Дьааҥы улууһугар вице-премьер Денис Белозеров салайааччылаах бырабыыталыстыба бөлөҕө үлэлиир.
edersaas.ru
Бэҕэһээ, олунньу 20 күнүгэр, Адыаччы олохтоохторун кытары көрүстүлэр. Нэһилиэккэ тыын суолталаах боппуруоһунан – оскуола тутуута буолар. Билигин 126 үөрэнээччи 1934 сыллаахха тутуллубут эргэ дьиэҕэ үөрэнэр. Оттон оҕо саадын дьиэтэ эмиэ эргэрэн, балаһыанньа кытаатта.
Денис Белозеров нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүгэ Тутуу министиэристибэтин 120/75 миэстэлээх типовой оскуола-оҕо саадын тутуутун бырайыагын туһунан кэпсээтэ. Улуус дьаһалтата оскуола тутуутун өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматыгар киллэртэрэр курдук сайаапка түһэриэхтээхтэрин туһунан эттэ.
Бүгүҥҥү туругунан нэһилиэккэ 954 киһи олорор. 1002 сылгылаахтар, 250 ынах-сүөһүнү тутан олороллор.
Адыаччылары билигин өссө экология боппуруоһа долгутар. Онон олохтоохтор Сартаҥ уонна Адыаччы өрүстэргэ үлэлиир артыаллар үлэлэрин бэрэбиэркэлиир туһунан этии киллэрдилэр.
Биһ. корр., edersaas.ru