Биир сайын, атырдьах ыйын ортотугар, таайым Сиэдэрэй Сэмэн кылбаа маҥан, түргэн сырыылаах «Заря» тырамбаайынан Маалыкайга тиийэн кэллэ. Туох эрэ кыра наадаҕа уот ылар кэриэтэ кэлбит, бөһүөлэккэ икки чаас буолаат, кэлбит тырамбаайынан төннүөхтээх эбит. Ол эрэн, икки чааска өрүскэ киирбитэ, «Заря» биэрэктэн тэйэн, устан эрэр эбит. Оннук, теплоходун куоттаран кэбиһэн баран, биһиэхэ хоно кэллэ.
Киэһэ күөх лууктаах, лапсалаах, сибиэһэй хортуоппуйдаах кус миинин сыпсырыйа олорон дьиэ эргиннээҕини, кус-куобах булдун сэһэргэстибит.
Мин былырыын Эҥээрдэк Күндэйэтигэр күһүн бара сылдьан мэччикээти (бүүчээни) көрбүппүн кэпсээтим.
Сэмэн бэркэ сэҥээрдэ.
Онтон аҕата Хабаанньа Баһылай биирдэ, эдэригэр, мэччикээти бултаабытын кэпсээтэ:
«…Оччолорго кырабын. Сэттэ-аҕыс саастаах эбитим буолуо. Ол саҕана биһиги олорор сирбит — Нөөлбүктэ — холкуос дэриэбинэтэ этэ. Билигин ол дэриэбинэбит уулуссата оттонор ходуһа буолан турар.
Аҕам, эһиги эһэҕит, оччолорго кыанар-хотунар, Тайҕанан, Аанньааҕынан сылдьан кэлэр киһи ньургуна, сытыыта этэ.
Кыһын чугас эргин тыаҕа куобахха сохсолуура, саһылга, бэдэргэ айа тардара. Айатын маһын уончалаах оҕо бэгэччэгин саҕа суоннаах титириктэн оҥороро. Онто кииллийэн, туох да аһара кытаатара. Ампаарга турар айа чаачарын убайбынаан ох саа курдук тардан, кыайан ууннарбат этибит.
Дьэ, биирдэ, сэтинньигэ, аҕам бэдэргэ ииппит айатыгар мэччикээт табыллыбыт. Тоҥон хаалбыт кыра, ыт саҕа кыылы сүгэн адаарытан аҕалла, арай.
Мин убайым Ньукулай кулун тириитэ сонун бүрүнэн, ийэм сорудаҕынан, ампаартан кытыйаҕа отон киллэрэн иһэн, аҕабын таһырдьа көрүстүм.
Аҕам сүрдээҕин үөрбүт көрүҥнээх.
— Тоойуом, Сэмэнчик, убайгар Ньууккаҕа киирэн эт, уһанар кыра сүгэбин таһаара охсон куллун, — диэтэ, миигин көрөн, манаагытын уста туран.
Дьиэбит халыҥ халҕанын тирэнэн туран тардан арыйаат, аан туманы кытта дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстүм, отонноох кытыйабын остуолга уура оҕустум уонна сүр улаханнык:
— Убаай, аҕабытыгар чокороонун таһааран биэрэр үһүгүн. Уһун баҕайы тиистээх, Ураанньыкпыт саҕа, куобах курдук кулгаахтаах туоҕу эрэ аҕалбыт! — диэн чаҕаарыйа түстүм.
Ийэм кэлиигэ бурдук сынньа туран, ону истэн: «Даадахаан түбэспит!» — диэн күлүм аллайда, сонун кэтэн, былаатын төбөтүгэр бүрүнэн, таһырдьа таҕыста.
Убайым Ньукулай оһох иннигэр талах ат кыччана олорбута. Быһаҕын, хататын, талаҕын сиргэ уура оҕуста. Хаҥас, суоруна турар сирин диэки баран, сытыы чохороону сулбу ойутан ылаат, ааҥҥа тиийэн, өҥөс гынан, аҕатыгар уунна.
Мин төттөрү, таһырдьа ойдум.
— Бу, кыыл обургу кылыыбын таарыйбыт, дьэ. Бачча баараҕай булду хайдах сатаан иһирдьэ киллэрэбит? — диэтэ, арай, аҕам.
— Дьэ, этимэ, оттон, арай, холуоданы суоран ааны кэҥэттэххэ батан киириэ эбитэ дуу? — ийэм мунаарар.
— Пыа, бу бээлээҕи дуо? Батан буоллаҕа дии Быычыкаан дии, — дьонум туохтан саарбахтыылларын өйдөөбөккө, «чап» гыннардым.
— Кэбис, тоом, инньэ диэмэ, бу үтүөкэннээх булду көрөн туран, — ийэм буойардыы саҥарда.
Аҕам хантан эрэ сип-синньигэс, саа чуумпуурун курдук титириги аҕалла уонна:
— Дьэ, Баай Барылаахпыт бэрсибит аарыма кыылын төһүүлээн көтөҕүөххэ, — диэтэ. Манаагытыттан сүөрэн хаарга уурбут мэччикээтин анныгар титиригин уган олуйда. Маһа «тас!» гына тосту ыстанан хаалла.
— Һоок! Бу, сиэрдийэ саҕа төһүү тулуйбата дии! — ийэм кырдьык-хордьук сөхпүтэ буолла.
Онтон аҕам халҕаны сэгэтэн, кыра сүгэтинэн аан холуодатын суорбута буолла. Онтон, дьэ, кыылын ийэбинээн, эмиэ төһүүлэспитэ буолан баран, икки өттүттэн көтөҕөн, дьиэҕэ киллэрдилэр. Оһох кэннигэр илдьэн ириэрэ уурдулар.
Ити аата урукку үгэһи тутуһан, булт салыйбатын, айаҕа киирэ турарын курдук дьаһаммыттар эбит, аны санаатахха.
Мэччикээт бэрт сымнаҕас, хап-хара, минньигэс эттээх этэ. Сэдэх булт. Булчут аайы мээнэ түбэспэт».
Таайым Сэмэн мэччикээт туһунан кэпсээнин бэркэ сэргээн истибитим.
Сарсыныгар таайым тырамбаайынан Малдьаҕардаабыта.
Максим Ксенофонтов.