрэнэ сылдьан, диплом иннинээҕи быраактыкабын доҕорбунуун ыстаадаҕа барбытым. Үөрэхпин бүтэрэн баран, Муомаҕа үлэлии барарга быһаарыммытым. Төрөөбүт дойдубуттан “Орджоникидзевскай” сопхуос дириэктэрэ кэлэн дойдугар таҕыс диэн ыҥыра сатаабытын, сөбүлэспэтэҕим. Ити курдук, үлэбин зоотехнигынан, управляющайынан саҕалаабытым. Олохтоох ыччаттар көхтөөх уол диэн ЫБСЛКС Муоматааҕы райкомолугар бастакы сэкирэтээринэн талбыттара. Онтон төттөрү производствоҕа — “Муома” сопхуоска дириэктэринэн төннүбүтүм. Бу сылларга олус тахсыылаахтык үлэлээбиппит. Паантаны соҕотуопкалаан, кэнсиэрбэлээн батарыыга хамсааһыны таһаарбыппыт. Ону тэҥэ, сопхуос ити үлэтин түмүгэр валютаны аахсар кыахтаммыта. Сонун хайысханы — булт туризмын күүскэ сайыннарбыппыт. Ол курдук, сезон устата уончалыы биригээдэ кэлэн барар буолбута. Халбаһыы оҥорор итальянскай оборудование эҥин ылбыппыт, хааччыллыы тупсубута. Муомаҕа 11 сыл үлэлээбитим кэннэ, М.Е.Николаев ыҥыран ылан, Аллараа Халымаҕа баһылыгы бастакы солбуйааччынан ыыппыта.
Иркутскайтан Дьокуускайга диэри
— Уопутуран баран, аны төрөөбүт дойдугар эргиллибиккин…
— Төрөөбүт Хаҥаласпар быыбар хампаанньата саҕаламмыта. Балтараа ый устата фермаларынан, хочуолунайдарынан, дьон мустар сирдэринэн кэрийэн, дьону кытта көрсүбүтүм, кинилэри кытта боростуойдук кэпсэтэн, бэйэм диэки хайыһыннарбытым. Хаҥаласка баһылыгынан үлэлээбит сэттэ сылбар 8 таас оскуола, доруобуйа харыстабылын 5 эбийиэгэ, аркалыы быһыылаах 3 спортивнай саала, сапыраапка, үүт тутар пууннар үлэҕэ киирбиттэрэ. Булгунньахтаахха диэри аспаал тэлгэммитэ, гаастааһын ыытыллыбыта…
— Анатолий Анатольевич, бу сайын бэрт интэриэһинэй эспэдииссийэҕэ сылдьан кэлбиккин истибиппит.
— Иркутскайга салайааччылары кытта эрдэттэн 2-3 сылы быһа кэпсэтэн, бу “Күн судаар дьаамсыктарын суолунан” диэн Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 385 сылыгар, Иркутскай-Дьокуускай почта трага атаҕар туруутун 275 сылыгар, Сибиир апостола Святитель Иннокентий Вениаминов төрөөбүтэ 220 сылыгар анаммыт эспэдииссийэни ыыппыппыт. Научнай-чинчийэр эспэдииссийэбитигэр 2 учуонай, фольклорнай бөлөхтөн 6 киһи кыттыбыта. Иркутскайга хас да көрсүһүүнү тэрийбиппит. Иркутскайтан Дьокуускайга диэри 126 дьаам баарыттан үс нэдиэлэ устата 80 ыстаансыйатыгар сырыттыбыт. Дьон олорор сиригэр көрсүһэн, кэнсиэртээн, сүрдээх истиҥ көрсүһүүлэр буолан аастылар. Киһи соһуйара диэн, дьаамсыктарга сыһыаннаах үлэни Россияҕа биһиги эрэ ыытар эбиппит.
“Бэрэсидьиэнинэн талан соһуттулар”
— Ол да буоллар, таба иитиитигэр син биир төннөн кэлэ тураҕын.
— Миигин былырыын Табаһыттар национальнай сойуустарын бэрэсидьиэнинэн талан кэбиспиттэрэ. Бэйэм да соһуйбутум. Табаһыттар олохторун чэпчэтэргэ сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээх. Туундараҕа дьахтар көһүөн наада диибин. Ямало-Ненецкэй уокурукка дьахталлар табаһыт кэргэннэрин кытта көһө сылдьар буоллахтарына, биһиэхэ уонча эрэ дьахтар ыстаадаҕа олорор. Ыстаадаҕа үлэлиир уолаттар кэргэнэ суох хааллылар.
“Сахалыы кэпсээтэхпинэ сатанар”
— Бырабыыталыстыба отчуоттарыгар сахалыы тыл этэргин дьон астынар, сороҕор мунньахсыттарга ыллаан доллоһутар дииллэр.
— Саха дьонун кытта сахалыы кэпсэтэбин. Үрдүкү салайааччы уолаттарбыт нууччалыы иитиилээх буолан, үгэс буолбут бырабыыталыстыба отчуотугар бардахтарына, кырдьык, ыарырҕатааччылар. Нэһилиэнньэ кыһалҕатын, санаатын-оноотун сахалыы этиэн баҕарар. Мин тыл этэр тиэкиспин нууччалыы кылгастык бэлиэтэнэр идэлээхпин уонна ону көрөн туран сахалыы кэпсиибин. Дьиҥэ, саха тылын оскуолаҕа үөрэппэтэҕим. Нууччалыы тыллаах Черскэйгэ улааппыт буолан, оҕолорум сахалыы саҥарбаттар.
Сэмсэ тыл
Юрий Васильев, Муома оройуонунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин салайааччыта, СӨ айылҕа харыстабылын бэтэрээнэ, айылҕа харыстабылын туйгуна:
— Анатолий Добрянцев хоту дойду олоҕун үчүгэйдик билэр салайааччы. Кини “Муома” сопхуоска дириэктэрдиирин саҕана мин ыстаарсай охотовед этим. Ол саҕана тас дойдулартан кэлэн бултууллара. Биһиэхэ Австрияттан, Германияттан, Бразилияттан кэлэн барбыттара. Американецтар эмиэ. Онон новаторскай сүүрээни киллэрбит салайааччы буолар. “Хаһаайыстыбаны ыспакка, олох чөл тутан олоруохха наада”, — диэн куруук этэрин, кэлин сөпкө да эппит дии санаабытым.
Олоҕун олуктара
Добрянцев Анатолий Анатольевич
1958 с. Орджоникидзевскай оройуоҥҥа Кытыл Дьурааҕа төрөөбүтэ.
1975 с. Сиинэ оскуолатын бүтэрбитэ.
1983 с. СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетын бүтэрбитэ.
17 сыл Арктикаҕа үлэлээбитэ.
2000 с. “Хаҥалас улууһун (оройуонун) баһылыга.
2007 с. ыла Бэһис ыҥырыылаах СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата, Бэрэссэдээтэли бастакы солбуйааччы.
2012-2017 сс. СӨ Норуоттарын Ассамблеятын Сэбиэтин хос бэрэссэдээтэлэ.
Кэргэннээх, оҕолордоох.
Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru