Дьааҥыга уоту тохтоторго

08.08.2019
Бөлөххө киир:

Бу сайыҥҥыттан Дьааҥыга ойуур баһаардара турдулар. Улуус баһылыга Гаврил Чириков ол туһунан маннык кэпсиир:

— От ыйын 31 күнүнээҕи туругунан, Дьааҥыга 386205 га сиргэ уот туран, 26 буруо тахсар сирэ бэлиэтэннэ. 238423,0 га сиргэ 7 ойуур баһаара турда. Уоту умуруорарга 56 киһи, 10 тиэхиньикэ үлэлиир.

Эҥэ нэһилиэгэр 5 ойуур баһаара бэлиэтэннэ, Оһохтоох нэһилиэгэр диэри 4,9 килэмиэтир, Сайдыыга диэри 15,07 килэмиэтир.

Чөрүмчү нэһилиэгин диэки 3 ойуур баһаара турда, нэһилиэккэ диэри 8 килэмиэтир.

Баатаҕайтан 19,7 килэмиэтирдээх сиргэ тахсыбыт ба­­һаар бөһүөлэк диэки баран иһэр. Бөтөҥкөс айан суолугар Баатаҕай үрэҕэр уонна Алыһардаах суолугар диэри уоту тохтотор балаһа оҥоһулунна. Тыал күүһүрдэҕинэ, нэһилиэн­ньэлээх пууҥҥа куттал үөскүөн сөп эрээри, билиҥҥитэ этэҥҥэ, уот бөһүөлэккэ суоһаабат.

Ону таһынан, Остуолба нэһилиэгиттэн 9 килэмиэтирдээх сиргэ 2310,0 га сиргэ уонна Дулҕалаах диэки 53,0 га сиргэ уот турда.

Күн бүгүн нэһилиэктэргэ куттал суоһаабат.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0