Даачалары халаабыт уоруйаҕы туттулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күһүҥҥүттэн саҕалаан киин куорат полициятыгар дьонтон сайабылыанньа кииртэлээн барбыт. Куорат таһыгар баар дьиэлэриттэн, даачаларыттан малларын уордарбыттарын туһунан.

edersaas.ru

Итинник ис хоһоонноох икки сайабылыанньа Нам улууһун полициятыгар эмиэ киирбит.

СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу чахчыларынан процессуальнай бэрэбиэркэ бара турар кэмигэр оперативниктар номнуо бу уоруулар биир киһи «буочара» буоларын билбиттэр —  сүрүннээн, тутууга аналлаах электроинструменнары, кыһыл көмүс киэргэллэри уонна да атын маллары уорар эбит.

Уорууга уорбаланааччы туттулар — Намтан төрүттээх 33 саастаах киһи. Барыта 12 уорууга (эпизод) уорбаланар.

Сорох дьон малларын уордарбыттарын билбэккэ да сылдьыбыттар — кинилэргэ полицейскайдар эппиттэр.

Бу чахчыларынан «уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллэн силиэстийэлэнэр.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар: СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0