Дьааҥыга уу таһыма кыралаан түһэр

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап Дьааҥы улууһугар 16.00 чаастааҕы балаһыанньаны иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Дулҕалаах өрүс. Суордаах сэлиэнньэтэ

Ууга барбыт эбийиэк суох. От ыйын 11 күнүгэр 88 уһаайбалаах учаастак, ол иһигэр 85 олорор дьиэ (317 киһи олороруттан 76 – оҕолор), оскуола, биэлсэр-акушер пууна, оҕо уһуйаанын дьиэлэрэ ууттан босхолоннулар. Билигин олорор дьиэлэри куурдаллар. 71 улахан  киһи, ол иһигэр 41 оҕо, атын сиргэ көһөрүлүннэ. Ыксаллаах быһыы-майгы содулларын туоратарга 40 улахан киһи, ол иһигэр Саха сирин быыһыыр сулууспатын уонна Арассыыйа Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин быыһааччылара  3 тиэхиньикэнэн уонна 6 ууга устар сириэстибэнэн үлэлииллэр.

Уу таһыма  түһэрэ бэлиэтэнэр (704 см).

Томтор сэлиэнньэтэ

Ууга барбыт эбийиэк суох. От ыйын 12 күнүгэр ууттан 95 уһаайбалаах учаастак, ол иһигэр  135 нэһилиэнньэлээх 50 олорор дьиэ босхолонно. Дьону харыстыыр туһуттан 135  улахан киһи, ол иһигэр 45 оҕо атын сиргэ көһөрүлүннэ. 40  киһи киирэр быстах кэмнээх пууҥҥа 9 улахан  киһи, ол иһигэр 2 оҕо, баар. Чөлүгэр түһэрэр үлэлэр ыытыллаллар, уу содуллара туоратыллаллар. Үлэҕэ 20 киһи, ол иһигэр  Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин 7 үлэһитэ 3 тиэхиньикэлээх уонна 7  ууга устар тэриллээх үлэлиир.

Уу таһыма 222 см түһэн, 608 см тэҥнэстэ.

Боруулаах өрүс. Токума сэлиэнньэтэ

Ууга барбыт эбийиэк суох. От ыйын 12 күнүгэр 26 уһаайбалаах учаастак ууттан босхолонно. Манна 95 улахан киһи, ол иһигэр 34 оҕо, олорор. 115 киһи киирэр кыахтаах быстах кэмнээх пуун үлэлиир. 7  улахан киһи, ол иһигэр 3 оҕо, аймахтарыгар  көстө.

Уу таһыма — 444 см.

Адыаччы өрүс. Бөтөҥкөс сэлиэнньэтэ

719 улахан киһи, ол иһигэр 195 оҕо, олорор 47 олорор дьиэтэ уонна 153 тиэргэн ууга былдьанна. 250 киһиэхэ анаммыт быстах кэмнээх пууҥҥа 12 улахан киһи, ол иһигэр  5 оҕо,  баар. 72 киһи аймахтарыгар уонна билэр дьонноругар көһөрүлүннэ. 27  улахан киһини, ол иһигэр 22 оҕону, Баатаҕайга илтилэр.

Уу таһыма 950 см тиийэн, сыыйа-баайа түһэн эрэрэ бэлиэтэнэр.

Дьааҥы өрүс. Боронук сэлиэнньэтэ

55 уһаайбалаах учаастак, ол иһигэр 55 олорор дьиэ ууга былдьанна. Манна 272 улахан  киһи, ол иһигэр 75 оҕо, олорор. 50 киһи киирэр быстах кэмнээх пуун үлэлиир. 44  улахан киһи, ол иһигэр 12 оҕо, аймахтарыгар көстө. Бүгүн 16 киһи Боронуктан Баатаҕай бөһүөлэгэр көттө. Ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратарга 45 киһи уонна 3 тиэхиньикэ үлэлиир.

Уу таһыма – 1078 см.

Дьааҥы куорат

60 уһаайбалаах учаастак, ол иһигэр 60 олорор дьиэ ууга барда. Дьон ахсаана чопчуланар. 150 киһи киирэр икки быстах кэмнээх пууҥҥа 23 улахан киһи, ол иһигэр 9 оҕо, олохсуйда. Суукканы быһа дьуһуурустуба тэрилиннэ. Ыксаллаах быһыыны-майгыны туоратарга 40 киһи, ол иһигэр Саха сирин быыһыыр сулууспатын 4 үлэһитэ уонна 6 тиэхиньикэ тардылынна.

Уу таһыма 1078 см.

Баатаҕай бөһүөлэгэ

Ууга барбыт олорор дьиэ уонна уһаайбалаах учаастак суох. Суукканы быһа дьуһуурустуба олохтонно. Миэстэтигэр 80 киһи, 6 тиэхиньикэ үлэлиир. Быһыт-суолу бөҕөргөтүү үлэтэ салҕанар. 80 киһи, 6 анал тиэхиньикэ үлэлиир. 1000м3 ПГС аҕалбыттар. Үлэ саҕаланыаҕыттан уопсайа 4150 м3 ПГС тиэлиннэ. 1500 кумахтаах куул бэлэмнэннэ.

16.00 чааска уу таһыма – 903 см.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0