Дьааҥыга ууттан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө салҕанар

Бөлөххө киир:

Дьааҥы улууһугар уу содулуттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмө салҕыы оҥоһуллар.

Атырдьах ыйын 16 күнүнээҕи туругунан,  Дьааҥы улууһун  улахан  уу содулуттан  эмсэҕэлээбит олохтоохторуттан 7 190 сайабылыанньа киирдэ, ол иһигэр, биир кэмнээх үбүнэн көмөҕө — 4 240, бастакы наадалаах баайы-дуолу сүтэриини кытары сибээстээх үбүнэн көмөҕө — 2 939, доруобуйаҕа охсууну кытары сибээстээх үбүнэн көмөнү ыларга 11 сайабылыанньа киирдэ.
СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ 6 638 сайабылыанньаҕа (92%) быһаарыы ылынна, онтон 4 405 — сөбүлэһэр быһаарыы.
Дьааҥы улууһун муниципальнай тэриллиитин бүддьүөтүгэр СӨ саппаас пуондатыттан бастакы наадалаах баайы-дуолу сүтэрбиттэргэ биир кэмнээх уонна үбүнэн көмөнү оҥорорго 29 115 000,00 бэрилиннэ. Бу үп 100% тыырылынна.

Атырдьах ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, 2 716 киһиэхэ 22 мөлүйүөн 855 тыһыынча солкуобай  бэрилиннэ, ол иһигэр, :
-1 мөлүйүөн  880 тыһыынча солкуобай  Адыаччы нэһилиэгэр,
270 тыһыынча солкуобай  Борулаах нэһилиэгэр,
— 6 мөлүйүөн 870 тыһыынча солкуобай Дьааҥы куоракка,
— 225 тыһыынча солкуобай  Сартаҥ нэһилиэгэр,
— 255 тыһыынча солкуобай Элгэт нэһилиэгэр,
— 2 мөлүйүөн 430 тыһыынча солкуобай Бабушкинскай нэһилиэккэ,
— 7 мөлүйүөн 435 тыһыынча солкуобай Суордаах нэһилиэгэр,
— 3 мөлүйүөн 490 тыһыынча солкуобай Дулҕалаах нэһилиэгэр.

Дьаһалта регламенын быһыытынан, нэһилиэнньэ үбүнэн көмөнү оҥорор туһунан сайабылыанньаны ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибит кэмиттэн 30 халаандаарынай күн устата (атырдьах ыйын 13 күнүгэр диэри) биэрэр бырааптаах. Сайабалыанньа 11 халандаарынай күн устата көрүллэр. Ол эбэтэр, үлэ атырдьах ыйын 24 күнүгэр түмүктэнэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0