Дьааҥылар быраас туруорсубуттара алта сыл буолбут

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Бырабыыталыстыбатын толорор былааһа ааспыт нэдиэлэҕэ Дьааҥы улууһугар үлэлээтэ. Уопсайа 21 киһиттэн турар бөлөх, түөрт хайысханан биир даҕаны нэһилиэги, дөрү кыракый учаастагы да хаалларбакка барытыгар сылдьан отчуоттаата, нэһилиэнньэни кытта ортотунан үстүү чаас кэпсэттэ, ону таһынан объектарынан сырытта. Бөлөҕү СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров салайда. Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

Дьааҥыга халлаан туруга мөлтөх буолан, “Якутия” авиахампаанньа тохтоон, күн аҥаара Дьокуускай пордугар олордубут. Эбиэт кэнниттэн дьэ, кэмниэ кэнэҕэс көттүбүт. Инньэ гынан Баатаҕайга үлэ чааһа бүтүөн эрэ иннинэ тиийдибит. Ол да буоллар сарсыҥҥытыттан тыын ылар да иллэҥэ суох, үлэ үөһүгэр түстүбүт. Мин СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин солбуйааччы Николай Макаров салайар бөлөҕөр киирсэн, Дулҕалаах-Суордаах-Мачах-Бордоҥ-Верхоянскай-Баатаҕай хайысхатынан сырыттыбыт. Хоту улуус, кытыы сир диэх курдук, айана ырааҕа, уһуна. Ону ааһан сылаалаах. Чэ ол, биһиги биирдэ баран кэлэр дьоҥҥо туох буолуой, отуччалыы сыл тутуу барбатах, алталыы сыл быраас көрдүүр, үс сыллааҕыта үлэҕэ киирбит тутуу биэс уон кыраадыстан тымныйда да, 15 кыраадыска түһэн хаалар тымныы дьиэлэрдээхтэр. Онтон да атын кыһалҕалара элбэх.
Дулҕалаах нэһилиэгэ улуус кииниттэн 300-чэкэ килэмиэтир ыраах сытар. Быраастара суох буолан, улаханнык эрэйдэнэллэр эбит. Быраас көрдөөбүттэрэ алта сыл буолбут. Улуус кииниттэн ыраах буолан эбитэ дуу, эдэр дьон ыйыталаһан көрөллөр эбит эрээри, ким да тиийэн үлэлиэн баҕарбат үһү. Алта сыл тухары бырааһа суох олорор диэн иэдээн дьыала эбээт. Отчуоттуур бөлөх дьоно бэйэҕит оҕолоргутун иитэн таһаарыҥ диэн сүбэлииллэр. Маннык түгэннэргэ, урукку курдук үөрэҕи бүтэрбит дьону анаан кэбиһэллэрэ эбитэ буоллар, диэх санаа үөскүүр.
“Быйылгы сылтан ыла үрдүк үөрэҕи бүтэрээччилэргэ саҥа систиэмэ киирэр. Ол курдук, уруккутун курдук интернатураҕа барбаттар, тута учаастак бырааһынан, педиатрынан үлэлииллэр. Үс сыл үлэлээн баран, салгыы бэйэлэрин баҕаларынан клиническэй ординатураҕа үрдэтиниэхтэрин, аспирантураҕа барыахтарын сөп. Онон дулҕалаахтар дьэ, бэйэҕит быраастанар инигит”, — диэн СӨ доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин үлэтин хааччыйар управление дириэктэрин солбуйааччы Алена Никитина эрэл санаалааҕын биллэрдэ итиэннэ улуус анал миэстэнэн (целевой) олохтоох оҕолору үөрэттэрдин диэн сүбэлээтэ.
Кырдьыга да оннук, бэйэлэрин оҕолоро дойдуларыгар тиийэн үлэлиэхтэрин баҕарбат буоллахтарына, киин улуус ыччата тиийэн үлэлииргэ тиэтэйбэтэ чахчы. Күһэйии өттүнэн бардахтарына даҕаны, уһуннук үлэлээбэттэрэ биллэр. Онон олохтоохтук оҥостор наада быһыылаах.
Ону таһынан 2014 сыллаахха “Үтүө дьыала” хамсааһын чэрчитинэн тутуллубут 30 миэстэлээх оҕо саадыгар, таһырдьа 50 кыраадыстан тымныйда да, дьиэ иһигэр 15 кыраадыска түһэн хаалар эбит. Биһиги тиийиибитигэр, оҕолор унтуулаах, халыҥ таҥастаах аһыы олороллорун туһунан суруйан турабын. Үтүө дьыала диэн бу буоллаҕа дуу?!

Аны Дулҕалаах, Суордаах осуколаларын оҕотун ахсаана аҕыйах буолан, былырыыҥҥыттан ыла биир кэлим эксээмэни, уопсай судаарыстыбаннай эксээмэни Верхоянскайга баран туттардыннар диэн ууга-уокка түһэрэллэр эбит. “Сайынын мотуор эрэ сылдьар буолан, айана өссө уһаан биэрэр уонна сыаната да ыарахан, оҕону кытта төрөппүт хайаан да барсыан наада”, — диэн олохтоохтор санааларын биллэрэллэр. Былырыын сурук үөһэ сурук суруйан, миэстэтигэр ыыттарбыттар. Быйыл эмиэ Верхоянскай куоракка дэһэллэр диэн оскуола үлэһиттэрэ туруорсан хал буолбут саҥалара иһиллэр.
Маныаха бөлөҕү салайан илдьэ сылдьар СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин солбуйааччы Николай Макаров: “ Үөрэнээччигит аҕыйах эбит. Былырыын 47 оҕо буоллаҕына, быйыл 39 эрэ үөрэнээччилээх эбиккит. Туруорсарга судургу буоларын курдук, инникитин демография боппуруоһугар күүскэ үлэлэһиҥ“, — диэн сүбэлээтэ. Итиэннэ СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин уопсай үөрэҕи сайыннарар салаа кылаабынай исписэлииһэ Мария Слепцоваҕа туһаайан, тус бэйэҥ хонтуруоллууруҥ буоллар, мин миниистир Владимир Егоровка маннык балаһыанньа үөскээбитин тиэрдиэм этэ диэтэ. Мария Слепцова: “Биир кэлим эксээмэни ыытыы быраабылата сыллата кытаатан иһэр, онон былырыыҥҥыгыт курдук нэһилиэк уонна улуус баһылыктарын аатыттан СӨ үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр сайаапка суруйуоххутун наада”, — диэн сүбэлээтэ.
Итини таһынан олохтоохтор Элбэх функциялаах киин (МФЦ) үлэһиттэрэ нэһилиэктэргэ тиийэн миэстэтигэр үлэлээбэттэрин, судмедэкспертиза, ниобий хостонуутун, мелиорация боппуруоһун, эдэр предпринимателлэри өйүүр фонд, Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста, хаһыат кэмигэр тиийбэтин, ону ааһан сорох нүөмэрдэрэ кэлбэттэрин, пенсия намыһаҕын, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах уо.д.а. боппуоруостарга тохтоотулар.
Улууска биир эрэ киһи үлэлиир дуу, диэх санаалар кииртэлээн ылар түгэннэрэ эмиэ баар. Ол курдук, мин сылдьыбыт нэһилиэктэрбэр олохтоохтор тура-тура улуус кылаабынай бырааһыгар Ольга Иннокентьевна Гатиловаҕа махталларын биллэрэллэр. Оҕолору, улахан дьону кэмиттэн-кэмигэр биирдиилээн быраастар тиийэн миэстэтигэр көрөллөр эбит. Ыраах олорор нэһилиэк олохтоохторугар ити улахан көмө эбээт.
Дулҕалаах улуус кииниттэн төһө да ыраах сыттар, бэркэ тэринэн олороллор эбит. Нэһилиэккэ саҥа культурнай-спортивнай комплекс тутуута былааннанар, салгыы оскуола туруорсуохпут дэһэллэр. Ити курдук, уопуттаах баһылык Виктор Павлович Стручков салайааччылаах нэһилиэк былаана киэҥ, инникитэ сырдык.

Людмила Попова, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru/

Хаартыскаҕа: Нэһилиэк баһылыга Виктор Стручков, үһүс бөлөҕү салайан илдьэ сылдьыбыт, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин солбуйааччы Николай Макаров, Дьааҥы улууһун тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Сергей Быков. Дулҕалаах нэһилиэгэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0